Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.5K photos
265 videos
1 file
794 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн, кулун тутар 3 күнүгэр "Ураан" устудьуоннар общественнай организацияларын эдэр ыччата оскуола оҕолорун кытта көрсөн профориентация кэпсэтиитин, ону таһынан интириэһинэй, социальнай хайысхалаах оонньуулары ыыттылар.

Ыччаттар оскуола оҕолоругар устудьуон олоҕун, үөрэхтэрин туһунан кэпсээтилэр. Үөрэххэ туттарсар, хайдах бэйэҕэ сөптөөх хайысханы талар туһунан бэйэлэрин санааларын үллэстиннилэр. Бу маннык көрсүһүүлэр оскуолаларын бүтэрээри, устудьуон буоларга бэлэмнэнэр оҕолорго олус туһалаахтар.

Тэрээһиҥҥэ 100-тэн тахса оскуола үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Түмүккэ, кэлбит ыччаттар бэйэлэрэ бэлэмнээбит культурнай программаларын көрдөрдүлэр.

Ыччаттар маннык көхтөөхтүк араас хайысхаларга кытталлара, оҕолору үтүөҕэ, үлэһит буоларга, үөрэхтэнэргэ угуйаллара олус хайҕабыллаах.

Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх устудьуон активистарбытыгар "Ураан" ыччат хамсааһыныгар, ону таһынан Горнай, Булун улуустарын ыччаттарыгар туһалаах тэрээһиннэри кэлэн бэлэхтээбиккитигэр махталбытын тиэрдэбит. Үөрэххитин ситиһиилээхтик бүтэрэн, үлэһит дьон буолан, дойдугут сайдыытыгар төһүү күүс буолун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

#ИннибитХотуБарыБииргэ
#МолодежноеДвижение
#Ураан

t.iss.one/ValeriNikolaev