Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
801 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Бүгүн Кэнтик нэһилиэгин "Сайыына" оҕо уһуйаана 55 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир.

"Сайыына" оҕо уһуйаана 1969 сыллаахха тэриллибитэ, бастакы үлэлиир сылыгар 25 оҕо иитиллибитэ. 55 сыл устата "Сайыына" оҕо уһуйааныгар хас да көлүөнэ Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторо иитиллэн тахсыбыттара. Өр сылларга үлэлээбит бэтэрээн уһуйааччыларга сыралаах үлэҕит иһин, оҕолорго тапталгыт, истиҥ сыһыаҥҥыт, ыччаты иитиигэ сүҥкэн кылааткыт иһин истиҥник махтанабыт.

"Сайыына" уһуйаан 2016 сыллаахха федеральнай субсидия көмөтүнэн тутуллубут саҥа 2 этээстээх таас дьиэҕэ киирбитэ. Билигин уһуйааҥҥа 84 иитиллээччи 4 бөлөҕүнэн сылдьар.
28 үлэһит үлэлиир.

Бэйэм "Сайыына" выпускнига буоларым быһыытынан, 1981 сыллаах выпусктар ааттарыттан уонна тус бэйэм ааппыттан үбүлүөйдээх 55 сылгытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Баҕарабын элбэх иитиллээччини, ситиһиилээх үлэни, уостубат уҕараабат күүһү. Үүнэ-сайда тур тапталлаах уһуйааммыт.

#ДетсадСайыына
#Юбилей55

t.iss.one/ValeriNikolaev