Forwarded from Моя Нюрба (Мария Константиновна)
#махтал
Көмөҕө кэлбит аҕыс хачыгаар Ньурбаларга.
Тыл бастыҥын буламмын
Хоһуйабын,хайгыыбын
Ньурба чулуу уолаттарын
Аҕыс хачыгаар эр бэртэрин.
Сирэйдэрэ харатын
Олуулаһа барымаҥ,
Сүрэхтэрэ сылааһын
Сөҕүҥ,бары эҕэрдэлээҥ!
Утуйбакка,аһаабакка
Биэс күн,түүн сырыттылар,
Сылайары билиммэккэ
Тоҥу кытта охсустулар.
Тоҥон эрэр Эдьигээни
Быыһаан ылан сылыттылар,
Үлтү барыах системаны
Начаас булан ититтилэр.
Уолаттарга махтанабыт
Тыл бастыҥын этэбит,
Этэҥҥэ буолууну баҕарабыт
Кыратык сайыһа хаалабыт!😄🤗
Оруоса Эдьигээн.
08.01.25с.
https://xn--90adptbcs3gya.xn--p1ai/nurba-birigeedete-edigeenne-saahaly-tuoratysta/
Көмөҕө кэлбит аҕыс хачыгаар Ньурбаларга.
Тыл бастыҥын буламмын
Хоһуйабын,хайгыыбын
Ньурба чулуу уолаттарын
Аҕыс хачыгаар эр бэртэрин.
Сирэйдэрэ харатын
Олуулаһа барымаҥ,
Сүрэхтэрэ сылааһын
Сөҕүҥ,бары эҕэрдэлээҥ!
Утуйбакка,аһаабакка
Биэс күн,түүн сырыттылар,
Сылайары билиммэккэ
Тоҥу кытта охсустулар.
Тоҥон эрэр Эдьигээни
Быыһаан ылан сылыттылар,
Үлтү барыах системаны
Начаас булан ититтилэр.
Уолаттарга махтанабыт
Тыл бастыҥын этэбит,
Этэҥҥэ буолууну баҕарабыт
Кыратык сайыһа хаалабыт!😄🤗
Оруоса Эдьигээн.
08.01.25с.
https://xn--90adptbcs3gya.xn--p1ai/nurba-birigeedete-edigeenne-saahaly-tuoratysta/