НАМСКИЙ УЛУС. Газета "Энсиэли"
4.27K subscribers
16.2K photos
3.81K videos
8 files
4.51K links
Нам улууһун сэргэх сонуннара.

Аадырыспыт: Нам сэл., Ст. Платонов аат. уул. 2/1 дьиэтэ (Нотариус)

Бил. тел.: +7-962-733-65-02 8-924-171-11-52

📩 [email protected]
Download Telegram
Тунаар халлаан киэҥ куйаарыгар
Туолбут ый сардаҥатын аспыт,
Көстөр бөлөх сулустарыгар
Көҥүл устар үргэлин ыспыт.

Маннык түүҥҥү кэмтэн үөрэбин
Манньыйа тыынаммын хаамабын,
Хараҥа барыкка сүүрэбин -
Хара күлүктэн куттаммаппын!

✍🏻Онтуон

Минньигэс түүллэри!
Сандаара сырдаабыт саҕахтан
Мичээрдии көрүстэ сарсыардам,
Сайа тыгыалыыр сардаҥаттан
Мичилийэ үөрдэ саһарҕам.

Сарыалым көстүбэт чаҕылын
Сарпа күн арылыччы аста,
Айылҕам ураты наҕылын
Алааһым чуумпура кыттыста!

✍🏻Онтуон

Үтүө сарсыарданан!⛅️

Бүгүн сарсыарда Намҥа -7 кыраадыс, күнүс 1 кыраадыс тымныы буолуоҕа. Күн устата уларыйа сылдьар былыттаах, эбиэт кэнниттэн хаар түһэрэ сабаҕаланар❄️
Күннээҕи гороскоп💫

Алтынньы 27 күнэ

Хой ♈️

Буолбутун кэннэ толкуйдуур сыыһа, оҥоруон иннинэ толкуйдуурга үөрэн

Оҕус ♉️

Сымыйалыыр дьонтон тэйиччи тутун

Игирэлэр ♊️

Уйулҕан утуйбутун уһугуннарыахха сөп, алдьаммыты сөргүтэр туһата суох

Рак ♋️

Бүгүн өйүн-санаан олох атыҥҥа сытар, кыратык боччумнаах соҕус буолар мэһэйдиэ суоҕа

Хахай ♌️

Кыратык эмит ыһыктан, холкутуйан ыллаххына барыта ыһылла түһэр, онон куруутун эрчимнээхтик, тэтимнээхтик сылдьар ордук

Кыыс ♍️

Табыллыбат буоллаҕына илиигин ыһыктыма, санааҕын түһэримэ, өссө төгүл оҥорон көр

Ыйааһын ♎️

Биирдэ эйиэхэ ыарыыны оҥорбут киһи иккиһин эмиэ хатылыан сөп

Скорпион ♏️

Ааспыт кэм ахтылҕана эйигин кууһан баран сылдьар, олох ыыппат

Охчут ♐️

Туохха барытыгар муҥутуур кэрчик баар, ол онтон аһары бардаҕына тулуйа сатаан баран тоҕо барыаххын сөп

Чубуку ♑️

Билигин ыарахан кэм да буоллар, сотору кэминэн эргиллэн көрөн баран төбөҕүн быһа илгиэн

Күрүлгэн ♒️

Тугу даҕаны бэйэҕэр туппакка ыытарга үөрэннэххинэ бэйэҕэр ордук туһалаах буолуо

Балыктар ♓️

Таҥнарыы суолун билбит дьону кытары биир тылы булуон суоҕа
⭕️Нам улууһун олохтоохторун истиилэригэр!

🏥Намнааҕы поликлиника күнүскү стационара икки сменанан үлэтин саҕалаата. Ол курдук, кабинет сарсыарда 8 чаастан киэһэ 8 чааска диэри эбиэккэ тохтобула суох үлэлиэҕэ.

📸@nam_crb

@gazetaensieli
Ребенок и взрослый погибли при пожаре в жилом доме в Усть-Янском районе

Пожар в четырехквартирном доме в селе Юкагир Усть-Янского района унес жизни ребенка и взрослого.

Причина пожара, виновные и ущерб устанавливаются.

@ulusmedia
📽️🎥🎞️ "РЕПЕРТУАР "САРДАҤА"

2️⃣7️⃣ октября - 2️⃣ ноября
2️⃣0️⃣2️⃣2️⃣ года


ПОНЕДЕЛЬНИК - ВТОРНИК ВЫХОДНОЙ

‼️Касса открывается с 11:00

📽️ 11:30 *КҮН КЫЫҺА КҮННЭЙ*
(детектив)
12+, цб 200 рб.

📽️ 13:15 *СРЕДНЕВЕКОВЬЕ*
(история, военный, драма)
18+ цб 200 рб.

📽️ 15:30 *УЖАСАЮЩИЙ 2*
(ужасы)
18+ цб 200 рб.

📽️ 18:00 *КҮН КЫЫҺА КҮННЭЙ*
(детектив)
12+, цб 200 рб.

📽️ 19:40 *АСТРАЛ. РЕИНКАРНАЦИЯ*
(ужасы, драма) 18+, цб 200 рб.


Внимание
Работаем только по предварительной записи.

безналичный расчет, оплата картой 💳

носите маски😷 и перчатки🧤. Берегите друг друга🤗

у нас
🔴 📱 89148259578
🔴группа WhatsApp
🔶Улахан экраҥҥа — биир дойдулаахпыт

🎞Намнар биир дойдулаахпыт, билигин Дьокуускайга олорор, «Саха» НКИХ сериал сулууспатыгар телеоператорынан үлэлии сылдьар Александр Колмогоров Даана Сард сценарийынан Елена Эверстова режиссердаах «Күн кыыһа Күннэй» киинэҕэ биир сүрүн оруолу толордо.

Александр:Киһи ылла да тутатына оруолга сатаан киирбэт. Тоҕо диэтэр, атын киһини оонньуугун, тус бэйэҥ уобараһын буолбатах. Атын герой оруолун, уобараһын, үлэтин, майгытын толору арыйыахха, көрөөччүгэ тиэрдиэххэ наада. Буола турар көстүүгэ, быһыыга-майгыга киирэн, чугастык ылынан итэҕэтиилээхтик уобараһы биэриэхтээххин. Онно Намнааҕы педагогическай колледжка үөрэнэр кэммэр Андрей Замятин салайааччылаах «Сто-ТВ» диэн айар түмсүү студиятыгар дьарыктаммытым туһаалата дии саныыбын. Ол кэмҥэ «Кыыс М.Э.Т.», «Валентин» диэн киинэ устубуппут, оруолларга оонньообуппут…

Сиһилии⬇️⬇️⬇️

https://энсиэли.рф/article/76586

@gazetaensieli
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🗞Хаһыаппыт саҥа нүөмэрэ таҕыста!

⭕️Бу нүөмэргэ тугу ааҕабыт?

Культура саҥа дыбарыаһыттан тугу күүтэбит? Нэм сэл. олохтоохторун ыйытыкка хоруйдара;

Улуус нэһилиэктэриттэн сонуннар: Үөдэй, 1 Хомустаах, Никольскай, Аппааны;

Ийэ сылыгар анаммыт балаһа;

Сибииргэ комсомолу тэрийсибит Чаҕылхай Махсыым;

Украинаҕа сэрии түмүктэниитэ Россия уонна АХШ сыһыаныгар уларыйыы киириэ дуо? Суруналыыс В. Касьянов ырытыыта;

Автобус туһунан өссө биирдэ!

@gazetaensieli
🔆Намнааҕы Олоҥхо дьиэтэ — Дойду президенин гранын кыайыылааҕа

⚜️ П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Намнааҕы Олоҥхо дьиэтэ Россия президенэ Владимир Путин «Президентский фонд культурных инициатив» диэн граныгар кыттан кыайыылааҕынан тахсан, 475 тыһ. 199 солк. харчынан наҕараадаламмыта.

Туяра Мегина, Намнааҕы Олоҥхо дьиэтин уус-уран салайааччыта:

- Биһиги өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит дьарыкпытын — мас иһит оҥоруутун сайыннарар, инники көлүөнэ ыччакка тарҕатар сыаллаах-соруктаах бырайыакпыт гранынан, онно эбии 149 тыһ. 320 солк. эбии бэйэбититтэн үбүлээммит станоктары ылан туруоруохпут.

Бырайыакпыт улууспутугар олорор үлэтэ суох, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо аналлаах. Намҥа уус-уран оҥоһуктарынан дьарыктанар мас уустара бааллар. Онуоха маастардар Виктор Стручкову, Сергей Слепцову, Руслан Захаровы, Александр Васильев-Сомоҕоттону кытта төрүт үгэһинэн чочуллубут мас чорооннору, кытыйалары, хамыйахтары оҥорорго үөрэтиэхпит.

✔️Сиһилии манна аах⬇️

https://энсиэли.рф/article/76657
🎊Нам улууһун киинигэр Максим Аммосов набережнайа үлэҕэ киирэр үөрүүлээх түгэнигэр олохтоохтор тоҕуоруһа муһуннулар.

Набережнай «Формирование комфортной городской среды» федеральнай бырайыагынан оҥоһулунна.

Бу тутууга федеральнай хааһынаттан харчы көрүллэрин былырыын, 2021 сылга, бүттүүн улуус олохтоохторо куоластаан ситиспиппит.

@gazetaensieli
📷Былыргыны былыт саппат

"Сандалы" остолобуой күндүлүүр декадата.

Маннык декада баарын өйдүүгүт дуо? Ол декадаҕа остолобуой дьону-сэргэни босхо аһатар этэ дуо?

📸Редакция архивыттан

@gazetaensieli
Түннүгүм сабыытын быыһынан
Синньигэс ый утаҕын көрдүм,
Түүҥҥү кэммэр киэли сыһыынан
Сыдьаайар сырдыгыттан үөрдүм.

Киирдим эмиэ улук бэринэн,
Түлэй эйгэм хара күлүгэр -
Киэҥ нэлэмэн сир киллэминэн
Турдум түүҥҥү дойдум түүлүгэр!

✍🏻Онтуон

Минньигэс түүллэри!