Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.31K photos
247 videos
652 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Бүлүү куората 390 сылыгар, биллиилээх судаарыстыбанай - бэлэтиичэскэй диэйэтэлэ Степан Аржаков 125 сааһыгар анаммыт Бүлүү улууһугар ыытыллар аан дойдутааҕы уустар күрэхтэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун тимир уустара кытталлар.

3 күн устата 4 тимир уустарыттан тутулуктаах хамаандалар араас тимир оҥоһугун көрүҥнэригэр күрэхтэһиэхтэрэ.

Тэрээһин бырагыраамматынан бүгүн уһаары күнэ, сарсын хамаанданнан күрэхтэһиилэр, өйүүн тимир оҥоһуктарга мастер-класстар ыытыллаллар.

"Уһаарыыбыт этэҥҥэ баран иһэр, уолаттар санаалара бөҕө, этэҥҥэ ситиһиилээктик кыттар санаалахпыт", - диэн уустар бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.

Үөһээ Бүлүү хамаандатыгар Хоро нэһилиэгин тимир ууһа - Тыымпы Ньургун Догдо уола, Балаҕаннаах нэһилиэгин тимир ууһа Чаный Сырдыын Боло уола, Кэнтик нэһилиэгиттэн уус Афанасьев Анатолий Федорович, Тамалакаан нэһилиэгин тимир ууһа Стручков Станислав Спартакович, ону кытта Кэнтик Чап уустарын салайааччыта, тимир ууһа Тумусов Егор Сысоевич кыттыыны ылаллар.

Уустарбытыгар күрэхтэһиилэригэр ситиһиилэри баҕарабыт. Кудай Бахсы бэттэх көрөн мичик гыннын, уолаттарбытыгар көмө буоллун!

#ТимирУустара
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev