Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.5K subscribers
2.11K photos
381 videos
1 file
1.08K links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
🌐Сайт:
ВалерийНиколаев.рф
🔹️VK:
vk.com/valerinikolaev
Download Telegram
Бөлүүн түүн дойдубутугар уһун күннээх командировкаттан айаннаан кэллибит.

Дьиэбэр суох кэммэр элбэх үлэ мунньуллубут. Бүгүн биир күннээх сынньалаҥ ыламмын кыстыкка бэлэмнэнэр үлэни оҥордум.

Дьиэ кытыытын хаарынан бүрүйүү, тэлгэһэ хаарын күрдьүү, эт, муус, мас хаһааныыта - хас биирдии тыа ыалын олоҕо-дьаһаҕа буолар.

Дьиэ кэргэни, дьиэ үлэтин эр киһи хаһан да болҕомтото суох хаалларыа суохтаах. Хайдах да түгэҥҥэ быыс булан күннээҕи дьиэ үлэтин толорорго кыһаллыахтаахпыт. Аҕа үтүө холобурунан үүнэр көлүөнэни үлэҕэ, үтүөҕэ, сүрэхтээх буоларга иитэбит.

Үлэ — дьол аргыһа.

#ГодДетства
#ГодСемьи
#ГодЕдинения

t.iss.one/ValeriNikolaev
👍67👏65🎉1