Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Бүгүн үөрэх дьыла саҕаламмытын бэлиэтиир үөрүүлээх линейкаҕа Кэнтик орто оскуолатыгар кыттыыны ыллым.

Быйыл Кэнтик орто оскуолатыгар 27 оҕо маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирдэ. Бүгүҥҥү линейкаҕа мин маҥнайгы кылаас үөрэнээччитин төрөппүтүн быһыытынан сырыттым. Уолбут сайыны быһа кэтэспит түгэнэ - оскуола маҥнайгы чуораана чугдаарар кэрэ кэмэ тиийэн кэлбититтэн олус долгуйан сарсыардаттан бэлэмнэннэ.

Үөрүүлээх линейкаҕа маҥнайгы учууталларын батыспытынан Кэнтик орто оскуолатын саҥа үөрэнээччилэрэ сибэккии дьөрбөтүн туппутунан, сиэтиспитинэн киирдилэр. Бу түгэн биһиги эрэ дьиэ кэргэҥҥэ буолбакка, маҥнайгы кылааска киирбит оҕолоох бары төрөппүттэргэ олус долгутуулаах, бэлиэ түгэн буолар.

Баҕарабын бүгүн саҥа оскуола боруогар үктэммит оҕолорбутугар дьоллоох оскуола кэмин, сырдык ыраас оҕо сааһы, киэҥ дириҥ билиини, сайдыыны, ситиһиини.

Үөрэх дьыла саҕаламмытынан бары учууталлары, үөрэнээччилэри ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин. Күндү үөрэнээччилэр, учууталларгыт биэрэр билиилэрин болҕомтолоохтук сиэрдээхтик ылынаҥҥыт үтүө үөрэхтээх дьон буоларгытыгар туһа гыныҥ. Ытыктабыллаах учууталлар, эһиги сыралаах үлэҕитигэр махтанан туран, баҕарабыт ситиһиилээх үөрэх дьылын уонна таһаарыылаах үлэни.

#ПервыйКласс
#НовыйУчебныйГод
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev