Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр биһиги киэн туттар биир дойдулаахпыт, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Николай Кириллович Алексеев бирииһигэр 2009-2014 сыллардаах төрүөх оҕолорго көҥүл тустууга XXVII-с республикатааҕы турнир буолла.
Бу күрэхтэһиигэ республикабыт 5 улууһуттан 97 тустааччылаах 11 хамаанда кэлэн күөн көрүстүлэр. Наммыт улууһун нэһилиэктэрэ (Нам, Хамаҕатта, Хатыҥ Арыы, Модут, Хатырык, Бөтүҥ, Үөдэй) биирдии хамаанданы туруордулар.
Сиһилии манна аах
@gazetaensieli

Хамаҕатта нэһилиэгин "Түһүлгэ" НАК "Сүрэхпэр кистээбит айар кутум" музыкальнай рингэҕэ биир дойдулаахтарбыт Любовь Иванова уонна Мария Нератова айааччы, мелодист, толорооччу быһыытынан сыанаҕа таҕыстылар.
Ырыаһыттар иккиэн хардары-таары алта түһүмэҕинэн ырыаларын толордулар. Көрөөччүлэр Любовь Иванова саҥа дьиэрэтии уонна дэгэрэҥ, Мария Нератова өрө күүрүүлээх патриотическай ырыаларын сэргээтилэр.
✍🏻Мария Винокурова

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Нам улууһугар “Алгыстаах хомустар” быыстапка аһылынна
✅ И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж быыстапкалыыр саалатыгар Иннокентий Никитич Готовцев – Хоһуун Уус 80 сааһыгар анаммыт “Алгыстаах хомустар” быыстапканы үөрүүлээхтик астылар.
Иннокентий Готовцев 50-ча сыл устата 15 тыыһынчаттан тахса бэйэ-бэйэлэригэр хатыламмат хомуһу оҥорбут. Олортон сөҕүмэр кэрэ, ураты көстүүлээх уонна уустук тутуллаах хомуһун коллекцията Аан дойдуутааҕы хомус киинин уонна түмэлин сүрүн экспозициятыгар тураллар. Ол коллекцияны Иннокентий Никитич төрөөбүт-үөскээбит улууһугар, үлэлээбит-хамсаабыт кыһатыгар улууспут дьонун-сэргэтин көрүүтүгэр аҕалан быыстапкаҕа туруордулар.
🎤 ✍🏻 Семен Аргунов
🎥 💻 Ярослав Касьянов
✅ Сиһилии видеоҕа ⬆️⬆️⬆️

📸ФОТОФАКТ
Муус байбаралаах балаҕан...
Сааспыт кэлбит бэлиэтин муус чопчу көстүүтүттэн көрөбүт. Маннык курбуу курдук уп-уһун, сип-синньигэс муус чопчу биһиэхэ Хамаҕаттаҕа эрэ баар.
✍🏻📸Мария-Сандаара Баат

Намҥа Александр Игнатьев аатынан ыытыллар II спартакиадаҕа улуустан уопсайа 579 кыттааччылаах 19 хамаанда күрэхтэһэр.
Спартакиада бастакы күнүгэр ох саанан ытыы көрүҥэр Хатыҥ Арыы, онтон Хамаҕатта уонна Намнааҕы педколледж хамаандалара инники күөҥҥэ тахсыбыттарын сүрүн судьуйа Балаганскай этэр.
Сиһилии манна аах
@gazetaensieli
Спартакиада бастакы күнүгэр ох саанан ытыы көрүҥэр Хатыҥ Арыы, онтон Хамаҕатта уонна Намнааҕы педколледж хамаандалара инники күөҥҥэ тахсыбыттарын сүрүн судьуйа Балаганскай этэр.
Сиһилии манна аах
@gazetaensieli
☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️
Саҥа күн тахсар кэрдииһигэр
Сырдык аартыгар мин үктэнним,
Сааскылыы сэргэх эрчимигэр
Саргылаах күн аанын сэгэттим.
Сарсыардам эриэккэс кэмигэр
Сандаарар ылаар күнэ тыкпыт,
Саймаарар чэмэлкэй күнүгэр
Санаа дуоһуйуутун аҕалбыт!
✍🏻Онтуон
Үтүө сарсыарданан!☀️
Бүгүн сарсыарда таһырдьа -6 кыраадыс, күнүс +1 буолара күүтүллэр☀️

Күннээҕи гороскоп💫✨
⠀
Хой ♈️
⠀
Эмискэччи таптал иэйиитин, дьол амтанын билиэн
Оҕус ♉️
Аттыгар дьон кэлэн ыынньаҕалыырын тулуйар кэм бүттэ, санааҕын эт
Игирэлэр ♊️
⠀
Сыыһалаах буоллаххына билинэр ордук, кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат
⠀
Рак ♋️
⠀
Эйигин сыаналыыр киһи эйигиттэн тэйиэ, аккастаныа суоҕа
⠀
Хахай ♌️
⠀
Олоҕун биир кэрэ-бэлиэ түгэнэ тосхойоору турар
⠀
Кыыс ♍️
⠀
Тугу баҕарарын барыта баар буолуо
⠀
Ыйааһын ♎️
⠀
Эн ис искиттэн сылаас сырдык иэйии тахсар, ону сөпкө туһан
Скорпион ♏️
Кыраайтан кыраайга сылдьаҕын, тулаҕын көрүнэр ордук буолуо
Охчут ♐️
Сир төгүрүк, туох барыта эргиллэн хатыланар, ол ону умнума
Чубуку ♑️
Үчүгэй сонуну истэн үөрүөн
Күрүлгэн ♒️
⠀
Эн мичээрин биир эрэ киһи сүрэҕин долгутар буолбатах
Балыктар ♓️
Туох эрэ наадалааҕы оҥороргун соруйан умнан туран дуоһуйууну ылыан.

❓Ыйыт – хоруйдуубут
✅Нам сэлиэнньэтин Парковай уул. олохтооҕо:
– Биһиги уулуссабытыгар күһүҥҥү ардахтар, маҥнайгы тоҥоруулар кэннилэриттэн суолбут астарыллыбата. Эрдэ ыйыппыппытыгар грейдер тиийиэҕэ диэн эрэннэрбиккит. Өссө биирдэ ыйытабыт: суолбутун хаһан грейдер ыытан астаран көннөрөҕүт? Халлаан хараҥарар буолла, уулуссабытыгар биир да остуолбаҕа лаампа суох. Быйыл биир эмит остуолбаҕа уот холбонуо дуо?
✅П.Г. Сокольников, «Ленскэй нэһилиэк» МТ баһылыга:
– Күһүҥҥү ардахтар уһуннук түһэннэр суоллары былаан быһыытынан грейдердиир үлэлэр ситэ оҥоһуллубатахтара. Ол иһигэр Парковай уулуссаны көннөрүү туолбата. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ол эбэтэр алтынньы 21-22 күннэригэр, бу Парковай уулусса суолун көннөрөн 54 куб. буор кутуллан тэҥнэннэ.
Итэҕэй-итэҕэйимэ
Хаартыскаҕа: Парковай уулусса тэҥнэммитин кэннэ.

Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
💥 Редакция Ulus.Мedia совместно с проектом «Мастерская новых медиа» проведет прямой эфир 27 октября
🌐📱 На площадках Ulus.Media в Вконтакте и Тelegram 27 октября в 19:00 ч состоится прямой эфир на тему "Информационный фастфуд. Как соцсети влияют на наш мозг?"
🎙️ Гостями выступят:
▪️Евгений Клещ, руководитель выпускников проекта «Мастерская новых медиа», подкастер, писатель;
▪️Ольга Парфенова, политолог, историк;
▪️Айталина Тимофеева, психолог, социальный педагог.
Подробнее 👉🏻 https://ulus.media/article/76492
@ulusmedia

⭕️Александр Жирков о паромной переправе и о селе «Куберганя»
На XXXIX (очередном) пленарном заседании Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) первый вице-спикер Парламента Якутии поставил перед Правительством Республики два вроде бы не очень глобальных, но, как оказалось, достаточно острых вопроса.
✅Александр Жирков предложил объяснить причину резкого увеличения с начальных чисел октября тарифов на паромную переправу и на перевозку пассажиров через Лену и другие реки республики. Аргументы председателя Государственного комитета Республики Саха (Якутия) по ценовой политике Антонины Винокуровой депутатов не удовлетворили.
✅Второй вопрос первого вице-спикера и вовсе застал Правительство врасплох
✔️Подробнее⬇️⬇️⬇️
https://энсиэли.рф/article/76514
@gazetaensiel

🗞Нам улууһун биир соҕотох хаһыата "ЭҤСИЭЛИ" сетевой таһаарыыларыгар суруттар!
✅бэрэбиэркэлэммит дьиҥ чахчы сонуннар;
✅урукку-хойукку хаартыскалар;
✅ыйытыктар;
✅санаа атастаһыыта.
Телеграм: https://t.iss.one/gazetaensieli
ВКонтакте: https://vk.com/club212345641
Ватсап группа: https://chat.whatsapp.com/Jwky1WTwDH0IC7LWcmnfvH
Сайт: энсиэли.рф

📷Былыргыны былыт саппат
✅Салбаҥ нэһилиэгин детсаада. Анна Даниловна Аргунова. Хас сыллаах хаартыска буолуой? Бу оҕолор билигин улаатан, үлэ-хамнас дьоно буола сырыттахтара😊
📸Редакция архивыттан. "Ленин суола" хаһыат.

🖊Биһиэхэ суруйаллар
Роберт Муксунов, бэҕэһээ, алтынньы 25 күнүгэр:
- Биһиэхэ уот суох 2 күнэ. Онон ватсап барар эрэ кэлэр билбэтим. Улуус дьаһалтата туох диирэ буолла? Тоҕо Партизаҥҥа уот сотору-сотору барарый?
Бүгүн, алтынньы 26 күнэ:
- Тоҕо тымныы түспүтүн кэннэ уоппут бар да бар буоларый? Партизаҥҥа сарсын эмиэ уот барар диэн буолла. Бу сайын тугу оҥорбуттарай? Эмиэ уота суох олорбуппут. Намэнерго эппиэтин күүтэбит.

НАМСКИЙ УЛУС. Газета "Энсиэли"
🖊Биһиэхэ суруйаллар Роберт Муксунов, бэҕэһээ, алтынньы 25 күнүгэр: - Биһиэхэ уот суох 2 күнэ. Онон ватсап барар эрэ кэлэр билбэтим. Улуус дьаһалтата туох диирэ буолла? Тоҕо Партизаҥҥа уот сотору-сотору барарый? Бүгүн, алтынньы 26 күнэ: - Тоҕо тымныы түспүтүн…
- Дьэ, эрэйдээх этигэс - биһиэхэ, Модукка, эмиэ сотору-сотору ылаллар, саатар күнү быһа ээ, сарсыарда 9-10 чаастан киэһэ 5-кэ дылы, аныгы оһохтор бары уотунан үлэлиир наһуостаахтар, онон тоҥуу буолар, сайын, күһүн тоҕо оҥорботторо буоллар🤔
Модут, Анфиса Сыроватская
Модут, Анфиса Сыроватская