Бүгүн, атырдьах ыйын 22 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи «Урожай-2024» быыстапка-куонкуруска Үөһээ Бүлүү агро хайысхалаах оскуолалара ситиһиилээхтик кытыннылар.
Кэнтик, Хоро, Үөһээ Бүлүүтээҕи 2-с нүөмэрдээх агрооскуолалар араас улуус агрооскуолаларын кытта быыстапкаҕа күрэхтэстилэр.
Күрэх түмүгүнэн Кэнтик орто оскуолата «Плодово-Ягодные культуры» номинацияҕа 2-с истиэпэннээх дипломант буолла. 2-с нүөмэрдээх орто оскуола коллектива «Дизайн выставочной экспозиции» номинацияҕа 1-кы истиэпэннээх, «Осенний бал» номинацияҕа 2-с истиэпэннээх уонна «Плодово-Ягодные культуры» номинацияҕа 1-кы истипэннээх дипломнарынан наҕараадаланнылар.
Быыстапка-куонкурус Дьокуускай куорат Доҕордоһуу болуоссатыгар Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ананан ыытылынна.
Кыайыылаах агро оскуолалары үрдүк ситиһиигитинэн эҕэрдэлиибин. Үлэҕит өссө таһаарыылаах, кыайыылардаах буоллун.
#Урожай2024
#Агрошколы
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev