Forwarded from «КИИН КУОРАТ» хаhыат
#КК_сонун
#Аҕа_күнэ
Хатаска - "Байанай күрэҕэ-2022"
Хатас нэһилиэгин түөлбэлэрин эр дьоно Аҕа күнүн көрсө бүгүн "Байанай күрэҕэр" илин-кэлин түһүстүлэр.
Алта түһүмэхтээх тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүктэрэ маннык буолла:
✅ Дьаарын - 1 миэстэ;
✅ Баҕарах - 2 миэстэ;
✅Агро - 3 миэстэ;
✅Киэҥ Хочо - 4 миэстэ;
✅ Сардаҥа - 5 миэстэ;
✅ Малгин - 6 миэстэ.
👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻
Хамаандалар ойбону алларыы, массыынаны соһуу, сыалга ытыы, кутаа оттуу курдук күүһү-уоҕу, кыраҕы хараҕы, мындыр толкуйу эрэйэр күрэхтэргэ холостулар.
"Байанай күрэҕэ" Хатаска быйыл ахсыс төгүлүн ыытылынна. Кыайыылаахтар сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланан, байанайдаах булчут сиэринэн дьиэлэригэр өттүк харалаах, илии тутуурдаах тарҕастылар.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

«Сыл учуутала - 2022» күрэх кыайыылааҕынан Бэрдьигэстээх гимназиятын физикаҕа учуутала Иван Герасимович Дьяконов буолла.

Бээтинсэҕэ "ПОЛЕ ЧУДЕС" биэриигэ сахалар көстүөхтэрэ
Дойдубут киинигэр Москва куоракка өрөспүүбүлүкэбит 100 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр анал былаанынан бараллар. Ол тэрээһиннэр чэрчилэринэн бастакы ханаал биир саамай уһуннук көстө турар, көрөөччү биһирэбилин ылар “Поле чудес” биэриитигэр Саха АССР үйэлээх үбүлүөйүгэр анал биэрии уһуллубута.
✅Биэрии 1 ханаалга, бээтинсэҕэ, ыам ыйын 13 күнүгэр, киэһэ 19.40 ч. көстүөҕэ.
Биэриигэ Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа саха тылын учуутала, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, Сунтаартан төрүттээх Сайнаара Трофимовна Кириллина уһуллубут дьонтон биирдэстэрэ:
⁃ Өрөспүүбүлүкэ саха тылын учууталларыттан талыллан дойду тэбэр сүрэҕэр "Дьиктилээх хонуу оонньууга" кыттыыны ылан кэлбитим. Эҕэрдэ нүөмэрбэр бэйэм үлэлиир Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын 8 "а" кылааһын оҕолорун илдьэ барбытым. Кинилэр былырыын сайын Сочи куоракка буолбут дойдубут бэрэсидьиэнин көҕүлээһининэн ыытыллар спортивнай оонньууларга кыайыылаах буолан кэлбиттэрэ. Онно көрдөрбүт нүөмэрдэрин - хомуска оонньууларын, үҥкүүлэрин билсиһиннэрбиттэрэ.
👍🏻Биһиги оҕолорбут оонньууну үҥкүүнэн аспыттара, ыытааччыны арыаллаан тахсыбыттара. Хомуска өрөспүүбүлүкэ оҕолорго аналлаах күрэҕин кыайыылааҕа Ярослав Ядреев сүрүн матыыбы таһаарбыта.
Олус долгутуулаах уһуллууга кыттан, барытыттан дуоһуйа астынан кэлбиппит. Биэрии эпииргэ тахса илигинэ туох да кистэлэҥи арыйар табыллыбат диэбиттэрэ. Ол иһин сахабыт дьонун бу биэриини хайаан да көтүппэккэ көрөөрүҥ диэн ыҥырабыт!
🔹Сайнаара Трофимовна "Поле чудес" музейыгар аҕата, СӨ үтүөлээх учуутала Трофим Семенович Кириллин 25 сыл устата оскуола оҕолоругар, дьонугар-сэргэтигэр бэйэтэ оҥорбут эргитэр барабааннаах "Дьиктилээх хонуу" оонньууну ыытан кэлбитин туоһулуур өйдөбүнньүк хаартыскатын кытта аҕатын туһунан кинигэ бэлэхтээбит.

❇️Ыам ыйын 22 күнүгэр 12.00 чаастан “Саха” НКИХ эпииригэр, “Сайылык” биэриигэ Норуодунай артыыс, режиссер, фолк-ырыаһыт Степанида Борисова Иван Гоголев-Кындыл “Ийэ алгыһа” айымньытынан алгыс сиэрин-туомун толоруоҕа.
🤗 Сайылык күнүн көрсө, Ийэ сылын чэрчитинэн ыытыллар алгыс дьахталларга, ийэлэргэ чэгиэн буолууга, этэҥҥэ сылдьыыга, оҕолонон удьуору ууһатыыга ананыаҕа.
☝🏻Кындыл бу айымньыта чахчы дьикти күүстээҕинэн, иччилээх-хомуһуннаах тыллааҕынан биллэр, онон иһийэн олорон истээриҥ, алгыс тылын сүрэххитинэн-быаргытынан ылынаарыҥ диэн тэрийээччилэр ыҥыраллар.

✅ Ем. Ярославскай аат. Кыраайы үөрэтэр музейга «Благословенная и щедрая земля Таатты» быыстапка үлэлии турар.
👍🏻Экспозицияҕа Мандар Уус уонна кини үөрэнээччилэрин үлэлэрэ турдулар.
☝🏻Биир сэдэх былыргы экспонат - XVII үйэ саҕанааҕы, Баайаҕа нэһилиэгин Улахан алаас сириттэн булуллубут үс атахтаах чороон.
Быыстапка балаҕан ыйын 10 күнүгэр диэри үлэлиир.

#КК_Сонун
❇️ Бүгүн Бэчээт күнүнэн суруналыыстар идэлээх күрэхтэрин түмүгүнэн "Киин куорат" эрэдээксийэтэ хас даҕаны улахан бириэмийэҕэ тиксибит үөрүүтүн ааҕааччыларбытын, сахалыы бэчээти сэргиир, кэтиир, өйүүр дьоммутун кытта үллэстэбит🎊
❇️ Бастатан туран, Саха сирин суруналыыстарын сойууһа сылын аайы тэрийэр күрэһин түмүгүнэн Айыына Ксенофонтова "Көмүс бөрүө" бириэмийэ лауреата буолла👏🏻
❇️ Маны сэргэ, Айыына Ксенофонтова Дьокуускай куорат Дуумата 200 сылынан Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын үлэтин сырдатыыга ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс муҥутуур кыайыылааҕынан ааттанна👏🏻
❇️ Розалия Томская Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата ыытар үгэс буолбут күрэҕин муҥутуур кыайыылааҕын үрдүк аатын ылла👏🏻
❇️ Наталья Кычкина Быстах байыаннай эпэрээссийэ тиэмэтигэр суруйууларынан Ил Түмэн уонна "Саха-волонтер" уопсастыбаннай тэрилтэ Грамоталарынан наҕараадаланна👏🏻
❇️ Биир идэлээхтэрбитин айымньылаах үлэҕит үрдүктүк сыаналаммытынан эҕэрдэлиибит!

❇️ Туймаада ыһыаҕын биир саамай күүтүүлээх -кэтэһиилээх күөн күрэһэ - "Дыгын оонньууларын" быйыл бэһис төгүлүн спонсордыыр "Прогресс" тутуу хампаанньатын төрүттээччи уонна салайааччы Алексей Семенович Пинигин 2024 сыл муҥутуур кыайыылааҕар Дьулустаан Ноговицыҥҥа биир сүрүн бирииһи туттарар сиэрэ-туома Хатас нэһилиэгэр "Тускул" култуура киинигэр буолла🏆👏👏👏
📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

✨Кырдьаҕас куоракка "Маастардар куораттара» атыы-эргиэн, дьаарбаҥка, маастар-кылаастар буола турар.

🍽️ Быйылгы «Саха сирин амтана» бэстибээлгэ Гран-прины «Кабинет» эрэстэрээн ылла.
🙌🏻Бастыҥ аатын иһин былдьаһар эрэстэрээннэргэ куонкурус усулуобуйатын быһыытынан эрдэ Саха сиригэр үүнэр, үөскүүр булт, сир аһыттан, отуттан буруолуу сылдьар саҥа, сонун бүлүүдэни бэлэмнииргэ сорудах бэриллэр. Бу бэстибээлгэ ол сорудаҕы хайдах олоххо киллэрбиттэрин көрдөрөллөр.
📍«Саха сирин амтана» 2014 сылтан ыытыллар. Урукку сылларга кыайыылаахтарын ааттаммыттара:
2014 сыл – «Лайнер»;
2015 сыл – «Махтал»;
2016 сыл – «Махтал»;
2017 сыл – «Атласовтар этно-уһаайбалара»;
2018 сыл – «Каре»;
2019 сыл – «РекаОзероЛес»;
2020 сыл – «Бекетовъ;
2021 сыл – «Высота -160»;
2022 сыл – «Махтал»;
2023 сыл – «Аврора».

473 582 киһи тумууттан быһыы ылла
🔹 Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениетын чахчытынан, ахсынньы 8 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 7 тыһыынчаттан тахса киһи ОРВИнан ыалдьыбыта бэлиэтэнэн, көрдөрүү ааспыт нэдиэлэтээҕэр 2 % намтаабыт.
Лабораторнай чинчийиилэр сүрүннээн парагрипп, метапневмовирус, РС-вирус, аденовирус, риновирус, бокавирус уонна COVID-19 коронавирустара элбээбитин көрдөрбүттэр.
2024 сыл 49-с нэдиэлэтин (ахсынньы 2 - ахсынньы 8 күннэрэ) түмүгүнэн, 473 582 киһи тумууттан быһыы ылбыт, ол иһигэр: 189 260 оҕо, 284 322 улахан киһи.
🙌🏻Тумууну, ОРВИ, COVID-19 ыарыылары сэрэтэр судургу дьаһаллары санатабыт:
🔹илиини кичэйэн уонна чаастатык суунуу;
🔹ыарыы сибикилээх дьону кытта алтыһыыны тохтотуу;
🔹дьиэни салгылатыы;
🔹элбэх киһилээх сирдэртэн туттунуу;
🔹элбэх киһилээх сирдэргэ мааскалаах сылдьыы;
🔹кирдээх илиинэн сирэйи, хараҕы, муруну таҕайартан туттунуу;
🔹чөл олоҕу тутуһуу;
🔹ыарыы сибикитэ билиннэҕинэ, тутатына бырааска көрдөрүү.