МО "Едюгейский наслег"
788 subscribers
3.04K photos
413 videos
1 file
553 links
с. Андреевский ул. Школьная д. 11б
8(41133)41863

t.iss.one/.admedugei
Download Telegram
📖#вэтотдень

2022 сыл алтынньы 28 күнүгэр Үөдүгэй нэһилиэгин Хотугу алааһыгар «Күҥкү» оҕо оонньуур пааркатын арыйар үөрүүлээх бэлиэ түгэн буолбута. «Уһук Илиҥҥэ 1000 тэлгэһэни» анал программа иитинэн сынньанар, чэбдигирдэр былаһаакка тутуллан киирдэ, бу күн саҥа былаһааккаҕа Ю.Н. Прокопьев уонна Д.С. Спиридонов ааттарын сүгэр икки оскуола үрдүкү кылааһын уолаттара мээчик тэбэн күрэхтэспиттэрэ.
#вэтотдень
Кини 1936 с. сэтинньи 6 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуу нэһилиэгэр төрөөбүт.
Тыл, литература, история институтугар, «Эдэр коммунист», «Кыым» хаһыаттарга, CP НА ГЧИ-гэ үлэлээбитэ.
«Саха тылын култуурата: тыл үйэлээх үгэһиттэн туорааһын» диэн тиэмэҕэ тыл үөрэҕин хандьытаата буолар диссэртээссийэтин көмүскээн, учуонай истиэпэнин ылбыта (2000 с.)
1992 сылтан 25 сыл устата Өрөспүүбүлүкэ араадьыйатыгар «Биһирэм тыл» диэн биэриини ыыппыта, норуокка «төрөөбүт тыл эмчитэ» диэн ааттаммыта. Элбэх кинигэ ааптара.
Үөһээ Бүлүү улууһун, Боотулуу нэһилиэгин Бочуоттааҕа.
📖#вэтотдень

Олоҥхо саха омук былыыр-былыргы дьыллар быыстарыттан сырдык уонна хараҥа, айыы уонна абааһы аймахтара утарыта турууларын, күүрсүүлэрин туһунан уостан-уоска бэриллэн кэлбит уус-уран айымньыта. Олоҥхо киһи өркөн өйүн күүһүн-күдэҕин кыаҕынан айыы аймаҕын күөмчүттэн көмүскүүр үрдүк аналын хоһуйар.
2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр, ЮНЕСКО олоҥхону аан дойду култууратын биир саамай чаҕылхай шедеврынан биллэрбитэ. 2006 с. сэтинньи 15 күнүнээҕи СӨ бэрэсидьиэнин N 3036 Ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнэ быһыытынан биллэриллибитэ. Бу күҥҥэ олоҥхону киэҥ араҥаҕа тарҕатар, үйэтитэр соруктаах тэрээһиннэр ыытыллыахтаахтар.
📖#вэтотдень

(1903 – 1983)
Родился в декабре 1903 г. во II Едюгейском наслеге Верхневилюйского улуса. После окончания в 1922 г. Вилюйской школы II ступени заведует Одейской начальной школой.Способного педагога направляют в Якутскую национальную опытно-показательную школу в село Хаптагай.
Н.В. Егоров автор учебников для якутской школы: «Родная речь» для 2 класса, «Книга для чтения» для 4 класса и др.
В 1954 году Министерство прсвещения ЯАССР назначает заведующим кабинетом начальных классов ЯРИУУ, где в течение 20-ти лет повышал уровень подготовки учителей начальных классов республики.
Участник Великой Отечественной войны.