Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.31K photos
247 videos
652 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү ыччата Ньурбаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи "Түмэр түгэн" ыччат бэстибээлигэр кытталлар.

«Үөһэлэртэн сыдьааннаах, Үөһээ Бүлүү төрүттээх Айыы сиэнэ буолабын!
Хотун Бүлүү ыччата, Үөһээ Бүлүү өрүү үөһэ!», - диэн кынаттаах девиз ыччаттарбытыгар ситиһиини аҕаллын!

#Ыччат
#ҮөһээБүлүүЫччата
#ТүмэрТүгэн

t.iss.one/ValeriNikolaev
Ньурба улууһугар ыытыллыбыт икки күннээх өрөспүүбүлүкэтээҕи "Түмэр түгэн" бэстибээлгэ Үөһээ Бүлүү ыччата ситиһиилээхтик кытыннылар.

Ол курдук, атырдьах ыйын 17-18 күннэригэр ыытыллыбыт "Түмэр түгэн-2024" бэстибээлгэ «Ньурба Ньургуна уонна Ньургуһуна -2024» күрэххэ биһиги эрэлбит, Үөһээ Бүлүү улууһун кэскиллээх ыччата ЭЛЬДАР МАНДАРОВ муҥутуур кыайыылаах аатын сүктэ уонна 75.000 солкуобай уу харчыннан наҕараадаланна!

Эльдар төрүт спорт араас көрүҥнэригэр: Үс төгүл үс күрэххэ - 2 миэстэни, тутум эргииргэ - 2 миэстэни, сүүрүүгэ - 1 миэстэни, хапсаҕайга- 1 миэстэни уонна таас көтөҕүүгэ - 1 миэстэни ылан "Түмэр түгэн" бэстибээлгэ бастыҥ бөҕөс буолла.

Ону тэҥэ кыргыттарга биһиги инникилээх эдэр спортсменкабыт ВАНЕССА МОРФУНОВА «Ньурба Ньургуна уонна Ньургуһуна -2024» күрэххэ ИККИС бочуттаах миэстэни ылан 30.000 солкуобай уу харчыннан наҕараадаланна!

Ыччаттарбытын Эльдары уонна Ванессаны үрдүк ситиһиигитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Өссө да саҥа кыайыылар кэлэ турдуннар. Үөрэххтигэр уонна тус олоххутугар ситиһиилэри, үрдэллэри.


#ТүмэрТүгэн
#ЭдэрЫччат
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev