Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.49K photos
263 videos
1 file
791 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
11 сыл устата баһылыктаабыт, төрөөбүт дойдум Кэнтик нэһилиэгэ тэриллибитэ быйыл 125 сылын бэлиэтиир.

Үөрүүлээх үбүлүөй тэрээһинин үрдүк таһымнаахтык ыытарга бэлэмнэнии үлэтин саҕалыыр туһунан тэрийэр хамыыһыйа мунньаҕын ыыттыбыт.

Кэнтик нэһилиэгин күннэрэ Дьокуускай куоракка кулун тутар 29-30 күнүгэр ыытыллара былааннанар. Сүрүн болҕомтону тардар тэрээһиммит - кулун тутар 29 күнүгэр ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи тимир уустарын күрэҕэ. Кэнтик нэһилиэгэ Чап уустарынан Аар саарга аатырар. Чап уустара хас да көлүөнэ тимири чапчайан, уһааран бүгүҥҥү күҥҥэ диэри сыдьааннара тимири уһаналларыттан киэн туттабыт.

Кулун тутар 30-с күнүгэр А.Е. Кулаковскай аатынан "Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр" үбүлүөй бырааһынньыгар үөрүүбүтүн үллэстэрэгэ биир дойдулаахтарбытын ыҥырабыт.

#Кэнтик125
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн кулун тутар 29 күнүгэр, Дьокуускай куоракка "Куруһаала" атыы-эргиэн киинигэр Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэ төрүттэммитэ 125 сылыгар анаммыт, "Чап уустар" тимир уустарын тэрээһинэ арылынна.

"Чап уустарын" күрэҕэ 6-с төгүлүн ыытыллар, быйыл бастакытын Дьокуускай куоракка тэрилиннэ. Тэрээһиҥҥэ уопсайа 15 улуустан 43 уус кэлэн кыттыыны ылаллар. Саха быһаҕа, кыптый, хомус оҥоһуктарыгар уустар икки күн күөн күрэскэ киирсиэхтэрэ.

Уустарга күрэскэ ситиһиини, Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтатыгар, тэрийээччилэргэ үбүлүөйдээх тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык ыытыллалларын баҕарабын!

#Кэнтик125
#ЧапУустара

t.iss.one/ValeriNikolaev
Сунтаар улууһун ууһа Николаев Дмитрий Викторович 3 сыллааҕыта Кэнтик нэһилиэгэр ыытыллыбыт "Чап уустарын" күрэҕиттэн Кэнтик болгуотун бэлэх туппут. Ону 3 сыл ааспытын кэннэ, анаан-минээн Кэнтик нэһилиэгэ төрүттэммитэ 125 сылыгар анаммыт "Чап уустара" күрэххэ Кэнтик болгуотуттан хомус оҥорон күрэххэ аҕалбыт.

#Кэнтик125
#ЧапУустара

t.iss.one/ValeriNikolaev
Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Чап уус" күрэҕэ Дьокуускай куоракка, "Куруһаала" атыы-эргиэн киинигэр үрдүк таһымнаахтык ыытыллан түмүктэннэ.

Күрэххэ уопсайа 15 улуустан 43 тимир ууһа кыттыыны ыллылар. 5 түһүмэххэ арааран күрэх ыытылынна. Түһүмэх аайы кыайыылаахтар билиннилэр, сыаналаах, өйдөбүнньүк бириистэринэн наҕараадаланнылар.

"ЧАП УУС" күрэх быйыл 6-с төгүлүк ыытыллар, Кэнтик нэһилиэгэ төрүттэммитэ 125 сылыгар анаан, үбүлүөйдээх тэрээһини быйыл бастакытын Дьокуускай куоракка тэрилиннэ. Уустар күрэхтэн астынан, үрдүктүк сыаналаан, махтанан бардылар.

Сыл ахсын кыттааччы ахсаана, тимир ууһа элбээн иһэриттэн киэн туттабыт уонна үөрэбит. Саҥа ааттар, саҥа эдэр уустар быйылгы сылга арылыннылар. Иннэ гынан уус удьуора ууһаан, тэнийэн Саха тимир ууһа инникилээх. Кэнтик нэһилиэгин тимир уусатара, Чап уустара сайда чэчирии турдуннар!

Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр Дьокуускай куоракка бүгүн Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр киэһээ 17:00 чааска саҕаланар эҕэрдэ кэнсиэринэн түмүктэнэр. Биир дойдулаахтарбыт кэлэн ыалдьыттаан, үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэстиэҕиҥ!

#Кэнтик125

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэ төрүттэммитэ 125 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх оһуохай түһүлгэтэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр дуорайда!
Биир дойдулаахтарбыт бары мустан оһуохайы оройуттан туттубут, эһиэкэйи эҥээриттэн ыллыбыт!
Сотору кэминэн эҕэрдэ кэнсиэрт саҕаланыа.

#Кэнтик125

t.iss.one/ValeriNikolaev
Указом Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева №260 от 22 марта 2024 года, за большие заслуги в области культуры и искусства почетное звание “Заслуженный работник культуры Республики Саха (Якутия)” присваивается МОЙТОХОНОВОЙ Айталине Михайловне.

#Кэнтик125

t.iss.one/ValeriNikolaev
Благодарственным письмом Правительства Республики Саха (Якутия) за личный вклад в социально-экономическое развитие Республики Саха (Якутия), за плодотворную работу во благо населения Республики Саха (Якутия) награждается временно исполняющий обязанности главы МО "Кэнтикский наслег" Верхневилюйского района РС(Я) ИВАНОВА Айталина Розиновна

#Кэнтик125

t.iss.one/ValeriNikolaev
Благодарственным письмом Правительства Республики Саха (Якутия) за личный вклад в социально-экономическое развитие Республики Саха (Якутия), за плодотворную работу во благо населения Республики Саха (Якутия) награждается бухгалтер администрации МО "Кэнтикский наслег" Верхневилюйского района РС(Я) КОКОРИНОВА Евдокия Марковна

#Кэнтик125

t.iss.one/ValeriNikolaev
Нагрудным знаком “Отличник системы образования Республики Саха (Якутия)” награждается директор муниципального бюджетного образовательного учреждения “Кэнтикская средняя школа им. Никифора Седалищева – Дьүөгэ Ааныстырова” СЕМЕНОВ Владислав Николаевич.

#Кэнтик125

t.iss.one/ValeriNikolaev
Нагрудным знаком “Отличник системы образования Республики Саха (Якутия)” награждается учитель индивидуального обучения муниципального бюджетного образовательного учреждения “Верхневилюйская средняя школа № 2 им. Марка Егорова” НИКОЛАЕВА Ирина Владимировна

#Кэнтик125

t.iss.one/ValeriNikolaev
Нагрудным знаком “Почетный ветеран системы образования Республики Саха (Якутия)” награждается ветеран педагогического труда ФИЛИППОВА Христина Михайловна

#Кэнтик125

t.iss.one/ValeriNikolaev
За высокий профессионализм, активную жизненную позицию и вклад в развитие институтов гражданского общества, укрепление государственной социальной политики Республики Саха (Якутия) нагрудным знаком “Отличник гражданских инициатив Республики Саха (Якутия)” награждается председателя некоммерческой организации ассоциация “Чап уустара”
ТУМУСОВ Егор Сысоевич.

#Кэнтик125

t.iss.one/ValeriNikolaev
За многолетний добросовестный труд и вклад в развитие культуры Республики саха (Якутия) почетным знаком “Отличник культуры Республики Саха (Якутия)” награждается заведующий Кэнтикской сельской библиотеки УШНИЦКАЯ Мария Захаровна.

#Кэнтик125

t.iss.one/ValeriNikolaev
За выскоий профессионализм, активную жизненную позицию и вклад в развитие молодежной политики и укрепление государственной политики Республики Саха (Якутия) нагрудным знаком “Отличник молодежной политики Республики Саха (Якутия)” награждается ветеринарный врач МО “Кэнтикский наслег” Верхневилюйского района РС(Я) САМСОНОВ Владимир Владимирович.

#Кэнтик125

t.iss.one/ValeriNikolaev
За заслуги в области сельского хозяйства, многолетний добросовестный труд и большой вклад в социально-экономическое развитие Кэнтикского наслега, почетное звание “Почетный гражданин Кэнтикского наслега” присваивается ветерану сельского хозяйства АЛЕКСЕЕВУ Дмитрию Ивановичу.

#Кэнтик125

t.iss.one/ValeriNikolaev
Саха Өрөспүүбүлүкэтин транспорга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистир, Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэ төрүттэммитэ 125 сыллаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин солбуйаччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин БырабыытылыстыбатыгарҮөһээ Бүлүү улууһун куратора Владимир Михайлович Сивцев Кэнтик нэһилиэгин Чап Уустарын түмэлигэр үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээн бэйэтин сэмэй бэлэҕин туттарда.

#Кэнтик125

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Кулун тутар 29-30 күнүгэр, Докуускай куоракка икки күннээх Кэнтик нэһилиэгэ төрүттэммитэ 125 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх тэрээһиннэр ситиһиилээхтик түмүктэннилэр.

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынын норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр уонна "Куруһаала" атыы-эргиэн киинигэр икки күн Чап уустарын быыстапката, тимир уустарын күөн күрэһэ уонна эҕэрдэ кэнсиэрт тэрилиннэ.

Үбүлүөйдээх тэрээһиннэри түмүктүүр үөрүүлээх эҕэрдэ кэнсиэрткэ Кэнтик нэһилиэгин талба талааннаахтара, кэнтиктэн төрүттээх ыччаппыт кыттыыны ыллылар. Кэнсиэрт олус үрдүк таһымнаахтык ыытыллан дьон-сэргэ биһирэбилин ылла.

Эҕэрдэ кэнсиэрт үөрүүлээх түгэнтэн, биир дойдулаахтарбытыгар үрдүк наҕараадалары туттарыыттан, саҕаланна.

Бу үбүлүөйдээх тэрээһиннэри ыытарга көмө буолбут Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Айсен Сергеевич Николаевка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатыгар өйөбүлгүт иһин махтанабын. Биир дойдулаахтарбытыгар, Кэнтик ыччатыгар, Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтатын, култууратын, үөрэҕэриитин үлэһиттэригэр сыраҕытын ууран бэрт үчүгэй тэрээһиннэри ыыппыккытыгар, түмсүүлээхтик туруоруллубут сыалы ситиспиккитигэр, үрдүк таһымы Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн көрдөрбүккүтүгэр эҕэрдэбин этэбин!

Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтарбытыгар икки күн биһигинниин бииргэ буолбуккутугар, үбүлүөйдээх үөрүүгэ кыттыспыккытыгар махтал мааныта буоллун!

Аны ыалдьыттарбытын сайын Кэнтик нэһилиэгэр, үбүлүөйдээх ыһыахха кэтэһэбит!

#Кэнтик125

t.iss.one/ValeriNikolaev
Икки күннээх Кэнтик нэһилиэгэ тэриллибитэ 125 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх ыһыаҕа түмүктэннэ.

Үбүлүөйдээх ыһыахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска миниистирин солбуйааччы Марина Владимировна Силина ыалдьыттаата, наҕараадалары туттартаата уонна эҕэрдэ ырыатын ыллаата.
Биир дойдулаахпыт СССР норуодунай артыыһа Анегина Ильина ыһыахха кэлэн Кэнтик библиотекатыгар бэлэх кинигэлэри туттарда уонна көмүс куолаһынан ырыатын бар дьонугар бэлэх уунна.

Кэнтик нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Кэнтик нэһилиэгин "Албан Аат" бочуоттаах хаһаайката, Россия орто үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Тамара Сергеевна Николаева биир дойдулаахтарын ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ.

Ыһыахха икки күн устата оһуохайга, фольклор көрүҥүгэр, хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар, тимиртэн оҥоһукка күрэхтэстилэр.

Дьиэ кэргэн уонна оҕо саас сылыгар анаммыт Эдэр ыал күрэҕэ ыытылынна. Кыайыылаахтарга 6 кыыс оҕолоох Петровтар дьиэ кэргэҥҥэ 125.000 солкуобай уу харчыннан бириис туттарылынна.
Ону тэҥэ Оһуохай Кылаан чыпчаалыгар 125.000 солкуобай, "Эр хоһуун-2024" многоборье күрэҕин муҥутуур кыайыылааҕар 125.000 солкуобай, мас тардыһыы муҥутуур кыайыылааҕар 125.000 солкуобай, Хапсаҕай муҥутуур кыайыылааҕар 125.000 солкуобай уу харчыннан туруорулуннулар. Миэстэлэспит, анал ааты ылбыт кыттааччылар араас сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Бары кыайыылаахтары ситиһиигитинэн, Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторун үбүлүөйдээх ыһыах үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытынан эҕэрдэлиибин.

#Кэнтик125
#Ыһыах
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн, сэтинньи 9 күнүгэр Кэнтик нэһилиэгэр бэлиэ күн үүннэ. Ол курдук, Кэнтик нэһилиэгин үгүс олохтоохторун эрэлин ылан быыбарга кыайбыт Сергей Петрович Федотов дуоһунаһыгар киирэр үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытылынна.

Үгэс быһыытынан, саҥа баһылыкка түөскэ кэтэр анал бэлиэни кэтэртим.

Төрөөбүт дойдум - Кэнтигим сайдарын туһугар бэриниилээхтик 11 сыл устата үлэлээн, хамаанданнан элбэҕи ситиспиппит. Сергей Петрович Кэнтик дьаһалтатыгар өр сылларга землеустроитель дуоһунаһыгар үлэлээн, нэһилиэк кыһалҕатын, күннээҕи үлэтин билэр-көрөр, уопуттаах киһи быһыытынан бу ылыллыбыт тиэмпэни ыһыктыбакка салгыы элбэх үлэни ыытыа диэн эрэллээхпин. Дьаһалта үлэтигэр ылбыт уопутуҥ салайар үлэҕэр көмө буоллун, биир дойдулаахтарын эрэлэ, хайҕабыла саҥа кыайыыларга кынаттаатын.

Сергей Петровичка төрөөбүт дойдубут Кэнтикпит сайдарын, чэчириирин туһугар кыһамньылаах, ситиһиилээх уонна бэриниилээх үлэни баҕарабын!

#Кэнтик125

t.iss.one/ValeriNikolaev