Чурапчинский улус
2.99K subscribers
8.31K photos
863 videos
2 files
849 links
Download Telegram
🏐 В рамках съезда проводится товарищеский турнир по волейболу
 
В рамках XIV съезда учителей и педагогической общественности Республики Саха (Якутия) «Открытое образование – пространство возможностей» с 5 по 6 октября в спортивном зале Финансово-экономического колледжа им. И.И. Фадеева при содействии Якутского индустриально-педагогического колледжа им. В.М. Членова проводится товарищеский турнир по волейболу среди работников системы образования.

Команды состоят из сотрудников дошкольного образования, педагогов дополнительного и общего образования, системы среднего профессионального образования, свою команду выставило Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия). В турнире также принимают участие делегаты съезда из Верхоянского и Чурапчинского районов.

Награждение победителей будет проведено сегодня, 6 октября.
2021-2022 сыл кыстыкка от таһыытын үлэлэрин түмүгэ.
Кыстыкка киириигэ Чурапчы улууһугар миэстэҕэ 22 740тн оттоттоммута. 48 мобильнай биригээдэлэр тэриллэннэр уопсайа 8100 тн оту соҕотуопкалаабыттара, ол иһигэр Амурскай уобаласка 2400тн.
Сүөһү уонна сылгы кыстыга толору хааччыллан сыл тахсалларыгар республика араас улуустарыттан уонна Амурскай уобаластан, Забайкалье кыраайыттан барыта 15 451,56 тн от таһыллан бааһынай хаһаайыстыбалар, чааһынай ыаллар тэлгэһэлэригэр диэри тиэллэн аҕалыллан, сүөкэннэннэр этэҥҥэ кыстыгы туораабыппыт. Таһыллыбыт 15,4 тыһ. тн от 287,569 мөл.солкуобайдаах ороскуотка тахсыбыта. Ити улахан ороскуоту сабынарга Саха Өрөспүүбүлүкэтин анал уурааҕынан төлөбүр оноһулла турар.
Күн бүгүн от таспыт ороскуоттартан 227,2 мөл.солкуобай төлөнөн бүтэн сытар. Хаалбыт 60,369 мел.солк Саха Өрөспүүбүлүкэтин бу сыл алтынньы ый 6 күнүнээҕи, 607 нүемэрдээх уурааҕынан илии баттана , улууска кэллэгинэ тутатына отбор оноһуллан от таһыытыгар иэстээх хаалбыт хаһаайыстыбаларга толору тиэрдиэхпит. Итинэн 2021-2022 сылларга көрсүллүбүт ороскуот толору төлөнөн бүтэр диэн иһитиннэрэбит.
2021-2022 сыл кыстыгар түүннэри-күнүстэри, өрөбүлү бырааһынньык күннэрин аахсыбакка, кырыа кыһыммыт тоһуттар тымныытыттан чаҕыйбакка от таспыт, тыа сирин дьонун кыһалҕаларын өйдөөн-өйөөн үлэлээбит, күн бүгүнүгэр диэри харчыларын тулуурдаахтык кэтэспит суоппардарга улахан махталбытын тириэрдэбит. Дьиэ-кэргэҥҥит туруктаах буоллун диэн алгыспытын этэбит! Дьон-сэргэ махталын куруук ыла тураргытыгар!
Чурапчы тыа хаһаайыстыбатын салалтата. 7.10.2022с.
Дорога Нижний Бестях-Чурапча протяженностью 176 км. полностью заасфальтирована! 👏🏻

Это важное событие в истории нашей республики. Еще недавно мы и не могли мечтать о такой дороге. А сегодня, благодаря решениям Президента страны, всего за 3 года мечта многих поколений якутян воплощена в жизнь.

Дороги для Якутии с её огромными территориями - это артерии жизни. За последние 3 года мы построили и реконструировали 1,5 тыс. км. дорог и намерены эти темпы сохранять!

#ЯкутияВперед

t.iss.one/aisen_nikolaev
🛣️🛣️🛣️ _*“Аллараа Бэстээх-Чурапчы” асфальт суола аһылынна*_ 🛣️🛣️🛣️https://санаолох.рф/article/74211 _Бүгүн Саха сирин суолун тутуутугар историческай суолталаах күн. Хас да сыл аннараа өттүгэр Аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга диэри суол асфалланыа диэн баҕа санаа эрэ курдук этэ._

Сиһилии⤵️: https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/article/74211
Forwarded from ЕГОР БОРИСОВ
Сегодня благодаря главе Якутии Айсену Николаеву сбылась мечта многих поколений жителей Заречья - на границе Мегино-Кангаласского и Чурапчинского улусов открыли долгожданную автодорогу «Колыма» с асфальтобетонным покрытием на участке от поселка Нижний Бестях до села Чурапча. Теперь мои земляки до столицы Якутии будут добираться всего лишь за более чем два часа. Было время, когда это расстояние преодолевали за неделю, а то больше, особенно в дождливые годы.
В 80-ые годы руководство района настойчиво ставило вопрос продолжения строительства трассы до села Чурапча и к 1990 году завершилась строительство с песчано-гравийным покрытием. С того момента стали забывать те места, где днями, ночами и неделями «плакали» водители машин, застрявшие во время непогоды: подьемы аласов «Бетугуттэ», «Арылах», перевала «Чыччан», речка «Солообут», ручеек «Хаар балаган», узкие повороты перед «Чачигы», за Норагана и тд. Но из-за ненадлежащего обслуживания, дорога с песчано-гравийным покрытием перестала соответствовать нормам - тряска погашала скорость, создавала дискомфорт, ломалась ходовая часть автомашин. Вместо грязи, лужи теперь появились другие неудобства. Жители стали говорить о необходимости асфальтирования этой дороги. В 2000 годах руководство республики стало обращать больше внимания строительству республиканских дорог, а 2007 году добились передачи автодороги по маршруту Якутск –Мирный – Ленск в федеральную собственность, образовав федеральную дорогу «Вилюй».
В конце июля месяца 2012 года мы с министром транспорта РФ М.Ю Соколовым в г. Якутске провели двухдневное совещание по всем проблемам транспортного комплекса Якутии. Тогда я уговорил Максима Юрьевича проехать на машине с Нижнего Бестяха до Тюнгюлю по федеральной дороге. К себе в машину пригласили и начальника Управления дороги «Колыма» Виктора Игнатьева. Дорога, конечно, была разбита до нельзя. И катаясь по такой трясине, министр спрашивал? «Это чья дорога?», я отвечаю: «Ваша - федеральная». Соколов пытался оспаривать, что федеральная дорога не должна быть такой, конечно, Игнатьеву пришлось изрядно краснеть перед прямым начальником. Дальше уже вынуждены были пересесть на вертолет и показать федеральному руководителю Колымские прижимы на горном перевале. По результатам этой поездки министром транспорта России было принято ряд важных решений по увеличению финансирования строительства и реконструкции федеральных дорог в Якутии, изменены структуры управления ими и, конечно, кадровые решения. Через 2-3 года были ликвидированы знаменитые «черные» и «желтые» прижимы на перевалах, активизировалось строительство мостов и начато активное асфальтирование федеральных дорог «Вилюй», «Колыма», «Лена», а финансирование увеличилось в разы.
В историю уходят те времена, которые были свидетельством сложных условий транспортировки грузов в наши сельские районы. Асфальт идет дальше на северо-восток. В село Ытык-Кель Таттинского района дойдет уже к 2025 году. Как говорят в народе: «Дорога есть - жизнь налаживается».
АЛЛАРАА БЭСТЭЭХ--ЧУРАПЧЫ АСФАЛЛАММЫТ СУОЛ АҺЫЛЫННА
. Бүгүн, алтынньы 7 күнүгэр, Чурапчыбыт историятыгар киирэр бэлиэ күн--Аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга диэри Халыма федеральнай суол асфалламмытын бэлиэтээһин буолла. Бу үөрүүлээх дьаһалга Ил Дархан Айсен Николаев, Суол федеральнай агенствотын салайааччытын солбуйааччы Игорь Костюченко, сенатор Егор Борисов, өрөспүүбүлүкэ суолу оҥорор тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ, Чурапчы, Мэҥэ-Хаҥалас улуустарын салалталарыттан кыттыыны ыллылар.
. Айсен Николаев: ,,Бу суолунан Егор Борисов правительствоҕа бэрэсэдээтэллиир, Ил Дарханынан үлэлиир кэмнэригэр элбэхтэ бииргэ сылдьыбыппыт. Асфаллааһын үлэтэ 2019 сылтан саҕаланан 3 сыл иһигэр бүттэ. Оҥоһуутугар элбэх үп ороскуоттанна. Маныаха федеральнай салалта көмөтө улахан. Салгыы Ытык Күөлгэ диэри асфалланыаҕа, Хаандыганан Магадаҥҥа тиийиэҕэ. Бу үлэҕэ үтүө суобастаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээбиттэргэ махтанабын'',--диэтэ.
. Сенатор Егор Борисов бу суолунан 60-тан тахса сыл айаннаабытын, хайдах оҥоһуллан, тупсарыллан кэлбитин билэринэн эттэ. Федеральнай былаас регионнар суолларын тупсарыыга улахан болҕомтотун уурарын бэлиэтээтэ. Билиҥҥи уустук кэмҥэ түмсүүлээх буоларга, бииргэ сомоҕолоһон үлэлииргэ-хамсыырга ыҥырда.
. Игорь Костюченко: ,,Суол дьон сылдьарыгар анаан оҥоһуллар. Федеральнай программанан элбэх региоҥҥа суолу тупсарыы үлэтэ ыытыллар. Суолу оҥорооччулар үчүгэй суол сайдыы төрдө буоларын толору өйдүүллэр, кыһаллан үлэлииллэр. Эһигини кытары асфальт суол Чурапчыга кэлбитигэр тэҥҥэ үөрэбит''--диэтэ.
Мустубуттар дохсун ытыстарын тыаһынан доҕуһуоллатан элбэх бастыҥ үлэһиттэр наҕараадалары туттулар.Суолу арыйар Кыһыл лиэнтэ быһыллыбытын кэннэ ,,Ураа'' хаһыынан доҕуһуолланан бырааһынньыктыы киэргэтиллибит ,,КамАЗ'' массыыналар аастылар.
Өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһүү буолла, оһуохай дуорайда.
. Алексей СЛЕПЦОВ.
Күндү Чурапчы улууһун олохтоохторо, ытыктабыллаах бар дьонум!

Биһиги өр күүппүт биир бастыҥ баҕабыт олоххо киирбитинэн - Аллара Бэстээхтэн Чурапчыга диэри ааттаах үчүгэй аспаал суол тиийэн кэлбит кэрэ-бэлиэ түгэнинэн үөрэн-көтөн туран, ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Бу улахан дьыаланы олоххо киллэриигэ төһүү күүс буолбут өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханыгар Айсен Сергеевич Николаевка, өрөспүүбүлүкэ тырааныспарга миниистиригэр Владимир Михайлович Сивцевкэ, "Бүлүү" федеральнай суол управлениетын салайааччытыгар Николай Иванович Андреевка барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Аҕа көлүөнэ дьоммут үчүгэйдик өйдүүллэр - Чурапчыга гравий кутуу суол ааспыт үйэҕэ 1986 с. аан бастаан кэлбит үрдүк үөрүүтүн. Оттон бу быйыл, 2022 сылга, аныгы сайдыылаах XXI үйэҕэ, биһиги Чурапчыбытыгар аспаал массыына суола тиийэн кэллэ! Бу улууспут сайдыытыгар, бар дьоммут олоҕун-дьаһаҕын хаамыытыгар сүҥкэн историческай суолталаах түгэн. Ол да иһин биһиги Аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга тиийэ массыына сырыытын федеральнай трассата саҥа аспаалынан тутуллуута ситиһиилээхтик түмүктэммитин бэлиэтиир сиэри-туому толордубут, ону сэргэ Мэҥэ-Хаҥалас-Чурапчы улуустарын быысаһар кыраныыссатын бэлиэтиир саҥа стелланы арыйдыбыт. Икки улуус олохтоохторугар бу дьоро түгэн умнуллуо суоҕа.
Ытыктабыллаах тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр-үөллүүр салаа үлэһиттэрэ!

Эһигини, тыа хаһаайыстыбатыгар быһаччы үлэлии-хамсыы сылдьар тыа сирин туруу үлэһит дьонун, идэлээх бырааһынньыккытынан – дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр Тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр-үөллүүр салаа үлэһиттэрин күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн туран, улуус салалтатын, олохтоохторун ааттарыттан сылайары билбэт сыралаах үлэҕитин үрдүктүк сыаналыырбытын, барҕа махталбытын биллэрэбит!

Бу - тыа сиригэр олорор, сүөһү иитиитигэр, сиртэн үүнээйини ылыыга, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга ыарахаттартан толлубакка үлэлиир дьону түмэр, сомоҕолуур бэлиэ бырааһынньык.

Чурапчы улууһун агропромышленнай комплекса былааннаахтык сайдарыгар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар хас биирдии хаһаайыстыба киллэрэр кылаата улахан. Тыа хаһаайыстыбатын астыыр-батарар тиһигин кэҥэтиигэ уонна бөҕөргөтүүгэ утумнаах үлэ бара турар. Ол улууспутугар табаары оҥорон таһаарыыны үрдэтиигэ улахан олук буолара саарбахтаммат. Тус сыаллаах анал тосхоллор чэрчилэринэн сүөһү ахсаанын элбэтиигэ, кэтэх, бааһынай хаһаайыстыбалар укулааттарын бөҕөргөтүүгэ туһуламмыт араас хайысхалаах үлэ-хамнас биһиги Ил Дархаммыт, Барабыыталыстыбабыт өттүттэн сөптөөхтүк ыытыллар. Ол курдук сыллата хотоннор тутуллаллар, астыыр-таҥастыыр салаа сайдар, саҥа тиэхиньикэ атыылаһыллар, ыһыы иэнэ кэҥэтиллэр, үлэ технологията тупсарыллар. Куураайы сирдэрбитин нүөлсүтүүгэ биһиги улууспут сотору пилотнай бырайыагы саҕалыыра күүтүллэр. Тыа сирин үлэһиттэрин уонна эдэр исписэлиистэрин олорор усулуобуйалара болҕомтоҕо тутуллар. Төһө да курааннаан, уот туран, ыксаллаах быһыы-майгы үөскээтэр, сүөһүбүт, сылгыбыт кыстыгы этэҥҥэ туорууругар күүстээх сорук туруорунабыт. Ыарахаттартан иҥнибэккэ, тыа сирин социальнай мөссүөнэ уларыйан, тыа хаһаайыстыбатын көрдөрүүтэ тупсан иһиэҕэр эрэлбит улахан.

Бу күн идэлэригэр бэриниилээх, тыа хаһаайыстыбатын салаата сайдыытыгар олохторун анаабыт дьоммутугар дьиэҕитигэр-уоккутугар табыллыыны, чэгиэн туругу, дьолу-соргуну баҕарабыт! Үлэҕитигэр үрдүк ситиһиини, быйаҥнаах бааһынаны, үрдүк үүнүүнү, дьоһун дохуоту, уйгулаах олоҕу!