Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.49K photos
263 videos
791 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Дойду Президиэнэ Владимир Путин Ыйааҕынан 2024 сыл - Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Бу маннык быһаарыныы дьиэ кэргэни харыстыырга уонна үгэһин сайыннарыыны хараанныырга ананан ылыллыбыта.

Онон сиэттэрэн, Дойду үрдүнэн "Всей семьей" диэн улахан судаарыстыбыннай бырайыак саҕаламмыта.

Бырайыак сыала-соруга - дьоҥҥо-сэргэҕэ дөбөҥнүк өйдөнөр ньыманан бары көлүөнэни ситимнээн, дьиэ кэргэн элбэх бириэмэ бииргэ атаарарын, бэйэ сынньалаҥын, иллэҥ кэми сөпкө аттаран көхтөөхтүк тэринэрин көҕүлээһин буолар.

Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторун уонна ыалдьыттарын, "Всей семьей" диэн судаарыстыбынай бырайыакка кыттаргытыгар ыҥырабыт.

Хас биирдии Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьиэ кэргэнэ бу бырайыакка кыттыыны ылыан сөп. Онуоха Всейсемьей.рф диэн сайтка, ол эбэтэр "Всей семьей" диэн социальнай ситим бөлөхтөрүгэр VK (Вконтакте) уонна ОК (Одноклассники) регистрацияны ааһыаххытын сөп.

Саамай көхтөөхтөрү бириис кэтэһэр. Сүрүн ситиһиинэн төрөппүттэр уонна оҕолор биир тэҥҥэ дьоллоох кэми атаарылара буолуоҕа.

Кыттыы усулуобуйата олус судургу:

Нэдиэлэҕэ биирдэ дьиэ кэргэнинэн уустуга суох сорудахтары толоруу. Холобура, түмэлгэ бииргэ сылдьыы, сыыртан сырылаан, хаарга оонньоон, пааркаҕа күүлэйдээн сибиэһэй салгыҥҥа бириэмэни бииргэ атаарыы, кэнсиэркэ, киинэҕэ сылдьааһын. Бу сорудахтары толорбуккутун хаартыскаҕа түһэрэн баран социальнай ситимҥэ таһаараҕыт. Булгуччулаах ирдэбилинэн бу бырайыак хэштегын #всейсемьей #всейсемьей14 туруораҕыт.


Кулун тутар бүтүүтэ финал буолар, онно дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах Араассыыйа иһигэр күүлэйдии барарга анаммыт 100 путевка оонньонуоҕа.

Билиҥҥи кэмҥэ Саха Сирин үрдүнэн 1000-тан тахса дьиэ кэргэн бырайыакка кыттыста. Бары кыттыан баҕалаахтарга регистрация аһаҕас.


#всейсемьей #всейсемьей14


t.iss.one/ValeriNikolaev