Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.49K photos
263 videos
791 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна успуортка миниистирин бастакы солбуйааччытын Александр Николаевич Бугаевы кытта көрүстүбүт.

Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэригэр спортиснтруктордар штаттарын олохтуур үлэ туһунан кэпсэтии ыыттыбыт.

Кэпсэтиигэ спорт тыа сиригэр оруола сүҥкэнин, олохтоох нэһилиэнньэҕэ, эдэр ыччатка туһалааҕын туһунан бэлиэтээтибит. Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин аайы спордунан дьарыктанар, чөл олоҕу батыһар дьоммут сылтан сыл ахсын элбии турар. Спорт араас көрүҥнэригэр ситиһиилээх ыччаттардаахпыт, өрөспүүбүлүкэтээҕи спорт күрэхтэһиилэрэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллаллар.

Россия Президиэнэ Владимир Путин эппитин курдук, нэһилиэнньэ уһун доруобай олохтоноругар болҕомто күүскэ ууруллуохтаах. Бу сөптөөх хамсааһыны өйөөн, чөл олоҕу, чөл туругу киэҥник тарҕатар сыалтан Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин аайы спортинструктордар штаттарын арыйары ситиһиэхтээхпит.

#Спорт
#ҮөһээБүлүү
#Спортинструкторы

t.iss.one/ValeriNikolaev
Дьокуускай куоракка улуус баһылыгын үпкэ уонна экономикаҕа солбуйааччытын Саргылана Васильевна Алексееваны кытта улууспутугар спортинструктордар штаттарын туруорсуу үлэтин ыытабыт.

Атырдьах ыйын 20 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үп министиэристибэтигэр Үөһээ Бүлүүгэ спортинструктордар штаттарын оҥорууга министиэристибэ исписэлиистэрин уонна Үп миниистирин солбуйааччытын Старостин Николай Прокопьевиһы кытта сүбэ мунньахтаатыбыт.

Мунньах түмүгэр этиллибит сорудахтарынан салгыы үлэни ыытабыт.

#Спортинструкторы
#ҮөһээБүлүү
#МинФинРСЯ

t.iss.one/ValeriNikolaev