Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Өргүөт нэһилиэгэр ойуур баһаара бэҕэһээ киэһээ күөдьүйэн, аһаҕас уот таҕыста. Бу сарсыарда ойуур харысхалын, баһаарынай чаас эппиэтинэстээх үлэһиттэрин кытта умуруоруу үлэтин сүбэлэстибит, дьону хомуйан Өргүөткэ айаннаатыбыт.

Салгыы тахсыбыт ойуур баһаарын умуруорар үлэҕэ кыттыһаммыт, аһаҕас уоту тохтоторго бары күүһү быраҕабыт.

Билигин былаан быһыытынан, оҥоһуллубут минерализованнай балаһалартан утары уоту ыытыы үлэтэ саҕаланар.

#Өргүөт
#Оргет
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
Өргүөт нэһилиэгин дьаһалтатыгар ыксаллаах быһыы мунньаҕын тэрийэн миэстэтигэр уоту умуруоруу үлэтин былааннастыбыт.

Бүгүҥҥү туругунан Өргүөт нэһилиэгиттэн 4 км тэйиччи сиргэ 1834 га иэннээх ойуур баһаара буола турар. Уоту умуруорууга 74 киһи үлэлиир.

Нэһилиэккэ кутталы үөскэппэтин курдук аһаҕас уоту умуруорууга үлэни былааннаһан баран этэрээттэри хомунан баһаар сиригэр айаннаатыбыт.

Былаан быһыытынан минерализованнай балаһалартан утары уоту ыытыы үлэтин оҥороммут аһаҕас уот бүгүн төгүрүйүллүөхтээх.

#Өргүөт
#Оргет
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev