Forwarded from Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү" (Кристина Семенова)
#бэлиэкүн
⭐️ Бүгүн, олунньу 10 күнэ - Үөһээ Бүлүү оройуона төрүттэммит күнэ
ВСНК уонна ЯЦИК олунньу ыйга тахсыбыт уураахтарынан, Бүлүүттэн араарыллан, Чыбыыда уонна Түҥ үрэхтэр арҕаа өттүлэринээҕи 26 нэһилиэги холбоон, Үөһээ Бүлүү оройуона тэриллибитэ.
Аан бастаан тэриллэригэр территорията 24600 кв.км. иэннээҕэ, нэһилиэнньэтин ахсаана 14850 киһиэхэ тэҥ этэ.
Бастакы БСК(б)П сэкирэтээринэн Гаврил Герасимович Перевалов, 2-с сэкирэтээринэн Степан Васильевич Данилов, сэкирэтээринэн Алексей Сергеевич Михайлов үлэлээбиттэрэ.

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
🕯Алтынньы 30 күнэ – политическай репрессия сиэртибэлэрин кэриэстиир күн.
Бу күнү сымыйа балыыртан хаайыы дьылҕаламмыттар бэйэлэрэ туруорсубуттара. 1991 сыл алтынньы 18 күнүгэр РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Ыйааҕынан анал күн бигэргэммитэ. ХХ үйэ бастакы аҥаарыгар дойду үрдүнэн ыытыллыбыт политическай хамсааһыннар мөлүйүөнүнэн киһини ''норуот өстөөҕө'' оҥорон, хаайыыга умса аспыттара, быстах дьылҕалаабыттара. Ити долгуҥҥа салайааччылартан, айар интеллигенцияттан саҕалаан, боростуой колхуостаахха тиийэ араас араҥа түбэһэн, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ эмиэ олох дьолун билбэтэхтэрэ. Репрессия тыына бүтүн норуоттары хаарыйбыта. Өлүү-сүтүү кэмэ суох элбэҕэ, үүрүү-үтүрүйүү улахана. Ол бааһа күн бүгүн даҕаны оһо, дьарҕата ааһа илик.
Саха сиригэр репрессия хаарыйбыт ыала, аймаҕа аҕыйаҕа суох. Бүгүн – бу ыар дьайыы сиэртибэлэрин кэриэстиир күн. Устуоруйа суураллыбат, киһи умнуллубат!
✅ @uamurusahargata @ulusmedia

❄️ Ахсынньы 1⃣9⃣ күнэ – кыһыҥҥы Ньукуолун
Православнай итэҕэлгэ Николай Чудотворец күнүн ити итэҕэли ылыммыт саха дьоно эмиэ олус суолталыыллара.
❄️ Бу күн ыраас халлаан турдаҕына, тымныйар, арҕааттан тыалырдаҕына, сылыйар биитэр хаар түһэр, кырыаланнаҕына, быйаҥнаах сайын кэлэр, сииктээх буоллаҕына, ардахтаах күһүн буолар диэн билгэлииллэрэ.
❄️ Ньукуолун күн күүстээх үлэни толоруллубат, аһара күүрүллүбэт, кими да куһаҕан тылынан саҥарыллыбат. Бэйэ бодотун көрүнэн, сиэрдээхтик, көрсүөтүк сылдьыллар.
❄️ Кыһыҥҥы Ньукуолуҥҥа кэргэн кэпсэтэр табыгастаах эбит. Былыр бу күн анаан-минээн кэргэн кэпсэтэллэрэ, уруу тэрийэллэрэ. Бэлиэ күн ыал буолбут дьон уһуннук уонна дьоллоохтук олороллоро.
❄️ Ньукуолуҥҥа баай-талым остуолу тардан, чугас дьоннорун ыҥыраллара. Ыалдьыт хайаан да илии тутуурдаах, өттүк харалаах буолаллара.
❄️ Былыр бу күнү көтүппэккэ бэлиэтииллэрэ. Сэмэй остуол тартарар, халлааны кэтиир-маныыр саха кырдьаҕастарын сорох дьон өйдүүр буолуохтааххыт.
✍ Уйаара КУСТУК
✅ @uamurusahargata
@ulusmedia

🎞 Ахсынньы 2⃣8⃣ күнэ - Аан дойдутааҕы Киинэ күнэ.
🎞 1895 с. бу күн Парижка Капуцинок бульварга баар ''Гранд-кафеҕа'' бырааттыы Люмьердар аан бастакы киинэни көрдөрбүттэрэ. Ити күнтэн аан дойдуга Киинэ күнэ бэлиэтэнэр буолбута. Ити эрэ иннинэ Огюст уонна Луи Люмьердар ''Синематограф'' диэн бэйэлэрэ айбыт аппарааттарыгар патент ылбыттара. Ол аппараат чэпчэки ыйааһыннааҕа, сыаната да ыарахана суоҕа. Онон түргэнник тарҕанан, киинэ сайдар суолга турбута. 1900 сыл саҕаланыыта дойду бары кэриэтэ муннугар киинэ тыйаатырдара баар буолбуттара. Ол эрээри, оччотооҕу киинэ саҥата суоҕа.
🎞 Саҥалаах киинэ 1927 с. кэлбитэ. ''Уорнер Бразерс'' хампаанньа ''Певец дзажа'' диэн киинэтиттэн саҥа түһүмэх саҕаламмыта.
🎞 Киинэ иитэр, үөрэтэр, сайыннарар кыаҕа балысхан. Кини уопсастыба, судаарыстыба да олоҕор улахан оруоллаах.
🎞 Саха сиригэр эмиэ бу эйгэ улаханнык сайынна. Улуус аайы киинэ уһуллар, нэһилиэнньэ кыттыһар. Бырааһынньыгынан!
✍ Уйаара КУСТУК
@uamurusahargata