Газета "Ньурба" / Нюрбинский улус
2.53K subscribers
24.4K photos
3.4K videos
9 files
5.19K links
К/т: 8914-3000-137
Download Telegram
#АйарКут

Кырдьаҕас эн дьону дьэ сиилии көрүмэ
Кыамматы, бытааны түҥнэри көтүмэ,
Эдэр саас эрчимэ эстэрин эн өйдөө
Кэнэҕэс эн бэйэҥ мөлтүөххүн умнума.

Бу кэрэ, бу дьикти билиҥҥи олоҕу
Кырдьаҕас аҕаккаҥ саастыыта дьэ дьоннор
Ырыанан аргыстаах, сып сырдык ыралаах
Харытын күүһүнэн уурбута, туппута.

Кырдьаҕас көлүөнэ санныгар сүкпүтэ
Уот сэрии кытыастар будулҕан сылларын,
Сууллубут куораты, самныбыт санааны
Чөлүгэр түһэрэр үлэҕэ түспүтэ.

Эн биһи олохпут чэчирии сайдарын
Уһансан үлэни - хамнаһы дьэ өрө туппута,
Кэнэҕэс кэнчээри сиэннэрин суолларын
Сырдатар банаары эйиэхэ ууммута.

Бүгүҥҥү бу күҥҥэ, эриэккэс түгэҥҥэ
Кырдьаҕас күннэрин бэлиэтиир үөрүүгэ
Сибэкки кэрэчээн дьөрбөтүн бэлэхтээ
Сып сылаас ытыһын ыгыта туппахтаа.

✍🏻 М.Егорова, Чуукаар

@gazetanyurba @ulusmedia