ГАЗЕТА "ЭРКЭЭЙИ" Мегино-Кангаласского улуса
3.66K subscribers
28.3K photos
3.03K videos
5 files
6.89K links
Актуальные новости Мегино-Кангаласского улуса, Республики Саха ( Якутия)


Ваши новости, фото и видео ждем на:
@gazetaerkeii_admin
Download Telegram
🆒➡️ Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия) объявляет творческий конкурс на разработку логотипа Года детства в Республике Саха (Якутия).

↪️ Конкурс проводится в целях создания современного, оригинального и запоминающегося символа Года детства в Республике Саха (Якутия).

👩🏻‍🎨 Участниками конкурса могут стать юридические лица, физические лица, являющиеся гражданами РФ, независимо от возраста, авторские коллективы. Также в Конкурсе могут принять участие как профессиональные дизайнеры, художники, реставраторы и т.п., так и все, кто интересуется и владеет искусством дизайна и художественными навыками.

✍️ Организатор конкурса - Государственное бюджетное нетиповое образовательное учреждение Республики Саха (Якутия) Республиканский ресурсный центр «Юные якутяне».

📌 Участники конкурса подают до 20 января 2024 года следующие материалы:
✔️ Заявка участника конкурса (по форме в Положении конкурса)
✔️ Согласие на обработку персональных данных
✔️ Эскизный проект работы в электронном варианте
✔️ Пояснительная записка с описанием представленного логотипа.

Электронный адрес конкурса: [email protected]

📣 Подведение итогов и определение победителя Конкурса состоится 24 января 2024 г. на Январском совещании работников системы образования Республики Саха (Якутия).

🏆 Победитель получит денежное вознаграждение в сумме 50 000 (пятьдесят тысяч) рублей.

Подробнее в Положении конкурса:

#ГодДетства #ГодСемьи
Дьиэ кэргэн сыла
Бу буолар оҕолор төрөппүттэригэр махталлара 


🏘️ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хотун Төҥүлү нэһилиэгэр олорор Мария, Иван Борисовтары өрөспүүбүлүкэҕэ билбэт киһи суоҕун кэриэтэ. Илин эҥэргэ айанныыр  хас айанньыт “Уют”, “Нал” диэн кафеларга итии чэй иһээри тохтоон ааһар, манна киһи сөҕүөн курдук биһиги өбүгэлэрбит олорон ааспыт устуоруйаларын көрдөрөр мусуой, былыргы мал-сал арааһын астына көрөр.

👨‍👩‍👧‍👦 Борисовтар биир уол, биэс кыыс оҕону иитэн-такайан барыларын үлэһит дьон оҥортоон, дьиэлээн-уоттаан, оҕолоро бары суолларын-иистэрин булан олороллор.

Сиһилии ⬅️

#Всейсемьей
#Годсемьи

@gazetaerkeii
Forwarded from Год семьи
🎉 Внимание, друзья!🎉

В рамках Года семьи стартует инициатива «Большие семейные выходные», которая объединит более 2000 мероприятий по всей России!

🌍 Это уникальная возможность для семей провести время весело и интересно, укрепить свои связи и традиции.

📆 С мая по сентябрь вас ждут культурно-массовые и просветительские мероприятия, которые посетят более 1 млн человек в 89 регионах страны. Главы регионов, общественные организации, родительские объединения, корпорации и творческие коллективы примут участие в этих событиях.

В каждом городе или районе будет задействовано одновременно не менее 5 площадок в день в рамках мероприятия: стадионы, парки, скверы, городские музеи, библиотеки. Это уникальная возможность для разных поколений семьи объединиться в совместных активностях.

«Большие семейные выходные» приурочены ко Дню защиты детей, Дню семьи, любви и верности, а также Дню знаний. Мероприятия будут проходить дважды с мая по сентябрь в каждом регионе.

Родители на таких праздниках смогут познакомиться с победителями региональных этапов конкурса «Семья года», получить консультации по мерам поддержки и узнать о возможностях семейных МФЦ.

Следите за расписанием «Больших семейных выходных» на сайте Года семьи и готовьтесь к незабываемому времяпровождению вместе с вашей семьей!🌟

Рассказывайте нам в комментариях о своем досуге и отмечайте близких!

#ГодСемьи
#ПроСемью
#ГодСемьи2024

👉 Следите за новостями Года семьи!
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
«Сулустаах эстэпиэтэ» бэстибээл бэтэрээннэри сэргэхситтэ

👨‍👩‍👧‍👦 Ыаллыы сытар нэһилиэктэри түмэн ”Сулустаах эстэпиэтэ” бэстибээл саҕаламмыта үһүс күнэ. Бу иннинэ Табаҕа уонна Хара нэһилиэктэригэр ити эргин нэһилиэктэри хабан ыытыллыбыта. Манна дьиэҕэ олорон хаалбакка, аҕам саастаах көлүөнэ дьон эрдэттэн бэлэмнэнэн, хас биирдии нүөмэрдэрин талан, сүүмэрдээн, чочуйан, үрдүк эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, долгуйан туран  кытталлар.

👵🏻👴🏻 Арасссыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас, улууска Тыа хаһаайыстыбатын сылларыгар анаммыт “Оҕо саас, дьиэ кэргэн уйгулаах олоҕун уруйдаан туойабыт” диэн дэбиистээх улуустааҕы аҕам саастаах дьон сыллата ыытыллар «Сулустаах эстэпиэтэ” уус-уран көрүү бэстибээллэрэ 11-с төгүлүн Мэҥэ нэһилиэгэр элбэх хайысхалаах култуура киинигэр үөрүүлээхтик ыытылынна. Манна Доллу, Төҥүлү, Араҥас, Дойду, Мөҥүрүөн, Дьабыыл нэһилиэктэрин талба талааннаах бэтэрээннэрэ көрүстүлэр.

Сиһилии ⬅️

#годсемьи
#годдетства

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бэстибээлтэн бэтэрээннэр сүргэлэрэ көтөҕүллэр

🌟 Сэтинньи 22 күнүгэр Арасссыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас, улууска Тыа хаһаайыстыбатын сылларыгар анаммыт “Оҕо саас, дьиэ кэргэн уйгулаах олоҕун уруйдаан туойабыт” дэбиистээх улуустааҕы аҕам саастаах дьон 11-с төгүлүн  ыытыллар “Сулустаах эстэпиэтэ” уус-уран көрүү түмүктүүр бэстибээлэ Чыамайыкы нэһилиэгэр элбэх хайысхалаах култуура киинигэр ыытылынна.

🎶🎵 Манна 1-кы Наахара, 2-с Наахара уонна Холгума  нэһилиэктэрин көхтөөх бэтэрээннэрэ уруйдаһан-айхаллаһан көрүстүлэр.

🎼🪗 Чыамайыкы нэһилиэгин баһылыга Александр Захаров “Сулустаах эстэпиэтэ” уус-уран көрүү түмүктүүр бэстибээлэ Чыамайыкы нэһилиэгэр ыытылларынан ыалдьыттары, олохтоохтору эҕэрдэлээтэ. Кини:
- Биһиги аҕам саастаах дьоммут ыччакка сирдьит, бэйэҕит үлэҕитинэн-хамнаскытынан холобур буоларгытыттан үөрэбит. Биһиги – эдэр көлүөнэ дьон эһиги ыйар суолгутунан сылдьыахтаахпыт. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ мустан уопут атастаһан, бэйэ-бэйэҕитин кытта көрсөн ирэ-хоро кэпсэтэн, дьоҕургутун көрдөрүөххүт.

Сиһилии

#годсемьи
#годдетства

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
«Көмүс сүүтүкчээн» куонкуруска – оҕолор төрөппүттэрин кытта

👨‍👩‍👧‍👦 Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо саас сылларын чэрчитинэн Майа сэлиэнньэтигэр «Кэскил» психологическай-медико-социальнай арыаллааһын киинигэр улуустааҕы «Көмүс сүүтүкчээн» куонкурус ыытылынна.

✂️🤩Иккис төгүлүн ыытыллар тэрээһиммитигэр Төҥүлүттэн, Тараттан, Томтортон, Аллараа Бэстээхтэн, Хараттан уонна Майаттан кыттыына ыла кэлбиттэрэ.
Дьиэҕэ олорон үөрэнэр доруобуйаларыгар хааччахтаах 6 оҕо төрөппүттэрин кытта илиинэн оҥоһукка аналлаах органайзер оҥордулар.

Сиһилии

#годсемьи
#годдетства

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Оҕолорун бэйэлэрин сатабылларыгар уһуйар мындыр ыал

⚡️ Ходоро нэһилиэгин Хатыҥнааҕар олорор элбэх оҕолоох Марина, Спиридон Федоровтар дьиэ кэргэн сүөһү-ас иитэн быр-бааччы олороллор. Спиридон Егорович Майатааҕы ДьУоКХ-ҕа операторынан үлэлиир, ийэлэрэ Марина Андреевна олохтоох култуура киинигэр техүлэһит. 

🐄🐓 Федоровтарга 1999 с. ыал буолалларыгар төрөппүттэрэ сүөһү анаан кэтэх хаһаайыстыба тэринэллэригэр олук уурбуттар. 10-ча сыллааҕыта социальнай хантыраакка кыттан тиэхиньикэ ылбыттар, онон сүөһүлэрин элбэтэр баҕа санааларын олоххо киллэрбиттэр.  Эргэ хотонноругар кыараҕас буолан барбытыгар быйыл саҥа киэҥ-куоҥ хотон туттан киирбиттэр. Манна билигин төбөтүнэн 14 сүөһү кыстыкка киирбит. Саха боруодата борооскулары атыыласпыттар. 14 кууруссалары сэргэ 5 мончуук буолар кустары иитэн туруораллар.

Сиһилии ⬅️

#годсемьи
#годдетства

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Стручковтар – удьуор үлэһит дьон

☀️🌳 Алтан нэһилиэгин сирэ-уота төһө да кыра буоллар, манна сүөһүлэрин тутан олорор ыал элбэх. Нэһилиэккэ 3 ынах сүөһүнү, сылгыны иитэр бааһынай хаһаайыстыба үлэлии-хамсыы олороллор.

⚡️ 🐄 Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, улууска тыа хаһаайыстыбатын 2-с сыла түмүктэнэн эрэр. Манан сибээстээн, Алтан нэһилиэгэр удьуор үлэһит Стручковтар дьиэ кэргэҥҥэ сырыттыбыт.

⚡️📚 Петр, Роман Стручковтар ийэлэрэ Татьяна Петровна Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа, РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үтүөлээх учуутала, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Алтан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо. Кини кийиит буолан кэлиэҕиттэн иккис дойду оҥостубут нэһилиэгиттэн халбарыйбакка 52 сыл үөрэҕирии эйгэтигэр химия, биология учууталынан үлэлээбитэ. Татьяна Петровна үөрэппит элбэх оҕолоруттан 100-чэкэ оҕо биология хайысхатын таланнар, 30-тан тахса мэдиссиинэ, биир оччо тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, о.д.а. идэлээх дьон тахсыбыттар. Үлэлии сылдьар кэмигэр “Нэһилиэк дьолугар кэлбит учуутал” диэн дириэктэрэ Дмитрий Авксентьевич Монастырев сыаналаабыт.

Сиһилии

#годсемьи

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Дьиэ кэргэн сыла
Ванда, Лилия Нестеровалар – бастыҥ муусукаалынай дьиэ кэргэн


🎼 Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэтээҕи «Муусукаалынай дьиэ кэргэн» куонкурус V төгүлүн ыытылынна.

🎵 Куонкурус кыттыылаахтара түөрт хайысхаҕа арахсан дьоҕурдарын көрдөрдүлэр: «Инструментальнай ансаамбыллар», «Вокальнай-инструментальнай ансаамбыллар», «Вокальнай ансаамбыллар» уонна «Хореография».

🎻 Бастыҥ муусукаалынай дьиэ кэргэн аатын ылар иһин куонкуруска уопсайа 15 дьиэ кэргэн кыттыыны ылла. Марина Константиновна Попова аатынан Майатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатыттан Ванда Петровна уонна Лилия Нестеревалар «Инструментальнай ансаамбыл» хайысхаҕа скрипкаҕа икки ирдэнэр нүөмэри толорон кытыннылар.

🎼 Куонкурус түмүгүнэн кинилэр 1-кы миэстэни ылан анал дипломунан, куубагынан наҕараадаланнылар, харчынан бириис сэртипикээтин туттулар.

Сиһилии ⬅️

#годсемьи

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Оҕолорун айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа кыра эрдэхтэриттэн үөрэтэр ыал

⚡️ Майа сэлиэнньэтин олохтоохторо, элбэх оҕолоох Сардаана уонна Игорь Никифоровтар дьиэ кэргэн айар куттаах, тарбахтарыгар талааннаах, ураты дьоҕурдаах ыаллар. 

🐦 Ыал ийэтэ Сардаана идэтинэн кондитер, оттон аҕа баһылык уот ситимин үлэһитэ. Кинилэр оҕолорун бэйэлэрин холобурдарынан иитэллэр. Никифоровтар биир ураты дьарыктарынан быйыл күһүҥҥүттэн тэлгэһэлэригэр чыычаахтары аһатар дьоҕус холбуйа оҥороннор кыра уолларын Артему кытары күннэтэ чыычаахтары аһаталлар.
6 саастаах Артем Майатааҕы «Кэнчээри» оҕо уһуйаанын иитиллээччитэ. Бу күһүн уһуйааннарыгар бэриллибит сорудаҕынан чыычаахтары аһатар кыракый холбуйаны Артем аҕатынаан оҥороннор күрэххэ кыттыбыттар. Онтон салгыы дьиэлэригэр аҕаланнар тэлгэһэлэригэр түннүк  анныгар уураннар, онтон ыла чыычаахтары аһаталлар.

🐦 Дьиэ кэргэн кэтээн көрөрүнэн, барабыайдар, ымыылар уонна саһархай түөстээх татыйыктар тымныы күннэргэ элбэҕи аһыыллар эбит. Таһырдьа тымныйдаҕына холбуйа иһигэр кутуллубут толору астары икки күн иһигэр табыгынатан бүтэрэллэр эбит.

🐦 Бу курдук Майа биир ураты дьоҕурдаах, айар куттаах Никифоровтар дьиэ кэргэн тулалыыр эйгэни табатык көрөн, төрөөбүт дойдуга, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһан үтүө холобур буолаллар.

#годсемьи
#годдетства

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
«Чыамайыкы ыҥырар» – аймаҕы сомоҕолуур волейбол күрэҕэ буолла

⚡️ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Чыамайыкы нэһилиэгэр Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо саас сылыгар аналлаах «Чыамайыкы ыҥырар» дьиэ кэргэнинэн эр дьоҥҥо аһаҕас волейбол күрэҕэ ыытылынна.
Күрэх тэрийээччилэрэ Максимовтар, Филипповтар киэҥ аймах убайдарын Петр Евсеевич Устинов идиэйэтин иилээн-саҕалаан ыыттылар. Күрэх сүрүн ирдэбилинэн оонньуу былаһааккатыгар 1 оскуола оҕото, 2 ыччат, 2 орто саастаах уонна 1 бэтэрээн баар буолуохтаахтар. Күрэххэ Хорообуттан Скрябиннар, Чыамайыкыттан Захаровтар (Биэйкэлэр), Захаровтар, Ивановтар-Романовтар уонна тэрийээччи хамаанда Максимовтар-Филипповтар күрэстэстилэр.

🏐 Бэрт тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн 3-с миэстэни Захаровтар (5 тыһыынча солкуобай суумалаах оскуола кэлэктиибин бирииһэ), 2-с миэстэни Максимовтар-Филипповтар (10 тыһыынчалаах ОДьКХ, Тамма СКПХ кэлэктиибин бирииһэ)  уонна эрэллээх 1-кы миэстэни Захаровтар (Биэйкэлэр) С.Н.Михайлов аатынан оскуола кэлэктиибэ туруорбут 15 тыһыынча солкуобай суумалаах бирииһи ылары ситистилэр.

🤝 Күрэхтэһии элбэх аймаҕы ситимнээн, көрсүһүннэртээн, үтүө түмүктээх буолла.
 Тэрээһин кэнниттэн дьон санаатын үллэстэр:

💬 -Чыамайыкылар өрүү бэртээхэй тэрээһини тобулан ыыталлар. Удьуор утума быстыбат;

💬 - Дьэ, кырдьык, бэрт күрэхтэһии буолла. Күүрүүлээх бөҕө, бириис бөҕө. Биир дойдулаахтарбытын, аймахтарбытын биллибит-көрдүбүт. Элбэх да ыччаттардаах эбиккит, аны бары оонньууллар, маладьыастар эбиккит;

💬 - Маннык хамсааһыннары атыттар холобурга ылыҥ. Чыамайыкыга «Дойду дьонунан сураҕырар» диэн бырайыак баар дии, эмиэ оннук тэрээһин тэрийиэххитин сөп;

💬 — Бэртээхэй күрэх буолла. Төһө да кыайтардарбыт, олус диэн астынныбыт. Тэрийбит дьоммутугар Филипповтарга, Максимовтарга барҕа махтал!

#годсемьи

Сиһилии 😉

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🚗 Дьиэ кэргэнинэн оҥоһуллубут оонньуурдары кырачааннарга бэлэх туттардылар

🎄 Майа сэлиэнньэтигэр баар «Наадалаах маллар» уонна «Глянец» диэн маҕаһыыннардаах урбаанньыт Инна Лукина бу күннэргэ, киһи барыта күүтэр алыптаах бырааһынньыга чугаһаабытынан, Саҥа дьыллааҕы бастыҥ харыйа оонньууругар куонкурус-аахсыйа биллэрбитэ. Онуоха куонкуруска киирэр оонньуурдар илиинэн оҥоһук буолаллара сүрүн ирдэбил быһыытынан турбута.  

🎁 Инна Андреевна аахсыйаҕа барыта 51 оҥоһук киирэн, Майа олохтоохторо олус көхтөөхтөрүн көрдөрдүлэр диир. Манна үксүн оҕолор дьиэ кэргэнинэн көмөлөөн баайыы, сымнаҕас таҥастан тигэн, хортуоҥкаттан, мастан, пластмастан, туойтан чочуйан, араастаан дьэрэкээнник киэргэтэн, ону тэҥэ оҕо өйүн, толкуйун сайыннарар, киһи эрэ сөҕүөх, хайгыах оонньуурдарын оҥорбуттар. Бу киирбит үлэлэртэн саамай сиэдэрэйдэрэ буолаарай диэн 16 оонньууру талан, бэлэх сэртипикээттэри олохтообуттар.

🔴 «Глянец» маҕаһыыҥҥа бастыҥынан ааттаммыт оонньуурдар уран тарбахтаах ааптардарыгар бу туоһу суруктары урбаанньыт Инна Лукина туттарда. Онтон салгыы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору реабилитациялыыр улуустааҕы кииҥҥэ тиийэн, манна сылдьар оҕолорго хас биирдиилэригэр Саҥа дьыллааҕы минньигэс бэлэхтэри, куонкуруска киирбит оонньуурдары итиэннэ кииҥҥэ анаан эмиэ дьоһун бэлэхтэрин туттардылар.

🎄 Кырачааннар өтөрүнэн туппатах элбэх араас бэлэхтэрин тутан харахтара чаҕылыстылар, олуһун үөрэн, махтанан-баһыыбалаан, "өссө да кэлээриҥ" дии хааллылар.
Үлэлээбитэ иккис сылыгар барбыт маҕаһыыннар мэлдьи маннык үтүө санаа аахсыйаларын ыытар үгэһи тутуһаллара хайҕаллаах суол.

#годсемьи
#годдетства

@gazetaerkeii
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM