Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
801 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Биир дойдулаахпытын "Сахаспецмонтаж-95" ХЭТ салайааччытын Петров Дмитрий Алексеевиһы "Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах тутааччыта" үрдүк ааты ылбыккынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит.

Дмитрий Алексеевич Үөһээ Бүлүү улууһугар элбэх квартиралаах дьиэлэри, оскуолалары, оҕо уһуйаанын тутан улууспут сайдыытыгар таһаарыылаахтык үлэлиир тэрилтэ салайааччыта. Быйыл "Сахаспецмонтаж-95" тэрилтэ Боотулуу оскуолатын тутан үлэҕэ киллэрдэ, ону тэҥэ салҕыы Сургулук, Ороһу оскуолаларын тутууга үлэни ыытар.

Дмитрий Алексеевичка өссө үрдүк ситиһиилэри, элбэх хаачыстыбалаах тутуулары, саҥа кыайыылары баҕарабыт.

#ПочетныйСтроительРСЯ
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev