Forwarded from Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү" (81449)
#планёрка
✅ Бөдөҥ, политическай- общественнай диэйэтэл, киэн туттар биир дойдулаахпыт Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан салҕаныахтара.
Алтынньы 11-12 күннэригэр биһиги улууска " Наследие Барахова в аспекте проблем современного села" диэн научнай- практическай конференция ыытыллыаҕа. Ол туһунан "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон баһылыгын экономикаҕа солбуйааччыта Наталья Гурьева иһитиннэрдэ.
Научнай-практическай конференцияны ХИФУ историческай факультета иилээн-саҕалаан ыытыаҕа. Тэрээһин Харбалаах, Ороһу нэһилиэктэригэр сүрүннээн барыаҕа. Конференция барыла оҥоһуллан, үлэ былааннаахтык, тэрээһиннээхтик барыаҕа.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү" (81449)
#планёрка
✅ Үөһээ Бүлүүгэ үс түүннээх күн ыытыллыбыт биэс улуус кыттыылаах "АктивВервил" ыччат бэстибээлин туһунан улуустааҕы ыччат отделын исписэлииһэ Прасковья Тимофеева билиһиннэрдэ.
Барыта биэс улуустан 200-тэн тахса ыччат кэлэн, уон хамаанданан арахсан үлэлээн, үүнэн-сайдан, саҥа үрдэллэри дабайан бардылар.
Бэстибээл олус үрдүк таһымҥа ыытыллан, ыччаттар үгүскэ үөрэнэн, саҥа былааннары, идиэйэлэри ылынан тарҕастылар.
Бэстибээлгэ спикердэринэн Дьокуускай куораттан учуонайдар, миниистирдэр, дьокутааттар кэлэн үлэлэстилэр. Культурнай сынньалаҥ өттүгэр аатырбыт ырыаһыттарбыт, бөлөхтөр кэлэн ыллаатылар- туойдулар. Ол туһунан сиһилии хаһыаппыт бу нэдиэлэтээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Барыта биэс улуустан 200-тэн тахса ыччат кэлэн, уон хамаанданан арахсан үлэлээн, үүнэн-сайдан, саҥа үрдэллэри дабайан бардылар.
Бэстибээл олус үрдүк таһымҥа ыытыллан, ыччаттар үгүскэ үөрэнэн, саҥа былааннары, идиэйэлэри ылынан тарҕастылар.
Бэстибээлгэ спикердэринэн Дьокуускай куораттан учуонайдар, миниистирдэр, дьокутааттар кэлэн үлэлэстилэр. Культурнай сынньалаҥ өттүгэр аатырбыт ырыаһыттарбыт, бөлөхтөр кэлэн ыллаатылар- туойдулар. Ол туһунан сиһилии хаһыаппыт бу нэдиэлэтээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү" (81449)
#планёрка
✅ Улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала сотруднига Петр Павлов иһитиннэрдэ.
Онно бэлиэтэнэринэн, ааспыт нэдиэлэҕэ уопсайа 48 иһитиннэрии киирбит. Ол иһигэр эт-хаан эчэйиитэ - 4, суол быһылаана - 1, ГАИ-нан 118 боротокуол оҥоһуллубут, уруулга итирик туруктаах олорон тутуллуу - 2. Ону тэҥэ уоруу бэлиэтэммит.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Онно бэлиэтэнэринэн, ааспыт нэдиэлэҕэ уопсайа 48 иһитиннэрии киирбит. Ол иһигэр эт-хаан эчэйиитэ - 4, суол быһылаана - 1, ГАИ-нан 118 боротокуол оҥоһуллубут, уруулга итирик туруктаах олорон тутуллуу - 2. Ону тэҥэ уоруу бэлиэтэммит.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕын үөрүүлээх түгэнтэн саҕалаатыбыт.
Ол курдук, Үөһээ Бүлүүтээҕи И.И.Седалищев аатынан дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмөнү оҥорор киин дириэктэрин социальнай-иитэр үлэҕэ солбуйааччытыгар, оҕо дьиэтигэр 20-с сылын үлэлиир Розалия Гаврильевна Доктороваҕа "Саха Өрөспүүбүлкэтин социальнай сулууспатын туйгуна" түөскэ кэтэр бэлиэни туттардым.
Салҕыы мунньахпытыгар:
✅️Ыраас уунан хааччыйар ситимҥэ тахсыбыт саахалы туоратар үлэ туһунан "Водоканал" АУо салайааччыта Эдуард Гаврильев иһитиннэрдэ.
Билигин ситими ириэрии, өрөмүөн үлэтэ Намский тракт уулуссаҕа кэлбит. Билигин 2 техника үлэлиир.
✅️Үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччы Леонид Огочонов үөрэх тэрилтэлэригэр ыытыллар үлэни билиһиннэрдэ.
✅️Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыга Максим Силигиянов улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Люция Спиридоновна Тойтоноваҕа өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин уонна Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар улахан кылаатын иһин түөскэ кэтэр бэлиэлээх Бочуот грамотатын туттарда.
Ону тэҥэ хаарбах дьиэттэн көһөрүү, эргэ уопсайдары төрдүттэн ыраастаан полигоҥҥа таһаарыы, уу-хаар ааһар ханаабаларын сааскы халаан уутугар бэлэмнэнэрдии хаһыы, ыраастааһын үлэлэрин туһунан иһитиннэрии оҥордо.
✅️Ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтүү салаатын салайааччыта Владислав Поскачин улууска тахсыбыт сокуону, бэрээдэги кэһии туһунан иһитиннэрдэ.
✅️Аэропорт салайааччыта Дмитрий Иванов Техникумҥа ааспыт субуотаҕа Бүлүү бөлөх улуустарыгар улахан күрэх ыытыллыбытын туһунан кэпсээтэ.
Бүлүү бөлөх улуустарын ис дьыала отделларын үлэһиттэрин кытта тэбис-тэҥҥэ күрэхтэһэн, полицейскэй идэтигэр үөрэнэ сылдьар устудьуоннарбыт бастакы миэстэни ыллылар.
✅️Спорт управлениетын салайааччыта Егор Николаев спорт сонуннарын сырдатта.
Улууска бара турар үлэлэри суобастаахтык ылынан үлэлииргэ улуус тэрилтэлэрин салайааччыларын ыҥырдым. Киирбит этиилэри болҕомтоҕо ылан, үлэ былаанын иһитиннэрдим.
Үлэ нэдиэлэтэ саҕаланна.
#Планёрка
#ИннибитХотуБарыБииргэ

Үлэ нэдиэлэтин саҕалыыр сүбэ мунньаҕы Үөһээ Бүлүү улууһун култуула салалтатын саҥа салайааччытын Мойтохонова Айталина Михайловнаны билиһиннэрииттэн саҕалаатыбыт.
#Планёрка
t.iss.one/ValeriNikolaev
#Планёрка
t.iss.one/ValeriNikolaev