КЭСКИЛ
1.34K subscribers
8.4K photos
1.57K videos
26 files
4.35K links
☀️ Детское издательство «Кэскил» им. Н.Е. Мординова-Амма Аччыгыйа

keskil14.ru
Download Telegram
Саха сириттэн соҕотох буолуо, Василий Александрович Сухомлинскайы кытары суруйсубут киһи... Киирэн ааҕыҥ, сэргээҥ.

Мин эбэм уһулуччулаах педагог Василий Сухомлинскайы кытары суруйсубута.

📝 1970-с сылларга Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Люда Степанова уһулуччулаах педагог Василий Александрович Сухомлинскайга өйтөн суруйуутун ыыппыта уонна харда эппиэт туппута. Бу кэмҥэ кини оскуоланы бүтэрээри, олоххо суолун, идэтин таларга мунаахсыйа сылдьар эдэркээн кыыс муунтуйар санааларын дойду бастыҥ учууталыгар, «идеал» оҥостор киһитигэр кумааҕыга тиһэн суруйбута.

✉️ В.А. Сухомлинскай бу кэмҥэ төһө да ыараханнык ыалдьа сырыттар (ити кэннэ икки ыйы кыайбатынан суох буолбута), харда ыыппыта...

Сиhилии: https://keskil14.ru/min-ebem-u-uluchchulaah-pedagog-vasilij-suhomlinskajy-kytary-surujsubuta/

#ПедагогуоннаУһуйааччысыла
#Годпедагогаинаставника

@keskil_media2020
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🌿🌿🌿 С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар 19-с педагогическай дьаарбаҥка иһинэн "Образовательный парк как пространство для развития функционально-грамотной личности в условиях сельской школы" ыытыллар 6-с түһүлгэ нэһилиэк, оскуола ыкса сибээстээхтик үлэлээн, сайдыы суолун торумнуур сыаллаах-соруктаах оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтин сайыннарар бырайыактары оҥорооһунугар олоҕурар.

🌿🌿🌿 Бу кэмҥэ барыта биэс хамаанда тиритиилээхтик-хорутуулаахтык бырайыактары суруйууга үлэлии олорор. Хас биирдии хамаанда бырайыагын көмүскээбитин кэннэ, үс бастыҥ миэстэни экспердэр быһаарыахтара, ол иһиттэн кыайыылаах хамаанда бырайыага сыл иһигэр олоххо киириэхтээх.

🌿🌿🌿 Хамаандаларга, педагогтарга ситиһиилээх үлэни!

#педярмарка2023
#педагогуоннауһуйааччысыла

@keskil_media2020
🌿🌿🌿 Бэс ыйын 26-28 күннэригэр Чурапчы улууһугар 19 төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥка чэрчитинэн С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар «Образовательный парк как пространство для развития функционально-грамотной личности в условиях сельской школы» диэн ааттаах түһүлгэ нэһилиэк уонна оскуола ыкса сибээстээхтик үлэлиир, сайдыы суолун торумнуур сыаллаах-соруктаах оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтин сайыннарар бырайыактары оҥорооһуҥҥа ананна.

🎉🎉🎉 Бырайыактары көрүү түмүгэр кыайыылааҕынан уонна грант хаһаайынынан С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын «Фокусный центр реабилитации детей с ОВЗ» диэн бырайыага ааттанна. Кыайыылаах хамаанда бырайыага сыл иһигэр олоххо киириэхтээх.

Сиhилии: https://keskil14.ru/s-a-novgorodov-aatynan-churapchy-orto-oskuolatyn-byrajyaga-basty-ynan-aattanna/

#педярмарка2023
#ПедагогуоннаУһуйааччысыла

@keskil_media2020
❤️‍🔥 Сегодня на открытии XIX республиканской педагогической ярмарки в селе Чурапча в торжественной обстановке вручили знаки «Лучший руководитель школьного медиацентра».

🚀 Памятные знаки для лучших руководителей школьных медиа-центров - советников директоров по воспитанию вручила директор детского издательства «Кэскил» Ольга Семенова.

👏 Итак, пятёрка лучших руководителей медиашкол "Кэскил":

🌟 Надежда Петровна Громова, 2-я Мальжагарская СОШ Хангаласский улус.

🌟 Лидия Ивановна Лукина, Хадарская СОШ Чурапчинский улус.

🌟 Мария Васильевна Поскачина, Тасагарская СОШ Вилюйский улус.

🌟 Мария Егоровна Павлова, Кобяйская СОШ Кобяйский улус.

🌟 Кэскилээнэ Николаевна Петрова, Майинская СОШ им.Ф.Г. Охлопкова, Мегино-Кангаласский улус.

🫶 Поздравляем, пожелаем дальнейшей плодотворной работы и много ярких юнкоров!

#педярмарка2023
#педагогуоннауһуйааччысыла

@keskil_media2020
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
❄️ Прасковья Егоровна уонна Николай Петрович Стручковтар ыраах Орто Халыма улууһуттан Алаһыай нэһилиэгиттэн сылдьар настаабынньыктар.

👩🏻‍🏫 Прасковья Егоровна 60 сыл педстажтаах, 46 сыл Алаһыай оскуолатыгар математика учууталынан үлэлээн кэллэ, билигин оҕону эбии үөрэхтээһиҥҥэ үлэлиир! Сааһа 77-тэ🔥

👴🏻 Николай Петрович үйэтин-сааһын тухары култуура эйгэтигэр үлэлээбит. 1979 сылтан оҕолору кытта экспедиция хайысхатынан үлэлиир. Нэһилиэккэ 1969 сыллаахха көҥүл тустуу секциятын төрүттээбит, спортсмен 💪

👏 Стручковтар дьиэ кэргэн педагогическай династиялара түөрт педагогы үүннэрэн таһаарбыт, оҕолоро бары учууталлар.

#педярмарка2023
#педагогическайдьаарбаҥка-2023
#педагогуоннауһуйааччысыла

@keskil_media2020
Атах сыгынньах пионертан сыдьааннаах түөрт көлүөнэ педагогтара

🌟 Саха сирин пионердарын бастакы слетун Чурапчы улууһуттан маҥнайгы делегата, Саха АССР үтүөлээх үлэһитэ, 49 сыл педстажтаах учуутал Роман Ильич Васильев кыыһа Ирина Романовна Васильева бэйэтэ 50 сыл педагогическай стажтаах.

🌟 Васильевтар түөрт көлүөнэ педагогтара уопсайа 410 сыл педагогическай стажтаахтар! 🔥

Васильевтар династияларыттан 21 педагог үүнэн таҕыста! 🔥

🎖"Саха Республикатын педагогтарын династията" бочуот знага бэлиэлээх Васильевтар педагогическай династияларын туһунан Ирина Романовна Васильева кэпсиирин көрүҥ, истиҥ,сэргээҥ 👏👏👏

📸 Хаартыскаҕа Чурапчыга ыытылла турар педярмарка кыттыылаахтара, учууталлар, ийэлээх кыыс Ирина Романовна Васильева уонна Марфа Владимировна Жергина, Чурапчытааҕы аграрнай-техническай колледж преподавателэ.

#педярмарка2023
#педагогуоннауһуйааччысыла

@keskil_media2020
Биир ырыанньык дьылҕата

📒 Бу ырыанньыгы сэриигэ ыҥырыллыан эрэ иннинэ 21 саастаах Константин Егорович Еремеев-II Чурапчытааҕы педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан бииргэ үөрэнэр оҕолоругар суруттарбыт.

🎼 Барыта ырыанньыкка 56 киһи, оччотооҕу сэрии кэминээҕи устудьуоннар, билэр, сөбүлүүр ырыаларын суруйан, сорохтор хаартыскаларын сыһыаран өйдөбүнньүк оҥорон хаалларбыттар.

📒 Билигин бу ырыанньык историятынан педагог Варвара Константиновна Еремеева уһуйааччы быһыытынан үүнэр көлүөнэни чинчийэр уонна көрдөтөр үлэҕэ уһуйар.

Сиһилии манна аах: https://vk.com/wall-199463452_7294

#педярмарка2023
#педагогуоннауһуйааччысыла

@keskil_media2020
😇"Оҕо дууһата бэйэтэ кэрдиилээх-кээмэйдээх, дьон сыһыаныгар олус сэргэх уонна уйан"

📖"Чуораанчык алта дьарыга" методическай сүбэлэр "оҕо-төрөппүт-иитээччи-учуутал", "оҕо-дьиэ кэргэн-оҕо саада-оскуола" хайысхаларынан ситимнээх үлэни олохтуурга иитээччи, учуутал бүгүҥҥү күҥҥэ туттар биир сүрүн инструмена буолар.

Сиһилии манна аах: https://keskil14.ru/o-o-duu-ata-bejete-kerdiileeh-keemejdeeh-don-sy-yanygar-olus-sergeh-uonna-ujan/

#педярмарка2023
#педагогуоннауһуйааччысыла

@keskil_media2020
🌿🌿🌿 Тоҕус томтордоох Чурапчы улууһугар бэс ыйын 26-28 күннэригэр «Тыа сирин оскуолата уонна үөрэхтээһин маарката» XIX өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥка буолан ааста. Чурапчы улууһугар педагогическай дьаарбаҥка 3-с төгүлүн ыытылынна. Бастакы дьаарбаҥка 2006 сыллаахха, иккис — 2017 сыллаахха буолан ааспыта. Онон өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥканы үстэ ыыппыт улуус бу күҥҥэ суох.

💬 Биһиги Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын салайааччытын Юрий Павлович Посельскайы кытары кэпсэттибит, 19-с төгүлүн ыытыллар педагогическай дьаарбаҥка туһунан санааларын иһиттибит.

Сиhилии ⤵️: https://keskil14.ru/to-us-tomtordooh-churapch-uluu-ugar-pedagogicheskaj-daarba-ka-s-t-g-l-n-yytylynna/

#педярмарка2023
#Педагогуоннауһуйааччысыла

@keskil_media2020