С Рождеством Христовым!✨✨✨
Этот светлый праздник наполняет наши дома особым теплом, а сердца - надеждой. Он напоминает нам о вечных ценностях - любви, милосердии и сострадании. Рождество - время добрых помыслов и дел, искренней заботы о тех, кто нуждается в помощи. Время, когда высвечивается самое лучшее, что есть в нас.
Желаю Вам благодати, гармонии и любви. Берегите и приумножайте в своем сердце любовь и доброту! Счастливого Рождества!✨
t.iss.one/aisen_nikolaev

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
✨✨✨✨✨✨
Күндү биир дойдулаахтарбыт, Тохсунньу ый 1️⃣0️⃣ күнүгэр күнүс 1️⃣4️⃣ чаастан Е.А.Борисов архыып-бибилэтиэкэтигэр
Чурапчы чулуу киһитэ, айылҕаттан айдарыылаар, Аан дойдуга аатырбыт талааннаах Россия уонна Саха сирин норуодунай худуоһунньуга Афанасий Петрович Мунхалов 90 сылыгар анаммыт "Саха Сарсыҥҥылаах Санаалара" диэн сүдү күүстээх, эйгэлээх, бэйэтэ айан хаалларбыт хартыыналарын быыстапкатыгар ыҥырабыт!
🌄🌄🌅🌅🌌🌌
Бу эрэ күн Алгыстаах баайы - дуолу, тапталы, оҕо кутун тардар хартыынаны бэлэх тутуоҕуҥ!
✨✨✨✨✨✨✨✨
Улуу Киһибит Сүдү Үлэлэрин илэ хараххытынан кэлэн көрүҥ - Үйэлээх Өйдөбүлгэ кыттыһыҥ!

Forwarded from СТЕПАН САРГЫДАЕВ
Бүгүн ССРС хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, призера, Европа үрүҥ көмүс, Аан дойду кубогын боруонса призера, тустууга 1976 сыллаахха Монреаллааҕы Олимпиада үрүҥ көмүс призера, саханы саха дэппит чулуу спортсмеммыт, биһиги, чурапчылар ытыктабыллаах күтүөппүт Александр Николаевич Иванов төрөөбүт күнүнэн Чурапчы улууһун салалтатын, бары олохтоохторун уонна тус бэйэм ааппыттан истиҥник эҕэрдэлиибин!
Бу дьоро күҥҥэ Александр Николаевич Олимп чыпчаалыгар дабайыытыгар, тус олоҕун түстээһиҥҥэ сотуллубат-суураллыбат оруоллаах уһулуччулаах тренербит Дмитрий Петрович Коркин аатын махталлаахтык ахтан туран, Улуу Пехлеван көҥүл тустуу сайдыытыгар килбиэннээх кылаатын уонна үлэтин, айылҕаттан айдарыллыбыт талаанын, кытаанах дьулуурун, идэтигэр бэриниитин иһин махтал, таптал бастыҥ тылларын этэбит, чэгиэн доруобуйаны, туйгун туругу, тус олоххо дьолу, ситиһиилэри баҕарабыт!

Бүгүн Мэлдьэхси учаастагар үөскээбит-төрөөбүт сүдү талааннаах биир дойдулаахпыт, РСФСР норуодунай худуоһунньуга, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Арассыыйа Худуоһунньуктарын академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын академиятын академига, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин VIII ыҥырыыга, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин IX ыҥырыыга дьокутаата, Искусство уонна культура Арктикатааҕы институтун ойуулуур-дьүһүннүүр факультетын декана, профессора, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Чурапчы улууһун ытык киһитэ Афанасий Петрович Мунхалов төрөөбүтэ лоп курдук 90 сылын туолла.
Кини сэрии, сут-кураан сылларыгар дьонун Мунхаалаптары уонна биир дойдулаахтарын кытта күүс өттүнэн хоту көһөрүүгэ түбэспитэ. Ыар олохтон суорума суолламмыт дьонноох уолу оҕо дьиэтигэр ылбыттара. Айар дьоҕурдаах уол Дьокуускайдааҕы уус-уран училищены 1957 с., онтон 1963 с. Суриков аатынан Москубатааҕы судаарыстыбаннай уус-уран институт графикаҕа салаатын бүтэрбитэ.
Биһиги, биир дойдулаахтара, Афанасий Петрович саха графикатын 1960-с сылларга аан дойду таһымыгар таһаарбыт худуоһунньуктартан биирдэстэрэ буоларынан киэн туттабыт, кини аатын үрдүктүк тутан үйэтитэргэ, өлбөт-сүппэт айымньыларын сыа-сым курдук тутан харыстыырга кыһанабыт. Улууспут Култуураҕа уонна духуобунаска киинин биир кэрэ-бэлиэ сирэ, тэбэр сүрэҕэ биллиилээх худуоһунньук Афанасий Мунхалов аатынан Хартыына галереята буолар. Манна Афанасий Петрович 147 үлэтэ бар дьонун көрүүтүгэр бэрт кичэллээхтик хараллан, кэрэҕэ-сырдыкка угуйа турара үөрдэр уонна кэрэхсэтэр. Чурапчы сирэ бу курдук талааннаах дьонунан үүнэ-үксүү турдун!

✍🏻 СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин бу сылга бастакы бирикээһэ улуу худуоһунньук-графист Афанасий Мунхалов төрөөбүтэ 90 сылыгар ананна
Афанасий Петрович култуура уонна ускуустуба сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын бэлиэтээн туран, Чурапчы улууһун делегациятын кытта биир сүбэнэн бу сылга кини аатын үйэтитэргэ кэккэ тэрээһиннэри ыытыахпыт. Ол курдук, аан бастакы тэрээһининэн бу ый бүтүүтэ дойду регионнара кыттыылаах научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолуоҕа. Салгыы быыстапкалар, күрэстэр уонна да атын тэрээһиннэр оҕолору, ыччаты, талааннаах худуоһунньуктары түмүөхтэрэ.
Үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ эппиэттээх тэрийэр хамыыһыйа үлэтин саҕалаата.
https://t.iss.one/afanasiy_noev

Тохсунньу 11 күнүттэн «Чурапчы-Дьокуускай-Чурапчы» хайысханан 206 нүөмэрдээх маршрутнай автобус сырыытын саҕалыыр.
Бу туһунан "Чурапчы нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата иһитиннэрэр.
Бу туһунан "Чурапчы нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата иһитиннэрэр.
Forwarded from СТЕПАН САРГЫДАЕВ
Бүгүн саха норуотун биир чулуу уола, Чурапчы улууһун киэн туттар киһитэ, болтоҥолор биир дойдулаахтара, тыа хаһаайыстыбатын бөдөҥ уһулуччулаах салайааччыта, Социалистическай Үлэ Геройа Василий Михайлович Кладкин төрөөбүт күнэ. Кини Болтоҥо нэһилиэгэр, Кындалга Хорҕолдьун диэн алааска Кладкин Михаил Константинович уонна Марфа Петровна диэн колхуостаах ыалга төрөөбүтэ.
Василий Михайлович бөдөҥ салайааччы, Үлэ Геройа буоларын таһынан ыал аҕатын бастыҥа этэ. Мария Афанасьевната олохтоох эбээннэртэн бастакы анал үөрэхтээх учуутал, үөрэхтээһин систиэмэтигэр киллэрбит кылаатын иһин элбэх бэлиэ наҕараадалардаах, ССРС уонна РСФСР үөрэҕириитин туйгуна этэ. Кинилэр биэс оҕону төрөтөн, улаатыннаран, дьоһуннаах дьон, ыал оҥортоон, сиэннэрин көрөр дьолломмуттара.
Үлэлээн, олорон ааспыт Томпотун, Тополинайын дьоно- сэргэтэ, хоту дойду хоһуун үлэһит дьон, биһиги биир дойдулаахпыт аатын, кинилэр тустарыгар оҥорбут үтүөтүн, сыралаах үлэтин умнубаттар. Биһиги, биир дойдулаахтара, Социалистическай Үлэ Геройа Василий Михайлович аатын үрдүктүк тутабыт, кини аатын киэн тутта ааттыыбыт.

Бүгүн Е.А.Борисов аатынан архыып-бибилэтиэкэтигэр биир дойдулаахпыт, РФ уонна СӨ норуодунай худуоһунньуга Афанасий Петрович Мунхалов төрөөбүтэ 90 сылыгар анаммыт "Саха Сарсыҥҥылаах Санаалара" быыстапката аһылынна.
Бэлиэ түгэҥҥэ улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, култуура салалтатын начаалынньыгын солбуйааччыта Максим Смирников, Афанасий Петрович үөлээннээҕэ Василий Дьячковскай, о.д.а кыттыыны ыллылар, үтүө тылынан ахтан-санаан аастылар.
Быыстапкаҕа худуоһунньук 6 оригинал хартыыната турда. Ол курдук, 1966с "Үтүө уонна өһүөн", 1967с. "От кэмэ", 1968с. "Саха санаата", "Мин хотугу дойдум: Бырааһынньыкка", 1986с. "Ыалдьыт", 2003с. "Чурапчы көһөрүллүүтүн туһунан номох: оонньооботох оҕо сааһым" үлэлэрэ дьон көрүүтүгэр таҕыстылар.
Маны сэргэ Афанасий Мунхалов уруһуйдарыгар олоҕурбут баайы-дуолу, тапталы, оҕо кутун тардар алгыстаах кыра хартыыналары кэлбит ыалдьыттарга бэлэх быһыытынан туттардылар.

Күндү ийэтэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Матта нэһилиэгиттэн төрүттээх
Ноговицына Александра Фомична
олохтон туораабытынан кыыһыгар Прасковья Петровна Борисоваҕа, кини дьиэ кэргэнигэр, чугас дьонугар Чурапчы улууһун салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.