Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
801 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Дойду Президиэнэ Владимир Владимирович Путин ыйааҕынан 2024 сыл Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллэн элбэх оҕолоох тыа сирин ыалыгар өрөспүүбүлүкэ да, улуус да салалтата күүстээх болҕомто уурар. Онон сиэттэрэн бүгүн эдэр ыалларга алаһа дьиэни тэринэллэригэр көмө буоларга анаммыт туоһу суругу туттардыбыт.

Үөһээ Бүлүү улууһугар барыта 78 ыал уочаракка турар буоллаҕына, бүгүн 14 эдэр ыал дьиэлэрин тупсарарга судаарыстыбаттан көмө ылалларын туһунан туоһу суругу туттулар.

Бу сыалга 2024 сылга 20 793 250,80 солк көрүлүннэ. Ол иһигэр 378.048,90 солк өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан, 5.922.766,12 солк федеральнай үптэн уонна 15 133 516,11 солк оройуон бюджетыттан көрүлүннүлэр.

Ол курдук, бүгүн туоһу суругу туттулар:
Далыр нэһилиэгиттэн 3 оҕолоох Николай уонна Иванна Брызгаловтар
Ороһу нэһилиэгиттэн 3 оҕолоох Иван уонна Анисия Уаровтар
Үөһээ Бүлүү нэһилиэгиттэн 5 оҕолоох Дмитрий уонна Варвара Петровтар
Ороһу нэһилиэгиттэн 3 оҕолоох Дьулус уонна Раиса Петровтар
Хоро нэһилиэгиттэн 3 оҕолоох Сергей уонна Алла Чоросовтар
Үөһээ Бүлүү нэһилиэгиттэн 3 оҕолоох Айаал уонна Мария Кононовтар
Быракаан нэһилиэгиттэн 3 оҕолоох Эдуард уонна Елизавета Саввиновтар
Нам нэһилиэгиттэн 3 оҕолоох Владимир уонна Алина Саввиновтар
Дүллүкү нэһилиэгиттэн 3 оҕолоох Дьулустан уонна Нарыйа Ивановтар
Тамалакаан нэһилиэгиттэн 2 оҕолоох Иннокентий уонна Матрена Винокуровтар
Үөһээ Бүлүү нэһилиэгиттэн 2 оҕолоох Алексей уонна Виктория Егоровтар
Үөһээ Бүлүү нэһилиэгиттэн 2 оҕолоох Геннадий уонна Жанна Сергеевтар
Мэйик нэһилиэгиттэн 2 оҕолоох Анатолий уонна Сардаана Федоровтар.

2 оҕолоохторго көрүллэр көмө харчыта - 1 223 132 солк, 3 оҕолоохторго -1 528 915 солк, 5 оҕолоохторго - 2 140 481 солк.

Бу үөрүүлээх түгэн Дойду Президиэнэ Владимир Путин бигэргэппит «Обеспечение доступным и комфортным жильём и коммунальными услугами граждан Российской Федерации» диэн судаарыстыбынай бырагыраамма чэрчитинэн тэрилиннэ.

Эдэр ыалларга олохторугар дьолу, уостубат тапталы, чэгиэни, өйдөһүүнү-өйөһүүнү баҕарабын. Үөһээ Бүлүү улууһа кэҥиирэ, сайдара, кэскиллэнэрэ эдэр ыаллар илиилэригэр баар. Онон инникитин дьиэ кргэҥҥит өссө кэҥээтин, кэнэҕэски кэскиллээх, кэрэ ыччаттардаах, күүстээх силистээх-мутуктаах, саханы ааттатар, сайыннарар дьоллоох буоллун диэн баҕа санаабын этэбин.

#ДьоллоохДьиэКэргэн
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev