Балабкина Бриф V
2.47K subscribers
36.2K photos
9.55K videos
76 files
22.6K links
Навигатор Арктики и экологии

Заместитель Председателя Правительства Республики Саха (ЯКУТИЯ) Ольга БАЛАБКИНА
Download Telegram
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Этноусадьба Изабеллы Степановны Платоновой в селе Крестях Сунтарского района Якутии.

#сахасирэ #якутия #крестях #этноусадьба #сахадьоно #сунтарскийрайон
Михаил Никифоров Сайылык күнүнэн эҕэрдэлиир

Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлии-хамсыы сылдьар дьоммутун, бэтэрээннэрбитин уонна тыа сирин олохтоохторун Сайылык күнүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын уонна тус бэйэм ааппыттан эҕэрдэлиибин!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев 2018 сылтан төрүттүөҕүттэн Саха сиригэр бу биир бэлиэ уонна хас биирдиибитигэр чугас күн буолар.

Күн бүгүн дойду үрдүнэн нэһилиэнньэни бэйэ бородууксуйаннан хааччыйыы биир бастакы сорук буолан турар. Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын үксэтиигэ сайылыктааһын улахан оруолу оонньуур. Ол курдук ынах үүтэ элбиир, хаачыстыбата тупсар, тарбыйах төлөһүйэр, субай сүөһү улаатар. Кэтэх хаһаайыстыбалаах ыаллар өльгөм үүт ыаннар туттаран эбии дохуоттаналларыгар ыал экономикатыгар төһүү күүс буолар. Ол курдук бу күннэргэ улахан тэриллиилээх хаһаайыстыбалар, фермердэр сайылыкка көһөллөр. Сайын тыа сирин олохтоохторугар от оттоон, кыһыны кыстыыр күүрээннээх үлэлэрэ саҕаланар.

Бу дьыл Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 355 сайылыкка 43 тыһыынча кэриҥэ хороҕор муостаах, ол иһиттэн 19 тыһыынча ыанар ынах тахсара былааннанар. 1820 үлэһит сайылыкка үлэлии тахсара былааннанар, ол иһигэр 793 ыанньыксыт, 150 үүт тутааччы, 201 техник - осеменатор, 409 бостуук, 267 ньирэй көрөөччү.

Бу үөрүүлээх күҥҥэ баҕарыам этэ эһиэхэ хороҕор муостааххыт, сыспай сиэллээххит эбиллэ турарыгар, үрүҥ илгэни үксэтэ тураргытыгар, кэлэр кыстыгы эрчимнээхтик, күчүмэҕэйдэрэ суох туоруур курдук хаачыстыбалаах оту оттуургутугар, эбии аһылык бэлэмнээн, оҕуруот аһын өлгөмнүк үүннэрин, үлэҕэ үрдүк ситиһиилэри, былааннаммыты толорон, быр – бааччы олоҕу, кытаанах доруобуйаны уонна толору дьоллоох олоҕу!
 
Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйаачы
Михаил Никифоров

#сахасирэ #ольгабалабкина #якутия #арктика #мыработаем #сайылык #сайылыккунэ #сахадьоно
Сүөгэй саламаат 😋

700-800 г. сүөгэй
50г. бурдук
Туус.

Үчүгэйдик ытыйыллыбыт, тууһаммыт сүөгэйдээх бурдугу чугуун көстөрүүлэҕэ кутан уокка туруоруллар. Оргуйбутун кэннэ уотун кыччатыллар, сотору-сотору булкуйуллар. Арыыта үрдүгэр таҕыстаҕына, кыратык буһара түһээт, уоттан ылыллар. Хойуу саһархайдыҥы өҥнөөх саламааты мас кытыйаларга эбэтэр пиалаларга кутуталаан итиитинэ сиэниллэр.

@SakhaRecept

#сахалыыас #сахадьоно #сахасирэ