«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.64K subscribers
18.6K photos
1.18K videos
1 file
10.8K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_Сынньалаҥҥа

🚀Муус устар 12 күнэ – Космонавтика күнэ

🧑🏻‍🚀Бу күн 1961 сыллаахха Юрий Гарарин Байконуур космодромтан "Восток" хараабылынан ыраах космоска тахсан Сири 108 мүнүүтэ иһигэр эргийбитэ уонна тыыннаах төннөн кэлбитэ.

Бу күҥҥэ анаан "Киин куорат" матырыйаалларын ааҕыҥ!

🚀Аныгы үйэ ыччата космонавт буолуон баҕарар дуо?
Уһуйаантан саҕалаан үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр тиийэ өрөспүүбүлүкэ уонна атын регион оҕолоро космонавтикаҕа сыһыаннаах дакылааттарын, бырайыактарын дьүүллүүр сүбэҕэ, бэйэ бэйэлэригэр билиһиннэрдилэр.
➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/anygy-ye-ychchata-kosmonavt-buoluon-ba-arar-duo

🪐Саргылана ЗАХАРОВА: “Бу олоххо тугу барытын ситиһиэххэ сөп”
Саргылана Егоровна Захарова –  психология наукатын кандидата, социальнай психология, имиджелогия, акмеология, космос уонна авиация психологиятын, аэрокосмическэй эйгэҕэ уопсастыбаннаһы кытта сибээс исписэлииһэ, 40-тан тахса научнай үлэ ааптара.
➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/sargylana-zaharova-bu-olohho-tugu-barytyn-siti-iehhe-s-p

🌌Саха ыччатын угуйар киҥкиниир киэҥ куйаар
Дьокуускайга иккис төгүлүн ыытыллыбыт С.П.Королев аатынан научнай ааҕыыларга космонавт-испытатель Олег Артемьев кэлэн барда. Космос куйаарыгар чахчы тахса сылдьыбыт, СССР уонна Арассыыйа 118-с космонавта, аан дойду 534-с астронавта буолбут билиҥҥи кэм геройун кытта саҥа арыллыахтаах 39-ус нүөмэрдээх оскуолаҕа көрсүһүү буолан ааста.
➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/saha-ychchatyn-uguyar-ki-kiniir-kie-kuyaar

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

🎞Бүгүн, муус устар 13 күнүгэр, 23:35 чааска Первай ханаалга Любовь Борисова "Кэрэни көрбүт" ("Не хороните меня без Ивана") киинэтин "Закрытый показ" бырагырааммаҕа көрүҥ

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

🖼🎨Иван Васильевич Попов 150 сааһа

СӨ Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлигэр худуоһунньук Иван Васильевич Попов төрөөбүтэ 150 сылыгар аналлаах “Талыллыбыт айымньылар” быыстапка арылынна.

Быыстапкаҕа худуоһунньук баай нэһилиэстибэтиттэн киирбит 90 экспонат иһигэр “Ойуун” (1926), “Ньирэй” (1926), “Дьокуускай XVII үйэ бүтүүтүгэр” (1928) диэн биллэр үлэлэрэ турбуттар. Ону таһынан режиссер Любовь Борисова “Кэрэни көрбүт” киинэтигэр анаан оҥоһуллубут реквизиттары көрүөххэ сөп.

Быыстапка ыам ыйын 24 күнүгэр диэри НХМ быыстапкалыыр саалатыгар (Киров уул., 12, 2-с этээс, “Комдрагметалл” дьиэтэ) буола турар.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/ivan-vasilevich-popov-150-saa-a

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

«Киэҥ киэли кистэлэҥэ» Александр Манжурьев айар быыстапката

СӨ Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлигэр худуоһунньук, скульптор, ювелир Александр Манжурьев “Киэҥ киэли кистэлэҥэ” диэн айар үлэтин быыстапката арылынна.

Александр Манжурьев уран тарбахтаах, бэйэтэ туспа көрүүлээх, ураты буочардаах худуоһунньук. Олоҥхо, остуоруйа, фольклор муҥурун булларбат тиэмэлэрэ киниэхэ чугастара сөхтөрөр. Ол курдук быыстапкаҕа “Күлүк”, “Күн дойдутугар айан”, “Куоҕас суола”, “Уйа”, “Күлүмэн”, “Биһик”, “Кийиит”, “Аан Алахчын хотун” илин кэбиһэр уонна да атын үлэлэрэ турдулар.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/kie-kieli-kistele-e-aleksandr-manzhurev-ayar-byystapkata

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

📖Принц
Ааптар: Галина ОКОНЕШНИКОВА

Маайыска дьэ бу күһүн ас маҕаһыыныгар атыылааччы үлэтин булан үөрэ-көтө сылдьар.

Оскуоланы ортотук эрэ бүтэрбитэ уонна, куоракка эрэ буоллун диэн, эксээмэнэ суох ПТУ-га биир сыллаах "продавец-кассир" идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Тыаҕа туох үлэтэ кэлиэй, онон, үөрэҕин бүтэрэн уопсайыттан тахсаат, онно-манна кыбыллан олорон куоракка сайыны быһа үлэ көрдөммүтэ.

Бастаан биир кылааска үөрэммит кыыһа эдьиийин дьиэтигэр ыраах куорат таһыгар олороругар дьукаахтаһа сылдьыбыта, биир тастыҥ эдьиийэ муоста сууйар уопсайыгар кыра хостооҕор да хонуталаабыта, төлөбүрүгэр эдьиийин солбуйан муоста сууйара, эмиэ да аймахтарыгар оҕо көрсөн олорсо сылдьыбыттааҕа.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/princ

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

Булчут сиэрэ-туома

Көнө майгылаах, үөрүнньэҥ, сайаҕас, сайдам киһи үтүө булчут буолар. Булчут киһи бэйэтин туһунан мээнэ кэпсэммэт, киһиргэммэт. Сир-дойду, көтөр-сүүрэр туһунан айахха киирбиччэ мээнэ тылласпат. Ол эрээри сылбырҕа, мүччүргэннээх кэмҥэ уолуйбат, киэҥ, холку көҕүстээх, наада буоллаҕына быһаарыныылаах, күүстээх-уохтаах, сырыыны-айаны тулуйар, хорсун, эр санаалаах буолар.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/bulchut-siere-tuoma

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

🎉Муус устар 27 күнэ–Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн ыытыллар сүрүн тэрээһиннэр👆

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

Дьокуускайга улуу убайдар ааттарынан уулуссалар, сквердэр уонна пааматынньыктар

Муус устар 27 күнэ Сахабыт сирин историятыгар бэлиэ суолталаах. Бу күн 1922 сыллаахха РСФСР иһинэн Саха АССР тэриллибитэ. 70 сыл ааспытын кэннэ, 1992 сыллаахха, бу дьоһун даатаны бэлиэтээн, муус устар 27 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэ күнүн бэлиэтиир туһунан дьаһал ылыллыбыта.

Икки сыллааҕыта, 2022 сыллаахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бүттүүнэ Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээбитэ.
Өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар судаарыстыбаннаһы олохтоспут улуу убайдарбыт М.К. Аммосов, П.А. Ойуунускай, И.Н. Барахов, С.М. Аржаков о.д.а. ааттарын уулуссалары, сквердэри, пааматынньыктары үйэтитэллэр.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/dokuuskayga-uluu-ubaydar-aattarynan-uulussalar-skverder-uonna-paamatynnyktar

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

🎈Үлэ, Эйэ, Маай бырааһынньыга Дьокуускайга

Ыам ыйын 1 күнэ сэбиэскэй кэм саҕаттан сыллата араас идэлээх, саастаах дьону сомоҕолуур, үлэнэн иитиллэр норуоту өрө тутар, эйэлээх, түмсүүлээх буолууну айхаллыыр сэлэлии хаамыынан бэлиэтэнэн кэлбитэ.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/le-eye-maay-byraa-ynnyga-dokuuskayga📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

🏺Саха сирин туой иһиттэрэ: таас үйэттэн билиҥҥигэ тиийэ

Дьокуускай куорат историятын түмэлигэр “Саха керамиката: умнуллууттан сөргүтүллүүгэ диэри” быыстапка аһылынна. Быыстапканы тэрийиини СӨ Керамистарын сойууһа, “Көмүлүөк” хампаанньа, “Туой Арт” мастарыскыай, Арктикатааҕы научнай-чинчийэр киин, ХИФУ археологияҕа, этнографияҕа түмэлэ, Гуманитарнай чинчийии института өйөөтүлэр.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/saha-sirin-tuoy-i-ittere-taas-yetitten-bili-ige-tiiye

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

🌼🌼🌼Сайылык күнүн көрсөр бырааһынньыктааҕы бырагырааммата☀️

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

📸Кыайыы күнэ — Дьокуускайга
(фоторепортаж)

Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Улуу Кыайыы 79 сылын биэлиэтиир тэрээһиннэр Орджоникидзе, Кыайыы болуоссаттарыгар аастылар.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/kyayyy-k-ne-dokuuskayga

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

🎨Түмэллэр күнүгэр анаан Константин уонна Эдуард Путинцевтар "Енисейтан Аляскаҕа диэри" уруһуй быыстапкатын Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ көрүн-сэргээн.

Эдуард Путинцев идэлээх архтектор, урукку сылларга Дьокуускайга ХИФУ ГУК дьиэтин уонна Нуучча тыйаатырын бырайыактаабыт киһи буолар. Маны тэҥэ Саха сиригэр араас экпедицияларга сылдьан тугу көрбүтүн-истибитин акварель кыраасканан хаартыскаҕа тэҥнээх уруһуйдары оҥороро.

Кини уола Константин Путинцев аҕатын туйаҕын хатаран, эмиэ архитектор уонна худуоһунньук үөрэхтээх, Арассыыйа араас муннуктарыгар сылдьан, айылҕа кэрэ көстүүлэрин уруһуйдуурун умнубат.

"Енисейтан Аляскаҕа диэри" быыстапка бэс ыйын 16 күнүгэр диэри НХМ сүрүн дьиэтигэр ааһыаҕа.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#КК_Сынньалаҥҥа

☀️Орджоникидзе болуоссатыгар Сайылык күнүгэр аналлаах кэнсиэр, атыы-эргиэн, араас оонньуулар буола тураллар

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

📖Дьону үүртэлээһин
(«Бэчиэкэн баатырдара» сэһэнтэн быһа тардыы)

Тойон арыы сирэ отунан, сибэккитинэн, балыктаах күөллэринэн, көтөрүнэн-сүүрэринэн, куһунан-хааһынан, ойоосторунан эрэ баай буолбатах этэ. Манна араас минньигэс суортаах отоннор үүнэллэрэ: хаптаҕас, моонньоҕон, хаппырыас, дөлүһүөн, биэ эмиийэ уо.д.а. Ол былдьаһыктаах айылҕа аһын эккирэтиитигэр дьон-сэргэ бөҕөтө кутуллан кэлэрэ. Дьэ, оннук “ыҥырыллыбатах ыалдьыттары” биһиги сирбититтэн харса суох үүртэлии сатааччыбыт. Үүрдэттэрээччилэр! Оттон бэйэбит ийэлэрбитигэр анаан хомуйааччыбыт дуо?

Биллэн турар, суох!.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/donu-rtelee-in

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сынньалаҥҥа

📖Аата суох ойуун

Былыр Бэс күөлүн алааһын булуҥар сүөһүтэ да, сылгыта да суох аҥаардас, «Аата Суох» диэн ойуун олорбут. Кини булдунан, балыгынан, ону таһынан ыҥырыынан ойууннаан айаҕын ииттэр эбит.

Кырдьаҕас өлөр кэмэ кэлэн дуу, хайаан дуу, эмискэ кэриэһин эппэккэ өлбүтүн булан ылан өтөҕүн таһыгар, Сиинэ кытыытыгар Харыйа үрэх булуҥар, уҥуох туппуттар.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/aata-suoh-oyuun

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta