Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.26K subscribers
1.31K photos
247 videos
652 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Бүгүн, бэс ыйын 23 күнүгэр ТҮМЭР БАРААХАП СОПХУОС! өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска киэҥник биллибит Исиидэр Бараахап аатынан сопхуос төһүү үлэһиттэригэр аналлаах Нам, Балаҕаннаах, Ороһу нэһилиэктэрин холбоһуктаах Үрүҥ Тунах ыһыаҕа совхоз киинэ буолан турбут Нам нэһилиэгин "Обуоһа" алааһар арылынна.

Туруу үлэһит дьонноох, элбэх ситиһиилээх Бараахап совхоз үбүлүөйүн бэлиэтиир ыһыахха урукку кэмнэргэ совхозка үлэлээбит, эдэр саастарын атаарбыт дьоммут мустаннар үөрүүлэрин үллэстэр үтүө күннэрэ тосхойдо.

Улуус дьаһалтатын аатыттан Махтал суруктары, Бочуот Грамоталары Бараахап совхозка араас сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбит дьоннорго туттардыбыт.

Балаҕаннаах, Нам, Ороһу нэһилиэктэрин бар дьонун Үрүҥ тунах ыһыаҕынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Өрүү үлэҕэ ситиһиилээх, тус олоххутугар дьоллоох буолун!

#Нам
#Балаҕаннаах
#Ороһу
#ҮөһээБүлүү
#Ыһыах

t.iss.one/ValeriNikolaev