Үөһээ Бүлүү улууһа Улуу Кыайыы 79 сылын уруйдуу-айхаллыы көрсөр.
Бүгүн оскуола үөрэнээччилэрэ кыттыылаах байыаннай Парад ыытылынна.
Эдэр ыччат Аҕа Дойду сэриитин, Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар сүгүрүйэн байыаннайдыы хааман, Кыайыы Знамятын өрө көтөҕөн киирдилэр.
Сыл ахсын Кыайыыга анаммыт тэрээһиннэри үрдүк таһымнаахтык ыытаммыт, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ Улуу Кыайыы салгынын, Аҕа Дойду сэриитин алдьархайын тиэрдэбит, эдэр ыччатка Аҕа Дойдуга тапталы иҥэрэбит.
Ыам ыйын 9 күнүгэр сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран, кыайыыны уһаансыбыт көлүөнэҕэ махтанабыт!
1941-1945 сс. ТЫЫННААХТАР УМНУБАТ СЫЛЛАРА!
#КимДаУмнуллубатТуохДаУмнуллубат
#ҮөһээБүлүү
#КыайыыКүнэ
t.iss.one/ValeriNikolaev

Кутурҕан сурах.
Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, бөдөҥ партийнай-хаһаайыстыбаннай салайааччы, судаарыстыбаннай- уопсастыбаннай диэйэтэл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ профүөрэхтээһинин, Россия ниэбин-гааһын комплексын бочуоттаах үлэһитэ, философия билимин дуоктара, бэрэпиэссэр, спортсмен, айааччы, дэгиттэр талааннаах Сургуулук чаҕылхай уола, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, ытыктабыллаах Лазарь Степанович орто дойдуттан 85 сааһыгар туораата.
Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай — экэнэмиичэскэй сайдыытыгар улахан умнуллубат кылааты оҥорбута. Саха Сирин бырамыысыланнаһыгар үгүс өрүттээх кэскиллээх үлэни ыыппыта.
Кини Саха сирин дьонун-сэргэтин олоҕун-дьаһаҕын чэпчэтиигэ, өрөспүүбүлүкэ ниэптээх-гаастаах сирдэрин арыйыыга, туһаҕа таһаарыыга, сир үрдүгэр эйэни бөҕөргөтүүгэ туһуламмыт үлэтигэр сүгүрүйэбит.
ЛАЗАРЬ СТЕПАНОВИЧ чахчы дойдутугар истиҥ тапталлаах, бэриниилээх Патриот киһи. Саха Сирин инникитин, кэскилин, ыччатын туһугар тиһэх күнүгэр диэри кыһаллара.
Кини эппит сүбэлэрин, үллэстибит санааларын сүрэхпитигэр мэлдьи илдьэ сылдьыахпыт!
Дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин Лазарь Степанович кэргэнигэр Лидия Алексеевнаҕа, оҕолоругар, сиэннэригэр, чугас дьонугар.
Быдан дьылларга быраһаай, ытык киһибит Лазарь Степанович!
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев

Бүгүн, Кыайыы күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар икки оҕо күн сирин көрдө!
Ыам ыйын 9 күнүгэр сарсыарда 07 чаас 37 мүнүүтэҕэ 3 киилэ 490 грамм ыйааһыннаах, 53 сантымыатыр уһуннаах кыыс оҕо төрөөтө.
Күнүс 13 чаас 17 мүнүүтэҕэ 4 киилэ 95 грамм ыйааһыннаах, 56 сантымыатыр уһуннаах уол оҕо күн сирин көрдө.
Саҥа күн сирин көрбүт кырачаан Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторугар чэгиэн доруобуйаны, чаҕылхай олоҕу, өрүү кыайыы кынаттаах буолууну баҕарабыт.
#СаҥаОлох

Улуу Кыайыы 79-с сылыгар анаммыт Кыайыы параадыгар 9000 киһи, 75 техника уонна авиация кыттыыны ылла.
Параады билиҥҥи кэм геройдара, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара арыйбыттара.
Кинилэр быыстарыгар биһиги биир дойдулаахпыт, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Алексей Тарасов кыттыыны ылла.
Алексей Үөһээ Бүлүү улууһун, Сургуулук нэһилиэгиттэн төрүттээх.
Параадка 150-с Гвардейскай дивизия, 68-с «Железный» полк аатыттан кытынна.
Кинилэр кыайыыга күүстээх дьаныардарын иһин, хаһан да бэриммэккэ иннин диэки кыайардыы кимэн киирэр күүстэх куттаахтарын иһин полктарын «Железный» диэн укронацистар ааттаабыттар.
150-с дивизия саллааттара герой эһээлэрин туйахтарын хатараллар. Бары билэрбит курдук, лейтенант А.П. Берест, сержант М.А. Егоров уонна младший сержант М.В. Кантария 150-с стрелковай дивизия штурмовой былааҕын Кыайыы Знамята гынан Рейхстаг үрдүгэр иилбиттэрэ.
#ПарадПобеды
#КраснаяПлощадь
#9мая
#ДеньПобеды

Ыам ыйын 9 күнүгэр, АГАТУ ипподромугар сезону арыйар Геройдар бириистэригэр бастакы ат сүүрдүүтэ ыытылынна.
Ат сүүрдүүтүгэр 11 улуус хамаандата кытынна. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү, Амма, Чурапчы, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Горнай, Сунтаар, Уус Алдан, Ньурба, Таатта улууһуттан аттара сүүрдүлэр.
40-ча сүүрүүк ат 6 дистанцияҕа күөн күрэхтэстилэр.
Үөһээ Бүлүү сүүрүүк аттара күрэхтэһиигэ ситиһиилээхтик кытыннылар. Сүүрүүк аттары Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт Андрей Иннокентьевич Неустроев иитэр, көрөр, эрчийэр.
Андрей Иннокентьевич уопуттаах билиитинэн, эрчийиитинэн аттарбыт бириистээх миэстэҕэ тигистилэр.
🏇1600 м дистанцияҕа, 3 саастаах, Саха Сиригэр төрөөбүт аттарга
🥈 2-с миэстэни ылла Батл Мэн, 1.51'5 көрдөрүүлээх.
🏇2400 м дистанцияҕа, 4 саастаах, Саха Сиригэр төрөөбүт аттарга
🥈 2-с миэстэни ылла Нумизматик, 2.49'2 көрдөрүүлэх.
🏇1600 м дистанцияҕа, 4 саастаах, ЧВП (Чистокровная верховая порода) аттарга 4-с бириистээх миэстэҕэ тигистэ Бумеранг, 1.48'8 көрдөрүүлээх.
🏇1400 м дистанцияҕа, 4 саастаах, ЧВП (Чистокровная верховая порода) аттарга
🥈 2-с миэстэни ылла Квит, 1.31'9 көрдөрүүлээх.
Быйылгы сезону Үөһээ Бүлүүбүт сүүрүк аттара ситиһиилээхтик саҕалаатылар.
Андрей Иннокентьевиһы үрдүк көрдөрүүгүтүнэн эҕэрдэлиибит, өссө элбэх кыайыылары, үрдэллэри баҕарабыт!
#КонныеСкачки
#КонныйСпорт
#Верхневилюйск

Бу саас Андрей Иннокентьевичка сылдьан сүүрүк аттарбытын кытта билсибитим.
Баттл Мэн, Бумеранг, Квит, Нумезматик өрөспүүбүлүкэтээҕи сүүрүүлэр призердара.
2024 сыл сезонун түөрт сүүрүк аттарбыт ситиһиилээхтик саҕалаатылар. Инники аттарбытын улахан өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэр кэтэһэллэр.
Ситиһиилээх эрчиллиини, саҥа кыайыылары баҕарабыт!
#КонныйСпорт
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Баттл Мэн, Бумеранг, Квит, Нумезматик өрөспүүбүлүкэтээҕи сүүрүүлэр призердара.
2024 сыл сезонун түөрт сүүрүк аттарбыт ситиһиилээхтик саҕалаатылар. Инники аттарбытын улахан өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэр кэтэһэллэр.
Ситиһиилээх эрчиллиини, саҥа кыайыылары баҕарабыт!
#КонныйСпорт
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн Үөһээ Бүлүү улууһугар Өрөгөй күнэ!
Биир дойдулаахтарбыт, Үөһээ Бүлүү улууһун 2 спортсмена Айаал Лазарев уонна Сардана Трофимова Париж куоракка ыытыллар сайыҥҥы Олимпийскай оонньууларга путевка ыллылар.
Айаал Лазарев Аан дойдутааҕы турнирга полуфиналга Венгрия тустуугун Даниэл Лигеттыны 2:12 суотунан кыайан Олимпиадаҕа кыттар кыаҕы биэрэр путевканы сүүйдэ.
Ону таһынан, Кыргызстан өрөспүүбүлүкэтин легкай атлетика федерацията бастыҥ сүүрүккэ диэн Олимпийскай квотаннан путевканы биһиги кыыспытыгар Сардана Трофимоваҕа туттарда.
Сардана Трофимова тренерын Татьяна Юрьевна Жиркованы өр ситиспит Олимпийскай путевканы ылбыккытынан эҕэрдэлиибин.
Айаал Лазарев уонна Сардана Трофимова Тамалакаан нэһилиэгиттэн иккиэн төрүттээхтэр. Тамалакаан нэһилиэгин олохтоохторун оҕолоргут ситиһиилэринэн, өрөгөй күнүнэн эҕэрдэлиибин.
Спортсменнарбытыгар, Айаал Лазаревка, Сардана Трофимоваҕа баҕарабыт үрдүк көрдөрүүлээх Олимпийскай оонньуулары!
Дойдугут дьоно, Үөһээ Бүлүүлэр киэн туттабыт!
Иннигит хоту Олимпийскай чыпчаалга!
#СарданаТрофимова
#АйаалЛазарев
#Олимпиада2024