Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.49K photos
264 videos
1 file
792 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Саха Сирин Ил Дархана салайар олохтоох бэйэни салайыныы Сэбиэтин сүбэ мунньаҕар кыттыыны ыллым.

Улуустарга кэлэр дотациялары, бүддьүөтү сүрүннээһини, онтон да атын сүдү суолталаах боппуруостары көтөҕөн дьоһуннаах мунньах ыытылынна.

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев Өрөспүүбүлүкэни салайар систиэмэни тупсарыы туһунан Ыйааҕы баттаабыта.

Ыйаах хас биирдии муниципальнай былаас салайааччыта олохтоох дьонун, норуотун туһугар эппиэтинэстээхтик үлэлииригэр уонна хас биирди киһи олоҕун тупсарыыга сыалламмыт үлэни ыытарыгар ананан оҥоһуллубут.

Ыйаахха турбут сыаллары ситиһэргэ, төрөөбүт дойдубут, улууспут, Сахабыт Сирэ сайдарын туһугар бары бииргэ, түмсүүлээх хамаанданнан үлэлииргэ бэлэммит!

#СоветМестногоСамоуправленияПриГлавеРСЯ
#ИлДархан
#АйсенНиколаев
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev