Балабкина Бриф V
2.47K subscribers
36.2K photos
9.57K videos
77 files
22.6K links
Навигатор Арктики и экологии

Заместитель Председателя Правительства Республики Саха (ЯКУТИЯ) Ольга БАЛАБКИНА
Download Telegram
Так прибывают 10 человек с села Мугудай, работники с ЦУБ, с администрации улуса, с управления образования, ветуправления, спорт-школы, ЖКХ, с "Сахаспецтранса", "Дьулуур" и "Хатан", СХПК.

Кроме того, производятся работы  по спасению и завозу сена силами работников управления сельским хозяйством, администрации и жителей сел Хоптого и Мугудай.

На безопасное место завезены всего 132 тонны сена. Далее в плане стоит завоз сена из возможно опасных в плане пожароопасности  зон, которые находятся в отдаленных от наслега сенокосных угодьях", - сообщает глава улуса Андрей Ноговицын.

Руководство улуса выражает большую благодарность всем организациям и людям за деятельную помощь в тушении пожара.

#чурапчинскийулус #мегинокангаласскийулус #андрейноговицын #мугудай #хоптого
Дьон махталын ылбыт 206-с “Чурапчы-Аллараа Бэстээх” маршрут

Быйыл муус устар ыйга Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө Чурапчыга автобус сырыыта саҕаламмыта.  Ол туһунан Чурапчы гимназиятын пресс-киинин юнкора Вилена Стручкова https://keskil14.ru/ саайка суруйбута: https://keskil14.ru/avtobus-syryyta-churapchyga-sa-a-s-reen/

206-с саҥа маршрут сырыытын олохтоохтор бастаан сэрэхэчийэ истибит эбит буоллахтарына, билигин бу айан сырыытын хайгыыллар, дьон туһугар оҥоһуллубут дьиҥнээх көмө диэн махтаналлар.

Автобус сарсыарда лоп курдук бириэмэтигэр оруобуна 7 чааска Чурапчыттан «Маарыкчаан» атыы-эргиэн кииниттэн айанныыр. Дьон саамай сөбүлээбитэ диэн – айанныыр графига кэһиллибэт, биир да киһилээх буоллун, уон да киһилээх буоллун – барар.

БИЛИЭТ СЫАНАТА КЫРДЬЫК, ЧЭПЧЭКИ:
ЧУРАПЧЫ-АЛЛАРАА БЭСТЭЭХ– 412 СОЛК. МУГУДАЙ-АЛЛАРАА БЭСТЭЭХ – 334 СОЛК. НУОРАҔАНА-АЛЛАРАА БЭСТЭЭХ – 202 СОЛК. ТӨҤҮЛҮ-АЛЛАРАА БЭСТЭЭХ – 148 СОЛК. ТУМУЛ-АЛЛАРАА БЭСТЭЭХ – 145 СОЛК.

Автобуска билиэти миэстэтигэр айаннаары туран атыылаһыаххын сөп. Маны таһынан https://bus.tutu.ru/ саайтан онлайн атыылаһыаххын сөп: https://bus.tutu.ru/raspisanie/gorod_Churapcha_2095782/gorod_Nizhnij-Bestyah_2095511/?date=14.08.2023&amount=1&from=2095782&to=2095511

Бу түгэҥҥэ билиэт сыаната – Чурапчыттан Аллараа Бэстээххэ диэри – 490 солк.

Олохтоохтор автобус сырыытын сэргээбиттэрин туһунан кэпсииллэр. Оскуолаҕа үөрэнэр түөрт оҕолоох эдэр ыал ийэтэ урукку өттүгэр таксинан куоракка бары кутуллан киирэр кыахтара суоҕа.

«КҮҺҮН ОСКУОЛАҔА ТЭРИНИИ САҔАНА ТУТУСПУТУНАН БАРЫ КИИРЭР КЫАХПЫТ СУОҔА. САЙЫН УСТАТА МУННЬУБУТ ХАРЧЫБЫТ УЛАХАН АҤААРЫН ТАКСИГА ЫЫТАРБЫТЫН ХАРЫСТААН, БИИР ЭРЭ ОҔОБУН ИЛДЬЭ КИИРЭРИМ. БЫЙЫЛ ДЬЭ БАРЫ,  ЧЭПЧЭКИ СЫАНАҔА, АВТОБУҺУНАН КУОРАККА КЭЛЭЭРИ ОҔОЛОРУМ ҮӨРҮҮ-КӨТҮҮ. БАҔАР, КИМИЭХЭ ЭРЭ, ОЛ УЛАХАН ҮӨРҮҮ БУОЛБАТАҔА БУОЛУО ЭРЭЭРИ, БИҺИЭХЭ УЛАХАН ҮӨРҮҮЛЭЭХ ТҮГЭН”, – ДИЭН КЭПСИИР ЭДЭР ИЙЭ.

Үс сиэнин кытта Дьокуускайга айаннаан иһэр эбээ автобус сырыытын иитэр суолталааҕын бэлиэтиир.

“БЭЙЭМ ҮЙЭБЭР СИН СЭБИЭСКЭЙ КЭМ КУРДУК АВТОБУС СЫРЫЫТЫН ҮЧҮГЭЙИН СИЭННЭРИМ БИЛЛИЛЭР ДИЭН ҮӨРЭБИН. ОҔО  АВТОБУСКА ЭЛБЭХ ДЬОНУ КЫТТА АЙАННААН, ДЬОНУ КЫТТА КЭПСЭТЭ ҮӨРЭНЭР, АЙАН ДИЭН ТУГУН БИЛЭР. ХАС ДА СИРГЭ ТОХТООН ДЬОНУ ЫЛАР, ОҔО ОНУ КӨРӨР, НЭҺИЛИЭК ААТЫН ӨЙДӨӨН ХААЛАР. БИЛИҤҤИ АВТОБУСПУТ УРУККУ КУРДУК БУОЛУО ДУО?! КОНДИЦИОНЕРА ДИЭН, ОЛОРОР КИРИЭҺИЛЭТЭ ҮЧҮГЭЙЭ, СЫМНАҔАҺА, АВТОБУС ИҺЭ ЫРААҺА. ЧУРАПЧЫГА ДИЭРИ АСФАЛЬТ СУОЛ ОҤОҺУЛЛАН, АВТОБУС СЫРЫЫТА ОЛОХТОНОН АБЫРАННЫБЫТ”.

Дьон махталын ылбыт 206-с нүөмэрдээх маршрут айанын суола куруук көнө буоллун!

Сардаана Матвеева

#сахасирэ #ольгабалабкина #якутия #чурапчинскийулус #мегинокангаласскийулус