#внашемцеху
Фронтовиктарбыт айар күрэхтэрин түмүгэ тахсыаҕа
Күндү ааҕааччыларбыт, редакция, билэргит курдук, улууспут хаһыатыгар үлэлии сылдьыбыт суруналыыс, суруйааччы, 12,5 сыл оройуон бэчээтин салайбыт редактор Исай Никифоров уонна байыаннай собуокка обургу уолчаан эрдэҕинэ снарядтары оҥорон фроҥҥа ыытарга, биһиги «Лена маяктара» хаһыаппытыгар сүүрбэччэ сыл үлэлээбит, үлэни-хамнаһы сырдаппыт суруналыыс Тимофей Тимофеев аатынан бастыҥ суруйууларга айар күрэхтээхпит.
Түмүгү таһаарыы болдьоҕор уларыйыы киирдэ. Ол курдук 2015 сыл Исай Никифоров төрөөбүтэ 110 сылынан тэрээһиннэр күүтэллэринэн кыайыылаахха бириэмийэни онно туттарар буоллубут.
Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/52077-2/
Людмила Мордовская.
@gazetahangalas

Кырдьыгы, үйэлээҕи түстэһэн үлэлиир "Хаҥалас" хаһыата
1940 сыллаахха сэтинньи 7 күнүгэр "Советтар знамялара" диэн улууспутугар, уруккута Орджоникидзевскай оройуоҥҥа, сахалыы тыллаах хаһыат Өктөөбү көрсө тахсыбыта. Редакторынан 39 саастаах бу иннинэ Өлүөхүмэ оройуонун "Колхозник" хаһыатын редакторын солбуйааччытынан үлэлии сылдьыбыт, Дьокуускайдааҕы потребкооперация техникумун уонна Москватааҕы кооперативный институту бүтэрбит партийнай үлэҕэ уопуттаах Иван Иванович Аллахинов ананыллыбыта.
Ити иннинэ типография тэриллибитэ. Бастакы нүөмэрбит 500 ахсаанынан тарҕаммыта. Нэдиэлэҕэ иккитэ иккилии балаһанан тахсара. Хаһыаппыт бу бастакы нүөмэрэ билигин бары таһаарыыларын кытары редакциябыт сейфэтигэр харалла сытар.
Сиhилии: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/kyrdygy-yjelee5i-tystehen-yleliir-hanalas-hahyata/
Людмила Аммосова.