️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
2.73K subscribers
17.6K photos
3K videos
9 files
2.21K links
с.Верхневилюйск ул. Г.Васильева д.2
8(41133)4-12-37
[email protected]

Наши ссылки:

ТГ: https://t.iss.one/admvervil

ВК: https://vk.com/club201228726

Сайт: https://mr-verhneviljujskij.sakha.gov.ru/
Download Telegram
Бу нэдиэлэҕэ ҮөҺээ Бүлүүтээҕи библиотека ситимин дириэктэрэ Тамара Герасимовна Саввинова уонна сүрүн библиотекарь Людмила Александровна Буртахова Нам уонна Хаҥалас улуустарыгар үлэ сырыытынан баран үлэни-хамнаҺы билистилэр, саҥа
тутуулары көрдүлэр.

Хаҥалас улууһун киин библиотеката 2023 с. Россиятааҕы национальнай бырайыак көмөтүнэн үбүлэнэн аныгылыы матырыйаалынан хааччыллан саҥардыллан үлэҕэ киирбитэ.

Нам улууһун Н.М. Рыкунов аатынан улуустааҕы киин библиотека 2022 сыл сааһыгар саҥа тутуллубут култуура киинигэр тэриллэн үлэлиир.

Үөһээ Бүлүү улууһун библиотекатын салалтата өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьар Нам уонна Хаҥалас улууһун библиотекаларын үлэһиттэрин кытта уопут атыстаһыы үлэтин ыыттылар. Ону сэргэ тэтимнээх сайдыы кэмигэр, олох бары ирдэбилигэр эппиэттэһэр аныгы көлүөнэ библиотеката хайдах дьаһанан олорорун, туох саҥаны киллэрэрин туһунан өй-санаа атастастылар.

#Библиотека
#ҮөһээБүлүү

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата.