«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.64K subscribers
18.6K photos
1.18K videos
1 file
10.8K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_Сонун

🚌 Куорат иһинээҕи уларыйбыт 4 маршрукка дьон-сэргэ сыыйа үөрэнэн, балаһыанньа орун-оннугар түһэн эрэр диир оруннаах. Дьэ оттон куорат уонна кытыы бөһүөлэктэр икки ардыларынааҕы муниципальнай оптуобустарга туох уларыйыы таҕыста?

🚍Бу сылга үктэниэхтэн, ол эбэтэр тохсунньу 1 күнүттэн, “Дьокуускай-Жатай-Дьокуускай” хайысханан сылдьар урукку 109 уонна 111 №-дээх маршруттар оннуларыгар “209-с” уонна “211-с“ диэн муниципальнай оптуобустар сылдьар буоллулар. Сырыы расписаниета – уруккутунан, атына диэн – кэлэ-бара “Бюджетная сфера” диэн түөлбэҕэ тохтоон ааһаллар. Бу уларытыы эмиэ олохтоохтор туруорсууларынан киирбитин бэлиэтиир тоҕоостоох.

🚍Ону тэҥэ 107-с №-дээх маршруту көрдүү сатаан хараххытын сылатымаҥ. Итинник оптуобус мантан инньэ тохтоото. Ол оннугар үөһэ этиллибит саҥа 209-с оптуобус сылдьар. Онуоха айан төлөбүрэ да, Дьокуускай автовокзалыттан Жатайга диэри баар тохтобул ахсаана да оннунан хаалла, уларыйбата.


📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

🚌Сылаас тохтобуллары барытын Дьокуускай куораттааҕы пааркалар уонна уопсастыбаннай туоналар дирекциялара хонтуруоллуур. Оптуобус сылаас тохтобулларын сарсыарда арыйыынан уонна киэһэ хатааһынынан эмиэ бу тэрилтэ дьарыктанар.

Сылаас тохтобуллар сарсыарда 07.00 чааска арыллаллар уонна киэһэ 23.00 чааска хатаналлар.

🤨Бэрээдэктээх дьон эбиппит буоллар, баҕар, түүннэри да аһаҕас буолуохтарын сөбө. Ону баара баары алдьатар дьоммутун, бэл, камера да тохтоппото сыттаҕа.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Арассыыйа үрдүнэн тииһинэн олоруу алын кээмэйэ (прожиточный минимум) былырыыҥҥытааҕар 14,8 % үрдүүр.

Саха сиригэр ити кээмэй былырыын үлэлиир нэһилиэнньэҕэ быйыл 29 187 солк. буолар.
Оттон биэнсийэлээххэ ити кээмэй былырыын 20 067 солк. этэ, быйыл – 23 028 солк.. Оҕолорго былырыын 23 801 солк. эбит буоллаҕына, быйыл – 25 974 солк.
Инньэ гынан, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин биир киһитигэр тиксэр тииһинэн олоруу алын кээмэйэ быйыл 26 777 солк. тэҥнэстэ.

Дьокуускайга нэһилиэнньэ биир киһитигэр тиксэр тииһинэн олоруу алын кээмэйэ – 26 241 солк: үлэлиир нэһилиэнньэҕэ – 28 603 солк., оҕоҕо –  25 67 солк, оттон биэнсийэлээххэ –  25 455 солк.
 
☝🏻ТИИҺИНЭН ОЛОРУУ АЛЫН КЭЭМЭЙЭ төһөнөн быһаарыллара улахан суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, хамнас алын кээмэйэ (МРОТ), хат дьахталлар уонна оҕолоох ыаллар ылар босуобуйаларын, Ийэ хапытаалын ыйдааҕы төлөбүрүн кээмэйдэрэ, биэнсийэҕэ эбии ааҕыы оҥоһуллуута, социальнай хантараак төлөбүрэ быһаччы бу кээмэйтэн тирэҕирэн оҥоһуллар.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

✈️ Тохсунньу 1 күнүттэн «Якутия» авиахампаанньа 2-тэн 12-гэр диэри саастаах оҕолорго көтөр билиэккэ 50% чэпчэтиини биллэрдэ. Хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, тохсунньу бүтүөр диэри номнуо 1600 билиэт атыыламмыт.

Чэпчэтии хампаанньа өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи эриэйсэлэригэр барытыгар биисинэс-кылаастан уратыга көрүллэр. Ол эрээри субсидиялаах, ол эбэтэр эрдэттэн чэпчэтиилээх билиэттэргэ, оҥоһуллубат.

Ил Дархан Айсен Николаев эрдэ эппитин курдук, 50 % чэпчэтиини “Полярные авиалинии” уонна “АЛРОСА” хампаанньалар эмиэ оҥоруохтара.

Санатар буоллахха, дойду баһылыга Владимир Путин ааспыт сыл ахсынньытыгар бырабыыталыстыбаҕа 2025 сыл тохсунньу 14 күнүгэр диэри элбэх оҕолоох ыалларга чэпчэтиилээх билиэт боппуруоһун бэрээдэктииргэ сорудахтаабыта.

Тохсунньу 1 күнүттэн оҕолорго чэпчэтиилээх билиэти Арассыыйа 23 бөдөҥ авиахампаанньата олохтоото. Оттон тохсунньу 10 күнүттэн Арассыыйа бары көтөр хампаанньалара оҕо билиэтигэр 50% чэпчэтиини киллэриэхтэрэ.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Саха сирин волонтердарын ыстааба анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ыытарга сылаас таҥаһы тутар.

Волонтердар ыстааптарын #МЫВМЕСТЕ салайааччыта Айыллаан Винокуров тохсунньу 9 күнүгэр брифиҥҥэ иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ маскировка сиэккэтин уонна чүмэчи оҥоруутугар көмө наада. Маны таһынан региональнай ыстаап гуманитарнай көмөнү хомуйуунан уонна ыытыынан, байыастар таҥастарын уонна экипировкаларын тигиинэн дьарыктаналлар.
Санатар буоллахха, Саха сирэ анал байыаннай дьайыыга былырыын 120 туоннаттан тахса гуманитарнай көмөнү тиэрдибитэ уонна 2300 байыаска аадырыстаах баһыылканы тиксэрбитэ. 
#МЫВМЕСТЕ ыстаап үлэтигэр 800 волонтер кыттыыны ылбыта. 

❇️Гуманитарнай көмөнү тутар аадырыс: Дьокуускай к., Бестужев-Марлинскай уул., 5 (ДОСААФ). Сарсыарда 09.00 чаастан киэһэ 19.00 чааска диэри үлэлиир. 

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын иһинэн Архитектура уонна куораты тутуу управлениета 2025 сылга «Уһук Илин тиэргэннэрин тупсарыы» бырагыраамаҕа киириэн сөптөөх бырайыактарга куонкурус биллэрэр.

💬"Бу иннинээҕи «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» диэн бырагыраамаҕа Саха сирэ бастаан 2022 сылга кыттан, 846 мөл. солк. суумаҕа 124 тиэргэн уонна дьоҕус паарка оҥоһуллубута, 2023 сыллаахха 61 тиэргэни тупсарыыга федеральнай бүддьүөттэн 429 мөл. солк. туһаҕа тахсыбыта, 2024 сылга 94 мөл. солк. суумаҕа 16 тиэргэн тупсарыллыбыта. Быйыл эмиэ федеральнай бүддьүөттэн 111 мөл. солк. киирэрэ күүтүллэр», – диэтэ өрөспүүбүлүкэ кылаабынай архитектора Любовь Папок.

❇️Сайаапкалары б.дь. тохсунньу ый 9 күнүттэн 29 күнүгэр диэри [email protected] электроннай аадырыска туталлар.

☝🏻Тиэргэни тупсарыы бырагыраамата дойду баһылыга Владимир Путин сорудаҕынан ыытыллар. 

Тиэргэни тупсарыы үбүлээһинэ субсидия быһыытынан оҥоһуллар. Кээмэйэ нэһилиэнньэ ахсаанынан быһыллар.


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Хамнас алын кээмэйэ уонна биэнсийэ, босуобуйа “кутуйах хаамыытынан” да буоллар үрдүүрүн кэтэһэр араҥа элбэх.

Бу тохсунньуттан ХАМНАС АЛЫН КЭЭМЭЙЭ (МРОТ) дойду үрдүнэн улаатарын истэн олордоххут. Ол иһигэр Саха сиригэр эмиэ. Чопчута, судаарыстыбаннай бүддьүөттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр хамнастара (доруобуйа харыстыбалын, үөрэх, социальнай эйгэ уонна култуура салаатын үлэһиттэригэр) 16,6 % үрдүүр.

Оттон үөһэ ааттаммыт салаа үлэһиттэриттэн ураты араҥаҕа (бэрт хобдохтук “и прочее” диэҥҥэ киирсээччилэргэ) хамнас 5,7 % үрдүөхтээх.

Манна сыһыаран эттэххэ, Саха сирин үлэһиттэрин Идэлээх сойуустарын федерацията былырыын “прочее” диэҥҥэ киирсээччилэргэ уонна былырыын хамнастара индексацияламматах судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтарга 2025 тохсунньу 1 күнүттэн – 7,2%, от ыйыттан 9,4% үрдэтэргэ этии киллэрэ сылдьыбыта өйөммөтөҕө.

Сиһилии:
https://kiinkuorat.ru/articles/hamnas-alyn-keemeye


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

"Земскэй култуура үлэһитэ" бырагыраама олоххо киирдэ

🎭2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн «Земскэй култуура үлэһитэ» бырагыраама үлэлээтэ.

Тыа сиригэр, аҕыйах нэһилиэнньэлээх куораттарга үлэлии тиийбит култуура исписэлиистэригэр 1 мөлүйүөн солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр оҥоһуллуоҕа. Уһук Илиҥҥэ бу суума икки бүк үрдүк – 2 мөлүйүөҥҥэ тэҥнэһэр. 

Быйыл 11 орто уонна үрдүк үөрэхтээх култуура эйгэтин үлэһиттэрэ дуогабар түһэрсэн араас улуустарга үлэлии тиийиэхтэрэ. Онуоха 22 мөл.солк. көрүллүбүт. Олох көрдөрөрүнэн, тыа кулууптарыгар ордук хореографтар, хормейстердар уонна театр үлэтин сүрүннээччилэр тиийбэттэр.

Бу бырагыраама 2030 сылга диэри үлэлиир. Кыттааччылар сүүмэрдээһини ааһаллар. Саҥа үөрэхтэрин бүтэрбит специалистар эбэтэр уопуттаах үлэһиттэр буолуохтарын сөп. Саамай сүрүнэ - биэс сыл анаммыт сирдэриттэн харыс да халбарыйбакка үлэлиэхтээхтэр.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Доруобуйа харыстабылын 15 бөдөҥ эбийиэгэ тутуллуоҕа

🏥 Тохсунньу 10 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев доруобуйа харыстабылын боппуруостарыгар мунньахха чугастааҕы сылларга медицинэ инфраструктуратын сайыннарыыга «Уһун уонна көхтөөх олох», «Дьиэ кэргэн» уонна «Доруобуйаны харыстыыр аныгы технологиялар» диэн саҥа национальнай бырайыактар үлэлиэхтэрэ диэтэ. 

Ол курдук, 2028 сылга диэри тутуллуохтаах 15 саҥа бөдөҥ эбийиэктэн аҕыһа номнуо 2025 сылга үлэҕэ киириэҕэ: Амма сэлиэнньэтигэр поликлиника, Бүлүү уонна Ньурба куораттарыгар, Нам улууһун Намыгар уонна Үөһээ Бүлүү Андреевскайыгар сытар балыыһалар, Майаҕа балыыһа комплекса, Кэбээйи улууһугар Сангаарга поликлиникалаах комплекс, Аллараа Бэстээххэ учаастактааҕы балыыһа. 

Өссө ханна туох тутулларын манна аах

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Биэнсийэ туһунан

❇️Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар.

Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар.
Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар.

❇️РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:          
Холобур, үлэлии сылдьар биэнсиэйэлээх ыйдааҕы биэнсийэтэ – 19 тыһ. 527 солк. 94 харчы. Оттон кини үлэтиттэн тохтоон олорбута буоллар, ити биэнсийэтэ 36 тыһ. 351 солк. 59 харчы буолуохтааҕа. Дьэ, бу кэнники суумаҕа тирэҕирэн, 7,3 % индексация ааҕыллар. Ол аата, 36351,59 х 7,3 % = 2 653, 11. Тахсыбыт суума билигин ыла сылдьар биэнсийэтигэр эбиллэн (19 527,94 руб. + 2 653,11 руб.), илиитигэр 22 тыһ. 181 солк. 05 харчыны ылар буолар.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/biensiye-tu-unan

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta