Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.35K photos
247 videos
661 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Үөһээ Бүлүү улууһун электростанция үлэһиттэрин кытта бастакы үлэ көрсүһүүтүн чэрчитинэн мустан күннээҕи үлэ кыһалҕаларын ырыттыбыт.

Уот үлэһиттэрин сыраларынан улууспут уота-күүһэ тохтоло суох сандаарар. Тахсыбыт саахаллары кэмигэр оҥорон, улуус олохтоохторо өрүү уоттаах буоларбытыгар кыһаллаллар.

Эппиэтинэстээх, элбэх күүһү эрэйэр үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабын уонна инникитин көрсүһүүгэ киирбит этиилэргэ бииргэ үлэлээн Үөһээ Бүлүүбүтүн өссө сайыннарарга, сырдатарга дьулуһуоҕуҥ.

#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ВерхневилюйскийРЭС

t.iss.one/ValeriNikolaev