Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.48K photos
263 videos
789 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр улуу убайбыт Исидор Барахов аатынан сквер тутуутун тиэмпэтэ хайдах баран иһэрин билистим.

Бэдэрээтчит ООО "Охоноос".
Бу сквер Уһук илин регионнарга "Комфортная городская среда" диэн бүтүн Россиятааҕы конкурска кыайан тутулла турар.

Билигин сухой фонтан акылаатын туруоруу, бетонунан кутуу үлэтэ бара турар. Ону тэҥэ балаһаакканы бүтүннүү тэҥнээн бетонунан кутулларыгар бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар.

Эбийиэги быйылгы сылга түмүктээн туттарарга бэдэрээтчит бары күүһү ууран үлэлиир.

Сквер аллеялаах, оҕо оонньуур балаһааккалаах, сухой фонтаннаах буолара былааннанар.

#СкверБарахова
#Строительство
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev