️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
2.73K subscribers
17.6K photos
3K videos
9 files
2.22K links
с.Верхневилюйск ул. Г.Васильева д.2
8(41133)4-12-37
[email protected]

Наши ссылки:

ТГ: https://t.iss.one/admvervil

ВК: https://vk.com/club201228726

Сайт: https://mr-verhneviljujskij.sakha.gov.ru/
Download Telegram
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска миниистирин бастакы солбуйааччытын Мария Васильевна Турантаеваны кытта көрсөн "Култуура" национальнай бырайыакка киирбит саҥа уларыйыылары, кыттар уочараппытын билистибит.

Дойду Президиэнэ Владимир Путин уурааҕынан тэриллибит "Култуура" национальнай бырайыак 2019 сылга үлэҕэ киириэҕиттэн сыл ахсын Арассыыйа, Саха Сирэ үрдүнэн култуура дьиэлэрэ тутуллаллар, материальнай баазалара хааччыллаллар, култуура эйгэтэ сайдар, тупсар. Бырайыак "Творческие люди", "Цифровая культура", "Культурная среда" диэн үс салааннан үлэлиир.

Быйылгы сылтан Үөһээ Бүлүү улууһа "Култуура" национальнай бырайыак чэрчитинэн эбийиэктэри тутааһыҥҥа, өрөмүөннээһиҥҥэ, култуура тэрилтэлэрин, библиотекаларын хааччыйааһыҥҥа үлэбитин саҕалыыбыт.

#НациональныйПроектКультура
#МинкультурыРСЯ
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска миниистирин бастакы солбуйааччытын, биир дойдулаахпытын Мария Васильевна Турантаеваны кытта Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията Култуура дыбарыаһын концепциятын оҥорууга үлэ көрсүһүүтүн ыыттылар.

Сүбэ мунньахха Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын үпкэ уонна экономикаҕа солбуйааччы Саргылана Васильевна Алексеева, Олоҥхо институтун дириэктэрэ Руслан Николаевич Анисимов, Үөһээ Бүлүү улууһун култуураҕа уонна духуобунаска департаменын салайааччыта Айталина Михайловна Мойтохонова кытыннылар, ону тэҥэ ВКС сибээс ситимин нөҥүө улуус баһылыгын дьаһалта дьыалатын салайыыга солбуйааччы Михаил Михайлович Егоров кыттыыны ылла.

Мунньахха Үөһээ Бүлүүгэ тутуллуохтаах креативнай модульлаах култуура дыбарыаһын ис тутулун, концепциятын тула сүбэлэҥ барда.

Саргылана Васильевна креативнай модульга бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын киэҥ эйгэҕэ таһаарар кыахтаах Үөһээ Бүлүү анал брендын сайыннарыыга этии киллэрдэ.

Санатан этэр буоллахха, Саргылана Васильевна Алексеева көҕүлээһининэн, улуус баһылыга Валерий Валерьевич Николаев сорудаҕынан улуус биллиилээх дьонун, араас эйгэ үлэһиттэрин кытта култуура дыбарыаһын концепциятын оҥорууга төгүрүк остуол тэриллибитэ. Ол көрсүһүү түмүгэр киирбит этиилэри бүгүҥҥү мунньахха иһитиннэрдилэр.

Үөһээ Бүлүү улууһун култуура дыбарыаһын тутуу элбэх хайысхалаах, оҕо, ыччат, дьон сайдар киинэ буолара былааннанар.

#ДворецКультуры
#МинкультурыРСЯ
#ҮөһээБүлүү

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата