Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.5K photos
265 videos
1 file
795 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Ыам ыйын 9 күнүгэр, АГАТУ ипподромугар сезону арыйар Геройдар бириистэригэр бастакы ат сүүрдүүтэ ыытылынна.

Ат сүүрдүүтүгэр 11 улуус хамаандата кытынна. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү, Амма, Чурапчы, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Горнай, Сунтаар, Уус Алдан, Ньурба, Таатта улууһуттан аттара сүүрдүлэр.

40-ча сүүрүүк ат 6 дистанцияҕа күөн күрэхтэстилэр.

Үөһээ Бүлүү сүүрүүк аттара күрэхтэһиигэ ситиһиилээхтик кытыннылар. Сүүрүүк аттары Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт Андрей Иннокентьевич Неустроев иитэр, көрөр, эрчийэр.

Андрей Иннокентьевич уопуттаах билиитинэн, эрчийиитинэн аттарбыт бириистээх миэстэҕэ тигистилэр.
🏇1600 м дистанцияҕа, 3 саастаах, Саха Сиригэр төрөөбүт аттарга
🥈 2-с миэстэни ылла Батл Мэн, 1.51'5 көрдөрүүлээх.

🏇2400 м дистанцияҕа, 4 саастаах, Саха Сиригэр төрөөбүт аттарга
🥈 2-с миэстэни ылла Нумизматик, 2.49'2 көрдөрүүлэх.

🏇1600 м дистанцияҕа, 4 саастаах, ЧВП (Чистокровная верховая порода) аттарга 4-с бириистээх миэстэҕэ тигистэ Бумеранг, 1.48'8 көрдөрүүлээх.

🏇1400 м дистанцияҕа, 4 саастаах, ЧВП (Чистокровная верховая порода) аттарга
🥈 2-с миэстэни ылла Квит, 1.31'9 көрдөрүүлээх.

Быйылгы сезону Үөһээ Бүлүүбүт сүүрүк аттара ситиһиилээхтик саҕалаатылар.
Андрей Иннокентьевиһы үрдүк көрдөрүүгүтүнэн эҕэрдэлиибит, өссө элбэх кыайыылары, үрдэллэри баҕарабыт!

#КонныеСкачки
#КонныйСпорт
#Верхневилюйск
Бу саас Андрей Иннокентьевичка сылдьан сүүрүк аттарбытын кытта билсибитим.

Баттл Мэн, Бумеранг, Квит, Нумезматик өрөспүүбүлүкэтээҕи сүүрүүлэр призердара.

2024 сыл сезонун түөрт сүүрүк аттарбыт ситиһиилээхтик саҕалаатылар. Инники аттарбытын улахан өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэр кэтэһэллэр.

Ситиһиилээх эрчиллиини, саҥа кыайыылары баҕарабыт!

#КонныйСпорт
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev