Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
801 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Үөһээ Бүлүүгэ аан маҥнайгытын Билии күнүн көрсө оҕолорго, төрөппүттэргэ анаан «Дьоҕургун таба тайан» улуус эбии үөрэхтээhин тэрилтэлэрин дьаарбаҥката балаҕан ыйын 2-с күнүгэр ыытыллар.

Дьаарбаҥканы тэрийэр үлэ хамыыһыйата атырдьах ыйын 26 күнүгэр улуус баһылыгын Валерий Валерьевич Николаев сорудаҕынан сүбэ мунньаҕы ыыттылар. Мунньахха эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин салайааччыларын кытта Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Уларова Анна Михайловна дьаарбаҥканы тэрийиигэ кэпсэтиини ыыттылар.

Дьаарбаҥкаҕа кэлэн эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр ханнык куруһуоктар, секциялар үлэлииллэрин билсиэххитин уонна суруйтарыаххытын сөп.

Тэрээһин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Сиригэр Оҕо, Үөһээ Бүлүүгэ Түмсүү сылларын чэрчитинэн ыытыллыаҕа.

Дьаарбаҥкаҕа кыттыыны ылыахтара: “Тускул” оҕо киинэ, “Оҕо технопарката”, “К.С.Чиряев аатынан норуот педагогикатын түмэлэ”, “Бокс оскуолата”, “Оҕо спортивнай оскуолата”, “Н.И. Бойлохов аатынан оҕо искусствотын оскуолата”, “Оҕо библиотеката”, “Үөһээ Бүлүүтээҕи история уонна этнография түмэлэ” уонна да атын тэрилтэлэр.

Маны таhынан эһигини күүтэллэр - үрдүк таһымнаах педагогтар маастар-кылаастара, оҕолор "Мин бастакы бизнеһым" атыылара-эргиэннэрэ, ону тэҥэ мини-футболга курэхтэhии.

Күндү Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэнээччилэрин, төрөппүттэрин балаҕан ыйын 2-с күнүгэр күнүс 14:00 чаастан "Үс хоһуун" стадиоҥҥа «Дьоҕургун таба тайан» дьаармаркаҕа ыҥырабыт!

#Ярмарка
#ДеньЗнаний
#ВерхневилюйскийУлус

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата