Индигир уоттара / Момский район (улус)
594 subscribers
12.2K photos
1.39K videos
11 files
3.08K links
Газета "Индигир уоттара", Момский район
Download Telegram
☀️🌿 Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар
Отчуттарга таһаарыылаах күнү

#БарыКүүһүОкко 🌾
☀️🌾 Тыа дьоно от үлэтин үмүрүтэн эрэбит. Күн-дьыл туран биэрэн, сүөһүлэрбит кыстыыр отторун буллубут. Омурҕан кэмигэр күө-дьаа чэйдии олордохпутуна, ойуур иһиттэн киһи тахсан кэллэ. Бүөтүр - Слепцов Петр Васильевич Кустуур диэн оттуур сиригэр баран иһэр эбит. Кустуур бөһүөлэктэн син тэйиччи, сатыы хаамыах диэтэххэ, бу суол куһаҕаныгар онон-манан эргийдэххэ, быһа холоон биир көс кэриҥэ.

- Килиэбим бүтэн бөһүөлэккэ баран кэллим. Бэлисипиэтим алдьанан хаалан сатыы иһэбин. Онтум даҕаны аарааҥҥа эрэ диэри тиийэр. Баһаар кэннэ суол хаалбыт. Онон-манан эргийэн-төгүрүйэн сылдьабын. Тиийиэхтээх сирбэр биэс чаас курдугунан тиийэбин.

- Төһө бэрт сайын, Бүөтүр?
- Сөрүүн сайын буолла. Улахан куйаас түспэтэ. Үөнэ-көйүүрэ суох. От үүнүүтэ олох үчүгэй! От ыйыгар бөһүөлэк таһыгар оттообутум да, ото чарааһа бэрт этэ. Ол иһин бу диэки хойуу оттоох сиргэ оттуубун.

☀️🌾 Бүөтүр соҕотоҕун оттуур эбит. Үс оту туруорбут. "Отторум улахаттар" диэн астынар. Сэбиэскэй кэм саҕаттан оттуур киһи буоллаҕа. Петр Васильевич урут отделениеҕа бороон көрөөччүнэн, от киллэрээччинэн үлэлээбит. Чэйин сыпсырыйа олорон ол кэми ахтар: - Урут сопхуос баарына биригээдэҕэ оттуурбут. Мин Сөкөйөр, Тойон Уйалаах биригээдэлэригэр сылдьан оттуурум. Былааны толороору социалистическай куоталаһыы буолара.Окко ыһыах кэннэ үргүлдьү, от ыйын маҥнайгы күннэриттэн киирэрбит, ходуһаттан күһүн биирдэ тахсарбыт.
Аныгы дьон атыннык оттуур буоллулар, бириэмэ барар диэн бугуллаабаттар. Мин былыргылыы ньыманан - илии хотуурунан охсобун. Оппун мунньан баран субуу оҥоробун, онтон хайаатар да бугуллуубун. Кэбиһэрбэр таҥаска соһобун. Ото хойуута, уһуна үчүгэйэ бэрт!

- Сир аһа эн диэки үүммүт дуу?
- Ончу. Икки сыллааҕы уот сугун угун сиэн кэбиһэн туох да үүммэтэх. Дьэдьэннээх сирдэр манан бааллар да, быйыл көстүбэт.

- Сир кыыла баар дуу?
- Суох, биллибэт.Биир тайах суола баар. Саһыл элбээбит диэн көрөбүн.Оҕолоро быһылаах оту ыһан, тэпсэн-тэпсэн кэбиһэллэр. Уонна кус элбэх. Көҕөннөр. Омуннаан эттэххэ, ходуһаны сылгы тэпсибитин курдук (күлэр). Үөннээн сииллэр быһылаах.

- Үлэттэн илиигин араарбат эбиккин дии. Сааһыҥ хаһыҥ буолла?
- 68-һым. Этэҥҥэ сырыттахха, икки сылынан 70-мун туолуом.
Быйыл кыһын Таала Күөлүгэр кыстаабытым. Сиэн быраатым Александр сылгыларын көрөбүн. Саас төрүөх бүппүтүн кэннэ бөһүөлэккэ киирбитим.
Дьаҥ кэмигэр собус-соҕотоҕун биир ый үүтээҥҥэ хаайтаран олорбутум. Киһини кытта кэпсэппэккэ чуҥкуйан өлө сыспытым. Тыаҕа, хата, араадьыйалаах буолан аралдьыйабын. Ордук сарсыарда сэттэ чаастан кэлэр былыргы ырыалар биэриилэрин сөбүлээн истэбин.
Тыаҕа сылдьар үчүгээй! Кыһынын оттуурбун ахтабын, сайынын - сылгыларбын көрөрбүн ахтабын.

☀️🌾 Дьэ, итинник кэпсээннээх буолан биэрдэ тыа сирин киһитэ Бүөтүр. Сүрэҕин баҕатынан, куруук үлэлии үөрэммит үөрүйэҕинэн сааһырдым диэн сытынан кэбиспэккэ, бачча ыраах сатыы сылдьан оттуур. Бу маннык хоһуун, үлэһит дьону этэн эрдэхтэрэ "человек старой закалки".

☀️🌾 "Күн ыраатта! Сарсын оппун кэбиһэрдээхпин" диэн Бүөтүр бакаалаһан тайаҕын туппутунан, толору үрүсээгин сүкпүтүнэн тыа саҕатын диэки хаама турда.

#БарыКүүһүОкко