#ойуурбаһаара
🌳🔥Үөдүгэйгэ Хампа диэн сиргэ турбут ойуур баһаарыгар нэһилиэк ыччаттара тута тиийэн умуруорар үлэлэри ыыттылар ✊✊
Кинилэргэ улуустааҕы ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ тиийэн көмөлөстүлэр.
Билигин ойуур баһаара умулунна. Бу умуруоруллубут ойуур баһаарын салгыы маныахтара 🙌🙌
Ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ салгыы Кэнтиккэ тахсыбыт ойуур баһаарыгар суһаллык бардылар.
#Үөдүгэйсонуннара

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара
🌳🔥Бүгүн Үөдүгэйгэ Муҥур үрэх диэн сир территориятыгар тахсыбыт ойуур баһаарыгар олохтоохтор 6 киһи уонна Ньурбатааҕы Лесавиаттан 3 ПХС үлэһиттэрэ тэринэн, бөртөлүөтүнэн көттүлэр.
Ойуур баһаарыгар барыыга Лесхоз тэрилтэтигэр 84113341569 эбэтэр ЕДДС 89141089557 нүөмэрдэринэн эрийэн билсиҥ. Күннээҕи хамнас кээмэйэ - 2900 солк.
Бары түмсэммит ойуур баһаарын бохсууга турунуоҕуҥ✊

🌳🔥Үөдүгэйгэ турбут ойуур баһаарын умуруорууга уон икки киһи тэринэн барда.
Бу ойуур баһаарын бохсууга үлэлэһэ барбыт нэһилиэкпит Эр Хоһууттара этэҥҥэ ойуур баһаарын умуруоран кэлэллэригэр баҕарыаҕыҥ. Үрдүк Айыыларбытыттан көрдөһүөҕүҥ🙏🙏🙏
Нэһилиэкпит уонна улууспут дьонун Үөдүгэйгэ турбут ойуур баһаарын умуруорууга күүс - көмө буолуҥ диэн ыҥырабыт. Ойуур баһаарыгар барыыга Лесхоз тэрилтэтигэр 84113341569 эбэтэр ЕДДС 89141089557 нүөмэрдэринэн эрийэн билсиҥ. Күннээҕи хамнас кээмэйэ - 2900 солк.

🌳🔥Быйыл иккис ойуур баһаарыгар баран кыттыыны ылбыт Үөдүгэйдээҕи култуура киинин дириэктэрэ, Үөдүгэйтэн талбыт улууспут дьокутаата Игорь Сортоловтан Муҥур Үрэх диэн сиргэ турбут ойуур баһаарын балаһыанньатын туоһуластыбыт:
- 160 га иэннээх ойуур баһаарыгар Үөһээ Бүлүүтээҕи, Ньурбатааҕы, Кэбээйитээҕи, Дьокуускайдааҕы ГАУ "Якутлесресурс" үлэһиттэрэ, улуустааҕы ойуур хаһаайыстыбатыттан, МЧС-тан, Үөдүгэй, Балаҕаннаах нэһилиэктэриттэн , Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтиттэн барыта 55 киһи, үс техника үлэлии сылдьар.
Үрэх уолан, чугаһынан уу суоҕа харгыстары үөскэттэ. Илиинэн хас да килэмиэтирдээх минерализованнай балаһалары хастыбыт. Билигин уоту манааһын үлэтэ бара турар, - диэтэ.
Барыта этэҥҥэ буоллун🙏🙌✊

🌳🔥Үөдүгэйгэ турбут ойуур баһаарыгар нэһилиэкпит баһылыга Альберт Юрьевич Иванов, баһылык солбуйааччыта Дмитрий Степанович Ефремов, дьаһалта үлэһиттэрэ, нэһилиэкпит дьокутаата Роман Ильич Харахов, улууспут дьокутаата Игорь Сортолов түргэн - тарҕан хамсаныылары оҥорон, бэйэлэринэн биир бастакынан барбыттара. Мааркыс ыччаттара, техникум үлэһиттэрэ мустан, ону тэҥэ бу ыксаллаах кэмҥэ күүс - көмө буолан үлэлэһэ, өйөбүл буола сылдьар Балаҕаннаах уонна Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин дьонугар, "Якутлесресурс", ойуур хаһаайыстыбатын, Быыһыыр сулууспа, "Сахатранснефтегаз" бары үлэһиттэригэр барҕа махталбытын, дириҥ ытыктабылбытын тириэрдэбит 🫂✊✊
Бу курдук түмсүүлээх, биир сомоҕо күүс буолуоҕуҥ🙌🙌
Ойуур баһаарын умуруорууга уоту манааһын үлэтэ билигин да салҕанар. Ойуур баһаарыгар барыан баҕалаахтар Үөдүгэй дьаһалтатыгар кэлэн билсэргитигэр ыҥырабыт эбэтэр Лесхоз тэрилтэтигэр 84113341569, ЕДДС 89141089557 нүөмэрдэринэн эрийэн билсиҥ. Күннээҕи хамнас кээмэйэ - 2900 солк.

#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ойуурбаһаара
🕊Бүгүн киин балыыһа кэлэктиибэ Үөдүгэйгэ ойуур баһаарын бохсо сылдьар дьоммутугар эмтэри, маарыла, инчэҕэй салфеткалары, кумаар эмтэрин, сиэккэлээх сэлээппэлэри аҕалан туттарда.
Дьоммут - сэргэбит өйөбүлэ бу ыарахан усулуобуйаҕа ойуур баһаарын умуруорууга үлэлии сылдьар дьоммутугар күүстэригэр күүс, сэниэ эбэр✊🙌
Махтанабыт, күүс-көмө, өйөбүл буолар дьоммутугар ✨✨✨
Иннибит хоту бары бииргэ

🆘Үөдүгэйгэ Муҥур үрэх диэн сиргэ турбут ойуур баһаарыгар барыыга испииһэк оҥоһулла турар.
Эрдэттэн ким барарын 89141117298 нүөмэргэ эрийэн биллиҥ, бэлиэтэниҥ.
Кытаатыҥ, ойуур баһаарын умуруорууга бары түмсэн, биир сомоҕо күүс буолуоҕуҥ✊✊✊
Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата

Forwarded from Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
#ойуурбаһаара
✅ Ойуур баһаардарыгар тэрилтэлэртэн дьон үлэлии тахсара ирдэннэ
Улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар ойуур баһаардарыгар нэһилиэнньэттэн дьону ыытыы боппуруоһун тула мунньах буолла.
Улуус баһылыга Валерий Николаев тэрилтэлэртэн 3 улахан ойуур баһаарыгар суһаллык эбии дьон үлэлии тахсыахтааҕын туһунан эттэ. Биирдии баһаарга 30-туу киһи тахсара ирдэнэр. Маныаха тэрилтэлэри биирдиилээн ыйан туран кубуота быһылынна.
Өргүөт, Үөдүгэй, Маҥаас, Быракаан нэһилиэктэригэр уонна Куду учаастагар ыксаллаах балаһыанньа биллэриллэн, бэлэмнээх буолуу кытаанах эрэсиимин ылыннылар.
Күн бүгүн улууска уопсайа 11049 гектар иэннээх 8 ойуур баһаара умайа турар. Манна уопсайа холбоон 226 киһи үлэлии сылдьар. Мантан баһаарынай химическэй станцияттан - 47, ойуур харыстабылын тэрилтэтиттэн - 3, баһаарынай парашютнай сулууспаттан - 12, десантнай баһаарынай сулууспаттан - 25, ыксаллаах быһыы-майгы сулууспатыттан - 12, улуустааҕы баһаарынай этэрээттэн 18 байыас, мобилизация көмөтүнэн баҕа өттүнэн 109 киһи тахсыбыт.
Ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтин салайааччыта Павел Тимофеев киһи отой тиийбэтин, биирдии баһаарга 6-лыы, элбээбитэ 12-лии эрэ киһи үлэлии сылдьарын иһитиннэрдэ. Мобилизацияны күүһүрдэн, дьон тахсыытын хааччыйалларыгар ыҥырда. Бүгүн 14:00 чааска бөртөлүөт көтүүтэ былааннанар. Ойуур баһаардарыгар дьону илдьиэҕэ.
Баһаары умуруоруу үлэтигэр тахсар дьон сөптөөхтүк таҥнан-саптан, туттар тэриллээх, үс күҥҥэ аһыыр сухой пакеттаах, иһэр уулаах
Лесхоз тэрилтэтигэр эбэтэр олохтоох дьаһалтаҕа кэлэрбитин күүтэллэр. Биир күннээҕи хамнас илиигэ ыларынан 2900 солкуобайга тэҥнэһэр.
Күөх чээлэй ойуурдарбытын, халыҥ сис тыаларбытын уоттан өрүһүйүөххэ🙌
Ойуур - сир-дойду тыҥата буоларын умнумаҥ🙌
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Ойуурбаһаара
🆘Үөдүгэйгэ Муҥур үрэх диэн сиргэ тахсыбыт ойуур баһаарыгар вертолет сарсын 2 чааска көтөр буолла.
Онон сарсын 12 чааска Үөдүгэй дьаһалтатыгар мустабыт.
Балааккалаах, спальниктаах, туттар тэриллээх кэлэргитин санатабыт✊
Ойуур баһаарын бохсууга бары турунуоҕуҥ, Үөдүгэйбитигэр турбут ойуур баһаарын умуруорууга барыаҕыҥ!

#ИннибитХотуБарыБииргэ #ойуурбаһаара
🕊Үөдүгэйгэ ойуур баһаарыгар сылдьар дьоммутугар көмөнү оҥоруу салҕанар.
Бүгүн "Чуоккай" маҕаһыын салайааччыта Алексей Иванов 20000 солкуобай суумалаах бородууктаны, утары туттар малы-салы аҕалан биэрдэ.
Ону тэҥэ "Тот ВХВ" кафе биир дьааһык сибилигин ыһаарыламмыт собону, Үөһээ Бүлүүтээҕи ас-үөл кэмбинээтэ ыраас ууну, муорус, компот утахтарын, Үөдүгэйдээҕи дьахталлар сүбэлэрин бэрэссэдээтэлэ Сусанна Иннокентьевна Иванова бурдук аһа астаан , 7 нүөмэрдээх "Остуоруйа" оҕо уһуйаанын кэлэктиибэ ас арааһын атыылаһан аҕаллылар.
Күндү дьоммутугар күүс - көмө буоларгытыгар барҕа махтал буоллун.
ИннибитХотуБарыБииргэ🙌🙌🙌

🌳🔥 Үөдүгэй сиригэр турбут ойуур баһаарыгар баран кэлбит Герасим Егоровы көрсөн кэпсэттибит:
- Ойуур баһаара буола турар сиригэр 4 буолан барбыппыт. Биһигини Дьокуускайдааҕы "Авиолесоохрана" парашютнай-баһаарынай бөлөх уолаттарыгар сыһыарбыттара. Инструкторынан Константин Смирных сылдьар.
Уолаттар сөп буола-буола дрон көтүтэн баһаар төһө чугаһаабытын, хайа диэки хайыспытын көрөллөр. Рациянан штабка дакылааттыыллар.
"Утары уот ыытыҥ" диэн бирикээс кэлэн, үс биригээдэнэн уот ыытан баран бэйэ-бэйэбитигэр утары баран холбуохтаахпыт. Анаммыт чааска рациянан сүбэлэһэн баран уот ыыттыбыт. Уот кыыма үрэҕи туораабатын диэн уунан ыстарар ранецтары сүгэн баран уоту батыһа дьоммутугар утары бардыбыт. Хас да сиргэ уот түспүтүн умуруора- умуруора түүнү быһа хаамтыбыт. Сарсыарданан Дьулустаан Дмитриев инструктордаах Үөһээ Бүлүүтээҕи "Авиалесоохрана" уолаттарыгар утары тиийдибит.
Уот салгыы барбатын манаатыбыт, - диэтэ.

-Билигин Дьокуускайдааҕы парашютнай- баһаарынай биригээдэ уолаттара салгыы уоту маныы, баһаары умуллара хаалбыттара.
Үөдүгэйгэ буола турар ойуур баһаара улахан. Дэриэбинэлэргэ, улуус киинигэр чугаһаабытынан, бар дьоммутун баһаары умуруорууга ыҥырабыт. Дойдубутугар буола турар баһаарга суруттаран, айылҕабытын, дьоммутун-сэргэбитин харыстыаҕыҥ, - диэн Герасим Александрович бар дьонун ойуур баһаарын умуруорууга ыҥырда.

✅Кудуга ойуур баһаарын бохсууга түүннэри-күнүстэри үлэлии сылдьар дьоммутун Үөдүгэй дьаһалтатын уонна Куду Кэрэ аҥардара икки симиэнэнэн арахсан, күн көтө-көтө суукканы быһа ас астаан аһаталлар. Ыраах барааччылары ыһыктаан ыыталлар.
Дьиэлэриттэн ыраах, күүстээх үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо төһө кыалларынан дьиэтээҕи эйгэни тэрийэн, итии миин, торуой, салаат, бурдук аһын арааһын уларыта сылдьан астыыллар.
Бүгүн кинилэргэ 4 нүөмэрдээх "Сардаана" оҕо уһуйаанын кэлэктиибэ кыттыста. Үөдүгэйгэ дьиэлэригэр бурдук аһын эгэлгэтин астаан ыыттылар.
Ойуур баһаарын бохсууга бу курдук бары кыттыыны ылыаҕыҥ. Төрөөбүт, сөбүлээн олохсуйбут Үөдүгэйбитин, Кудубутун ойуур баһаарыттан харыстыаҕыҥ 🌳🌲🌳🌲