ЯКУТСК
2.32K subscribers
26.4K photos
3.09K videos
14 files
11.1K links
Город Якутск. Главные новости столицы Республики Саха (Якутия)
Download Telegram
#КК_сонун

Саха АССР тэриллибитэ 💯 сылынан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар бэлэх курдук айаннаан иһэр 💯 саҥа оптуобус ханна сүүрүөҕэй?

90 🚍- Дьокуускай куоракка; ол иһигэр: "ЯПАК" муниципальнай маршруттарга - 65🚍, "Союз Авто" чааһынай таһааччыларга - 35 🚍; маны сэргэ киин куораттан улуустарга айанныыр хайысхаларга - 10🚍.

Саҥа оптуобустары үөрүүлээхтик туттарыы муус устар 27-гэр, Өрөспүүбүлүкэ Күнүгэр былааннаммыт.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

Бассаап бот
+7-914-276-02-55
Telegram бот:
@MCYKT_bot

👆Дьокуускай куорат Медицинскэй киинэ (Кальвица уул.,3) бассаап уонна телеграм ситимнэригэр үлэлиир олус туһалаах боттары үлэлэппит.

Ыйыллыбыт нүөмэринэн уонна ханаалынан:
- Бырааска суруйтар;
- Бырааһы дьиэҕэр ыҥыр;
- Бырааһыҥ үлэлиир расписаниетын билис;
- Бэйэҥ учаастаккын чуолкайдаа;
- Төлөбүрдээх өҥөлөрү билис.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театра МУУС УСТАР 8, 9, 10 күннэригэр испэктээкиллэргэ ыҥырар 😍👏🏼

«ДЫГЫН ДАРХАН» Иван Гоголев – Кындыл. МУУС УСТАР 8 КҮНҮГЭР, 18:00 Ч.

🎭 Өбүгэлэр үһүйээнэрэ эҥсилгэннээх.
Быралыйбыт кыргыс үйэтигэр саха бар дьонун биир чиҥ сутурук курдук сомоҕолуу сатаабыт сүдү өйдөөх суо хаан киһи олорон ааспыт диэн аатырарын аатырар ДЫГЫН ДАРХАН.
Туруорааччы режиссер - СЕРГЕЙ ПОТАПОВ

“МАНЧААРЫ” Күлүмнүүр. МУУС УСТАР 9 КҮНҮГЭР, 18:00 Ч.

🎭 1906 с. Саха сирин бөдөҥ судаарыстыбаннай политическай деятелэ, учуонай, публицист В.В. Никифоров – Күлүмнүүр «Манчаары түөкүн» диэн биэс оонньуулаах сахалыы драманы суруйан, Дьокуускайга кулуупка туруоруллубута. Кини бу драманан «аламай күн бары дьон үрдүгэр тахсара буолуо, аан дойду бары дьонун туһугар үөскээбитэ буолуо дии саныырым» диэн тус санаатын сахатын дьонугар-сэргэтигэр тиэрдэр баҕалааҕа. Билигин Күлүмнүүр ол баҕа санаата сахалыы тыыннаах Саха театрыгар саҥа тыын ылар.
Туруорааччы режиссер – РУСЛАН ТАРАХОВСКАЙ


«КӨМҮӨЛ» Баһылай Харысхал. МУУС УСТАР 10 КҮНҮГЭР, 18:00 Ч.

🎭 Бүтүн Аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт ХХ-с үйэ холоруктуу ытыллар дьалхааннарыгар саха интеллигенциятын бас-көс дьоно буолбут Ксенофонтовтар сырдык тыыннара быстыбыта. Ол ыар сүтүктэн, аҕа аһыытыттан Өлүөнэ Очуостара ынчыктаан ылбыттара.
Туруорааччы режиссер - АНДРЕЙ БОРИСОВ

Билиэттэри онлайн ылыахха сөп:
https://iframeab-pre5643.intickets.ru/seance/12328672/


🎫 «ПУШКИН КААРТАТЫН» туһанан босхо сылдьыҥ
📞 Билсэр төл: 34-13-31, +79681505602
🎫 Касса күн аайы өрөбүлэ, тохтобула суох 10:00-18:00 ч. үлэлиир


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

Бүгүн, муус устар 9 күнүгэр, Кангаласс бөһүөлэгэр саҥа оскуола-саад тутуллан үлэҕэ киирдэ.

П.С.Хромов аатын сүгэр оскуола-саад 220 үөрэнээччигэ уонна 100 уһуйааҥҥа сылдьар кырачааҥҥа анаммыт. Оскуолаҕа аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир 2 информатика кабинета, 2 лингафоннай кабинет, 121 киһини батарар остолобуой, 154 миэстэлээх актовай саала баар, кылаас аайы интерактивнай панель үлэлиир.
#КК_сонун

🧹 Бүгүн, муус устар 22 күнүгэр, Дьокуускай куорат уокуруктарын олохтоохторо, тэрилтэлэр үлэһиттэрэ күргүөмнээх субуотунньукка тахсаллар.

Маассабай субуотунньук күнүс 14.00 чаастан саҕаланар!

☝🏻Бүгүҥҥү күүстээх үлэ Ыраастаныы үс ыйын чэрчитинэн, Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө ыытыллар.

Муус устар 14 күнүттэн саҕаламмыт субуотунньуктар балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри барыахтара.
#КК_сонун

🧹Дьокуускай дворниктарыгар тротуар харбыырга аналлаах 18 массыына кэллэ. Тиэхиньикэни куорат кытыы сытар нэһилиэктэринэн түҥэттилэр.

Санатан эттэххэ, былырыын маннык 14 массыына киин куорат уулуссаларыгар үлэҕэ тахсыбыта.

📲
@kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Кэлэр 2023 сылга тупсарыллан оҥоһуллуохтаах уопсастыбаннай миэстэлэргэ куоластааһын бүгүҥҥүнэн, ыам ыйын 30 күнүнэн, түмүктэнэр.  

#КиинКуорат олохтоохторо уопсайа 5 эбийиэктэн талаллар.

Билиҥҥи туругунан, куолас ахсаана маннык:
1. Сайсары кытылын уонна Ийэ скверин тупсаран оҥоруу - 18177;
2. Тимофей Сметанин «Лоокуут уонна Ньургуhун» айымньытын  матыыбынан тупсаран оҥоһуллуохтаах кытыл - 2657;
3. Роман Михайлович Дмитриев аатынан кытылы тупсаран оҥоруу - 2997;
4. Тутааччылар сквердэрэ - 1279;
5. Федор Попов скверэ - 1975 куолас.

Куоластааһыҥҥа 14 саастарын туолбут гражданнар кытталлар.

Сайсарыга Ийэ скверин тупсаран оҥорууга бүгүн куолас эбилиннэҕинэ, эһиил үөһэ хаартыскаларга курдук сынньанар миэстэлэниэхпитин сөп.

Куоластыыр сигэ: https://14.gorodsreda.ru/


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

Дьокуускай куорат олохтоохторо!

🩸Аан дойдутааҕы Донор күнүн чэрчитинэн бэс ыйын 14-17 күннэригэр Донор нэдиэлэтэ ыытыллыаҕа.

Донордарга ирдэбил:
- 18 сааһын туолбут буолуохтаах;
- 50 киилэттэн улахан ыйааһыннаах (ИМТ 18,5-40);
- доруобуйа өттүнэн хааччаҕа суохтар (Yadonor.ru саайтка сиһилии көрүҥ);

Пааспардаах кэлэҕит

П.Алексеев уул., 87

Бэс ыйын 14, 15, 16 кк. 8:30-12:00 ч.;
Бэс ыйын 17 к. 8:30-11:00 ч.

Регистратура: 43-21-96
Тэрилтэнэн хаан туттарыан баҕалаахтарга - 89627336324, Юлия.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

👏🏻Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын киин куорат төрүттэммитэ 390 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ ыҥырар.


Бырааһынньык бырагыраамата: https://kiinkuorat.ru/articles/yakutsk-gorod-rozhdennyy-mechtoy-b-l-ydeeh-teree-inner-byragyraamalara


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#КК_сонун

Балаҕан ыйын 11 күнүгэр диэри Дьокуускайга «Третьяковскай галерея» быыстапката үлэлиирин санатабыт.

Музей аадырыһа:
Киров уул., 9
Үлэлиир бириэмэтэ:
чэппиэр-баскыһыанньа - 11.00-19.00,
сэрэдэ — 12.00-20.00.
Билиэт сыаната 600 солк, чэпчэтиилээхтэргэ – 300 солк,
сэттэ саастарыгар диэри оҕолор, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара, I, II бөлөх инбэлииттэр, тулаайах, инбэлиит оҕолор босхо сылдьаллар.

😉Олоххо сэдэхтик бэриллэр түгэни мүччү тутумаҥ, улуу айымньылары баран илэ хараххытынан көрүҥ!


https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

❇️Балаҕан ыйын 24-25 күннэригэр «Ас-үөл - 2022» дьаарбаҥка-быыстапка ыытыллар.

10:00-18:00 ч.чааска
🔸Комсомуол болуоссатыгар

Сибиэһэй үүт, эт, балык бородууксуйата, чэй, мүөт, сыыр, оҕуруот аһа, фрукта уо.д.а. ас атыыга тахсыаҕа.

Икки күннээх тэрээһиҥҥэ тыа хаһаайыстыбатын тэриллэрин уонна племенной кыылларын быыстапката ыытыллыаҕа.

🔸Балаҕан ыйын 24 күнүгэр АГАТУ балаһааккатыгар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыларын съеһэ буолуоҕа.

🔸Балаҕан ыйын 25 күнүгэр ипподромҥа Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бирииһигэр ат сүүрдүүтэ буолар, манна өрөспүүбүлүкэ бастыҥ сүүрүк аттара кыттыахтара.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

🔸Евгений Григорьев суоллар уонна тиэргэннэр өрөмүөннэрин бэрэбиэркэлээтэ.

Жорницкай уул, 7/10 тиэргэн территориятын өрөмүөнүн, итиэннэ Маяковскай уонна Яков Потапов уулуссаларын хапытаалынай өрөмүөннэрин көрдө.

«Главстрой» МХТ информациятынан, бүгүҥҥү күҥҥэ Жорницкай уул, 7/10 чугаһыыр суоллары уонна парковкалары аспааллыыллар, тротуардары оҥороллор.
Куорат баһылыга итини сэргэ Рыдзинскай уул., 18/3 уонна 18/4 дьиэлэрин саҥардыллыбыт тиэргэннэрин көрдө.

Икки эбийиэккэ үлэни бэдэрээтчит «Сахакапитал» ХЭТ толорбут.
Салгыы Евгений Григорьев Маяковскай уул. Каландаришвили уул. Широких-Полянскайга диэри учаастагын бэрэбиэркэлээтэ. Эбийиэк бэлэмэ – 85%.
Яков Потапов уул. Кеша Алексеев уул. «Гимеин» кольцевой суолга диэри учаастакка эбийиэк бэлэмэ – 60%.
Икки эбийиэк бэдэрээтчитэ – «РИК Автодор» АУо.

Баһылык суолу оҥорооччуларга аспаал үөһээҥи дьапталҕатын ууруутун тэтимирдэн, өрөмүөнү болдьоҕор түмүктүүллэригэр сорудахтаата.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

🐕 Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга 67 бэйдиэ сылдьар ыт тутулунна, дьиэ кыылын көҥүлэ суох күүлэйдэтиигэ 7 боротокуол толорулунна, диэн Олохтоох дьаһалта иһитиннэрэр.

Территорияны кытта үлэҕэ департамент салайааччыта Владислав Слепцов бэлиэтээбитинэн, 2023 сыл саҕаланыаҕыттан 697 көҥүл сылдьар ыт быстах тутар кэм пуунугар аҕалыллыбыт.

“Күн бүгүн пууҥҥа 1268 ыт хараллан турар. Эриэйдэ тэрээһинэ былаан быһыытынан ыытыллар, ааспыт нэдиэлэҕэ 7 боротокуол оҥоһуллубут эбит буоллаҕына, сыл саҕаланыаҕыттан 72 боротокуол толорулунна”,
- диэн Владислав Слепцов иһитиннэрдэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга “Помоги выжить” аһымал пуондаттан икки биригээдэ, Бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга үлэлэһэр сулууспа үс биригээдэтэ уонна Огонеров ИП икки биригээдэтэ күннэтэ тахсар.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

❄️🚜Полигоҥҥа 350 тыһ. куб/м хаар тиэйилиннэ

Сааскы санитарнай ыраастаныы ыстаабын нэдиэлэтээҕи мунньаҕар этиллибитинэн, куорат полигонугар 350 тыһ. куб/м тахса хаар тиэйиллибит.
Ол иһигэр «Якутдорстрой» АУо 250 тыһ. куб/м тиэйбит, бэдэрээттээх тэрилтэлэринэн 100 тыһ. куб/м тахса тиэйиллибит.
Бу күннэргэ сааскы халааны сэрэтэр тэрээһиннэр ыытылла тураллар, ол иһигэр уу ааһар турбаларын ириэрии үлэтэ ыытыллар. Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла аадырыска баар куорат хаары сүөкүүр полигона график быһыытынан үлэлиир. Маны сэргэ «Якутдорстрой» ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр Птицефабрика оройуонугар быстах кэмнээх полигону бэлэмниир.
«Жилкомсервис» МУП 400 куб/м курдук мууһу уонна 2 тыһ. куб/м тоҥ бөҕү тиэйбит.
Уокуруктар, нэһилиэктэр, туһааннаах структуралар салайааччыларынан хаары уонна мууһу тиэйии үлэтэ салҕанар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс сулууспата.

📍https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta