Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Сарсын, ыам ыйын 25 күнүгэр Бүлүү эбэбит күнүн бэлиэтиибит.

Бүгүн бэлиэ күн иннигэр Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын уонна тэрилтэлэр үлэһиттэрэ МБУ ДО «Детский технопарк» оҥорбут “День реки Вилюй” бырайыагар кыттыыны ыллыбыт.

Бырайыак "Целевой фонд будущих поколений" ыытар өрөспүүбүлүкэтээҕи "ЭкоШаг" үүнэр көлүөнэни экологическай иитиигэ бырайыактар күрэхтэрин кыайыылааҕа.

Бүлүү эҥээр улуустар олохтоохторугар айылҕаҕа убаастабыллаах сыһыаны  иҥэриигэ, Бүлүү эбэбитин харыстыырга ананан оҥоһуллубут бырайыак.

Күндү Бүлүү өрүс уутун иһэн олорор улуустар, Акцияҕа кыттыһан Бүлүү эбэбитин харыстааһыҥҥа тэрээһиннэри элбэтиэҕиҥ.

#Вилюй
#РекаВилюй
#ДеньРекиВилюй

t.iss.one/ValeriNikolaev
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Өссө биир Үөһээ Бүлүү улууһугар бэлиэ түгэн - Бүлүү өрүс биэрэгин бөҕөргөтүү үлэтин түмүгэ.

Үөһээ Бүлүүгэ өрүс биэрэгэ кэлиҥҥи сылларга түргэнник сиҥнэн, уонтан тахса дьиэҕэ уонна хас даҕаны социальнай хабааннаах эбийиэктэргэ кутталы үөскэтэр туруктаммытынан сибээстээн, РФ Айылҕа ресурсаларыгар министиэристибэтигэр, өрөспүүбүлүкэ сайаапканы түһэрбитин түмүгэр, сөптөөх үп көрүллэн 2022 сылтан үлэ саҕаламмыта.

Бүгүн, балаҕан ыйын 26 күнүгэр, биэрэги бөҕөргөтүү үлэтин түмүктүүр, саҥа кэҥээбит биэрэккэ Алгыс түһэрэр сиэрэ-туома ыытылынна.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов, уу хаһаайыстыбатын, халаан уутун көрөр-истэр дирекция бэрэстэбиитэлэ Николай Соловьев мустубут дьону, биэрэги бөҕөргөтүү үлэтин ыыппыт үлэһиттэри үөрүүлээх түгэнинэн эҕэрдэлээтилэр.

Үс сыллаах Бүлүү эбэ биэрэгин бөҕөргөтүү үлэтин түмүгэр биэрэк уопсайа 31 м. кэҥээтэ.
Бүлүү эбэбит биэрэгэ бөҕө туруктаах, үйэлээх буоллун.

#Вилюй
#Берегоукрепление
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтиттэн Хоро нэһилиэгин биэрэгэр тиийэр өрүс кыһыҥҥы суолун бэлэмнээһин үлэтэ бара турар.

Мууһу халыҥатар үлэ алтынньы ый 28 күнүттэн саҕаламмыта. Күн аайы мууһу халыҥатар сыалтан уу кутуллан, муус халыҥаан эрэрин туһунан үлэҕэ эппиэтинэстээх МАУ "ОАЗИС" тэрилтэ иһитиннэрдэ.

Бүгүн миэстэтигэр тахсан үлэ хайдах бара турарын билистибит. Бүгүҥҥү туругунан муус 30 см халыҥаабыт. Өрүс суолун халыҥатар үлэ сэтинньи 10-с күнүгэр диэри былааннанар.

Этэҥҥэ буоллаҕына сэтинньи 11-с күнүттэн кыһыҥҥы өрүс суолун арыйарга бэлэмнэнэбит.

#Автозимник
#Вилюй
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүлүү өрүс кыһыҥҥы суола сарсын, сэтинньи 12 күнүттэн, сарсыарда 08:00 чаастан 4 тоннаҕа диэри массыыналарга арыллар.

Мууһу халыҥатар үлэ хаһааҥҥытааҕар да эрдэ, алтынньы ый 28 күнүттэн саҕаламмытынан сибээстээн, өрүс суола эмиэ графиктар эрдэ арыллар буолла.

Бүгүн миэстэтигэр тахсан муус халыҥын Суол-иис фондатын, ОАЗИС, ГИБДД, быһыыр сулууспа "ГИМС МЧС России по РС(Я)" исписэлиистэрэ бэрибиэркэлээтилэр.

Муус халыҥа бүгүҥҥү туругунан 32-45 см тэҥнэспит.

Сарсын сарсыарда 08:00 чаастан 4 тоннаҕа диэри массыыналарга өрүс суола арыллара бигэргэннэ.


#Автозимник
#Вилюй
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev