Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.31K photos
247 videos
652 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
"Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтатыгар араас кэмҥэ үлэлээн-хамсаан ааспыт, ону сэргэ билигин улуус сайдыытыгар бэриниилээхтик үлэлии сылдьар аҕам саастаах муниципальнай сулууспа бэтэрээннэрин кытта көрүстүм.

Улууспут сайдыытыгар өр кэмнэргэ эҥкилэ суох таһаарыылаахтык үлэлээбит муниципальнай сулууспа бэтэрээннэрин бүгүҥҥү мунньахха маанылаан ыҥыран күндү дьоммутугар ис сүрэхтэн тахсар эҕэрдэ, махтал тыллар бастыҥын анаатыбыт.

Кэпсэтиигэ билигин бара турар уонна инники былааннанар үлэлэри сырдаттым. Төгүрүк остуол тула истиҥник кэпсэтэн, санаа үллэстэн, аҕам саастаах дьонум сүбэлэрин истэн олус сэргэх мунньах тэрилиннэ.

Мунньах түмүгэр бэтэрээннэргэ өйдөбүнньүк бэлэҕи, "Төрүт ас" Үөһээ Бүлүү улууһун үүт ас бородууксуйатын бэлэх туттардыбыт.

Өр сыллаах сыралаах үлэлэригэр махтанан туран баҕарабын эһиэхэ чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьолу-соргуну.

#ВетераныМуниципальнойСлужбы
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev