Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Биллэр судаарыстыбанай уонна общественнай диэйэтэл, обком КПСС бастакы сэкэрэтээрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай хаһаайыстыбын үтүөлээх үлэһитин Юрий Николаевич Прокопьев аатын сүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи спорт оскуолатыгар Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсөр үөрүүлээх линейкаҕа Юрий Прокопьев таас мөссүөнүгэр сибэкки дьөрбөтүн уурдубут.

Үөрүүлээх тэрээһин кэннэ оскуола ис туругун киирэн көрдүбүт.

Спорт оскуолатыгар 200-тэн тахса оҕо үөрэнэр. Оскуола территориятыгар "Универсальный зал единоборств" тутулла турар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын өйөбүлүнэн эбии үбүлээһин көрүллэн сотору кэминэн тутуу үлэтэ салҕаныа. Зал единоборств инникитин улууспут оҕолоро спортка сайдалларыгар үтүйэр күүс буолуо.

Спорт оскуола үөрэнээччилэрэ Үөһээ Бүлүү улууһугар, Өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк кыайыылары аҕаллыннар, ситиһиилээх буоллуннар.

#ДеньРеспубликиСахаЯкутия
#ЮрийПрокопьев

t.iss.one/ValeriNikolaev