Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.31K photos
247 videos
652 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Сахаларга былыр былыргыттан муҥха тэрээһинэ бэйэтэ улахан бырааһынньык буолар.

Сэтинньи 4-с күнүгэр норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтата Ороһу нэһилиэгин Өтөхтөөх күөлүгэр улууспутугар Түмсүү сылын чэрчитинэн "СОМОҔОЛОҺУУ МУҤХАТЫН" тэрийдибит.


Бу күн уопсайа эр киһилиин, дьахтардыын, кырдьаҕастыын, оҕолуун барыта 380-ча киһи сырытта.

Кэлбит дьону барыларын итии миининэн, чэйинэн Ороһу нэһилиэгин дьаһалтатын уонна култуура киинин үлэһиттэрэ көрүстүлэр.

Муҥха иннигэр Алгыс тылы эттэ - Үөһээ Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Иван Егорович Чычахов. Алгыс кэннэ кэлбит бар дьон кытыан от буруотунан ыраастаннылар.

Муҥхаҕа кэлбит дьон ким тугу сатыырынан үөрэ-көтө, сытыытык, сымсатык туттан көхтөөхтүк үлэлээтилэр. Улахан дьону кытта оскуола саастах оҕолорбут эмиэ тэбис-тэҥҥэ сылдьыспыттара улахан хайҕабыллаах. Оҕолорбутун эр дьон көмүс хатырыктаах хайдах бултанарын үөрэттилэр. Ыччаттарбыт аҕа көлүөнэни кытта тэҥҥэ сылдьан, саха омук сатабылыгар үөрэнэллэрэ, бултка, балыкка сысталлара элбэҕи эрэннэрэр.

Муҥха түспүт эбэтэ кэлбит дьону маанылаата, Күөх Боллох тойон “мичик” гынна, бэрткэ диэн көмүс хатырыктааҕыттан бэристэ.

Бу муҥхаттан ирээт балык Үөһээ Бүлүү улууһуттан анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар ыытарга анаан Кыайыы пуондатыгар туттарылынна.

Улуус дьаһалтатын муҥхатыгар кэлэн кыттыыны ылбыт биир дойдулаахтарбытыгар көхтөөх, түмсүүлээх үлэҕит иһин махтанабыт!

#Муҥха2024
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev