Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.31K photos
247 videos
652 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев өрөспүүбүлүкэ 20 үөрэҕин тэрилтэлэригэр үөрэнээччилэри таһарга анаммыт школьнай автобустар күлүүстэрин үөрүүлээх быһыыга туттарда.

Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу орто оскуолатын директора Прокопий Устинович Никонов Ил Дархан илиититтэн саҥа оскуола автобуһун күлүүһүн тутта.

Саҥа автобус 22 миэстэлээх, Саха Сирин климатыгар сөп түбэһэр, сылаастык оҥоһуллубут техника.

Автобустар үөрэнээччилэр хаачыстыбалаах үөрэхтэрин, үөрэх тэрилтэлэрин материальнай - техническэй базаларын бөҕөргөтүүгэ ананаллар.

Ороһу орто оскуолатын үлэһит коллективын, үөрэнээччилэрин саҥа автобус анаммытынан эҕэрдэлиибит!

Ороһу нэһилиэгэр СӨ Ил Дарханын А.С. Николаев өйөбүлүнэн саҥа оскуола тутулла турар. Эһиил ороһу орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ үөрэх сылын саҥа оскуолаҕа саҕалыахтара диэн эрэллээхпит.

#НовыйШкольныйАвтобус
#ВерхневилюйскийУлус
#ВместеТолькоВперед

t.iss.one/ValeriNikolaev