Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.49K photos
264 videos
1 file
792 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Эдэр ыччаттар десаннара түмүктэннэ.
"Ураан" эдэр ыччат түмсүүтэ "Движение Путина" диэн ыччат волонтерскай хамсааһынын чэрчитинэн Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн, анал байыаннай дьайыы буойуттарын дьонноругар, Аҕа дойду сэриитин кырдьаҕастарыгар көмөлөһөн, үлэлээн бардылар. Ыччаттары Үөдүгэй, Харбалаах, Тамалакаан, Мэйик, Кэнтик, Дүллүкү, Ороһу, Нам нэһилиэктэрэ ыҥыран, волонтёрскай хамсааһыны тэрийдилэр.

Кэскилбит - ыччаппытыгар. Онон бу маннык көхтөөх, сайаҕас, эйэҕэс, Патриот ыччаттардаах буоламмыт Дойдубут инникилээх, кэскиллээх, сайдыылаах!

Өрөспүүбүлүкэ үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларыгар Үөһээ Бүлүү улууһун аатыттан, маннык үтүө ыччаттары иитэ, үөрэтэ сылдьаргытыгар махталбытын тиэрдэбит. Инникитин да маннык чаҕылхай буолун!

#МолодежноеДвижение
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev
😍
Сургуулук нэһилиэгин олохтоохторун кытта бастакы үлэ көрсүһүүтүн ыыттыбыт.

Олохтоохтору кытта көрсүһүүгэ кыттыыны ылаллар:
- Улуус мунньаҕын бэрэсэдээтэлэ Николаев Н.Н.
- Улуус мунньаҕын депутата Архипов Н.Д
- Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба дириэктэрэ Гаврильев А.К.
- Социальнай харысхал исписэлииһэ Боескорова Т.Д.
- Тыа хаһаайыстыбатын салайааччытын солбуйааччы Деллохов П.В.

Араас хайысхаҕа баар кыһалҕалары ырытар, тыын боппуруостары быһаарар, олохтоохтор санааларын, баҕаларын истэр, ыйытыыларыгар хоруйдуур сыаллаах бүгүн Сургуулук, Боотулуу нэһилиэктэригэр үлэ көрсүһүүтүн ыытабыт.

Үлэбитин ааспыт нэдиэлэҕэ Дүллүкү, Хомустаах, Кырыкый нэһилэктэриттэн саҕалаабыппыт. Көрсүһүүлэргэ киирбит этиилэри болҕомтоҕо ылан, былааҥҥа киллэрэммит үлэлиэхпит. Тыа сирэ сайдыытыгар олохтоохтор көхтөөх кыттыыгытынан бэйэҕит укулааккытын киллэрин, санааҕытын үллэстин.

Биир толкуйга, Үөһээ Бүлүү сайдарын туһугар түмсүөҕүҥ диэн ыҥырабын!

#Рабочаяпоездка
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Биир дойдулаахпыт Мария Васильевна Турантаева СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистэрин бастакы солбуйааччытын дуоһунаһыгар ананна.

Мария Турантаева Москубатааҕы потребительскай кооперация университетыгар «Экономист, финансы и кредит» диэн идэни ылбыта. Ону таһынан социальнай сыһыан уонна үлэ Академиятыгар «Юриспруденция» идэтигэр үөрэммитэ.
Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университетка «Народная художественная культура» диэн идэни үөрэнэн бүтэрбитэ.

Мария Васильевна бэйэтин үлэтин суолун Дьокуускайдааҕы торгово-экономическай колледжка преподавателинан саҕалаабыта. Ол кэннэ Дьокускайдааҕы экономико-правовой институтка преподавательлаабыта. Ону таһынан, Саха академическай тыйаатырга юристаабыта.

2012 сыллаахха Мария Васильевна Олоҥхо тыйаатырыгар исполнительнай дириэктэринэн анаммыта. 2013 сылга Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрин солбуйааччытынан киирбитэ. 
2021 сылтан СӨ Олоҥхо тыйаатырын салайааччытынан үлэлээбитэ.

Мария Васильевнаҕа эппиэтинэстээх, элбэх сыраны эрэйэр үрдүк сололоох дуоһунаска киирбитинэн эҕэрдэбин ыытабын. Эн үлэҥ ситиһиилэрэ үрдүктүк сыаналанан үлэн суолугар саҥа аартыктар арыллаллар.
Инники үлэҕэр чаҕылхай кыайыылары, үрдүк дабайыылары, сайдыыны баҕарабын.

#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev
Провел совещание с руководством Правительства и Администрации Главы и Правительства республики по исполнению Послания Президента России Владимира Владимировича Путина к Федеральному Собранию. Послание Президента России — это масштабная программа развития страны на ближайшие годы, которая позволит сделать нашу страну еще сильнее и мощнее. Все поручения, озвученные Владимиром Владимировичем, необходимо оперативно взять в работу.

▫️ В стране стартуют пять новых нацпроектов - «Семья», «Кадры», «Молодежь России», «Продолжительная и активная жизнь» и «Экономика данных». Республика уже имеет богатый положительный опыт практически по каждому из этих новых направлений. Поручил Правительству незамедлительно начать работу с федеральными органами власти по включению наших объектов и мероприятий в новые нацпроекты.
▫️ Президент обозначил приоритетные задачи, направленные на социальное благополучие населения. Они созвучны принятым в республике решениям о двукратном снижении уровня бедности, поддержке многодетных семей, материнства и детства, укреплении общественного здоровья. Правительству поручено внести предложения на федеральный уровень, в том числе синхронизировать региональную программу снижения уровня бедности с федеральными приоритетами.
▫️ Особое внимание правительством будет уделено газификации населенных пунктов Якутии, отдельно обозначенных Президентом страны. Напрямую обеспечение теплом коснется и жителей отдалённых территорий, где в ближайшие годы не будет сетевого газа. Поручил правительству подготовить предложения по субсидированию приобретения населением отопительного оборудования местного производства, в первую очередь, твердотопливных котлов.
▫️Большое внимание должно быть уделено дальнейшей реализации капитального ремонта школ. Такая же программа появится и по детским садам. Поручил подготовить все необходимые документы по ремонту объектов.
▫️С 2025 года будет запущена программа «Земский работник культуры». У нас в республике строится много объектов культуры, есть потребность в кадрах. Поэтому это очень важная для Якутии программа. Поручил оценить потребность республики и подавать соответствующие заявки.
▫️По поручению Президента в регионах, прежде всего в малых городах, в сельских территориях, будет построено дополнительно не менее 350 спортивных объектов. Правительству поручено провести актуализацию потребности в спортивных объектах и заблаговременно оформить заявки на участие.
▫️Большой блок посвящен развитию транспортной инфраструктуры. Необходимо подготовить необходимую документацию для участия в программах господдержки модернизации региональных дорог и аэропортов.
▫️Будет сформирован шестилетний перспективный финансовый план развития страны. Поручил Правительству Якутии начать работу по формированию ресурсного обеспечения для планов развития республики до 2030 года.

Работа предстоит большая. Правительству республики необходимо определить приоритеты работы в соответствии с содержанием Послания Президента РФ, провести подготовительную работу на региональном уровне, чтобы все интересы нашей республики были учтены.

t.iss.one/aisen_nikolaev
😍
Бүгүҥҥү үлэ көрсүһүүлэрин Боотулуу нэһилиэгинэн түмүктээтибит.
Боотулуу олохтоохторо култуура киинигэр кэлэн бэйэлэрин санааларын үллэстэн, этиилэрин киллэрэн, көрсүһүүгэ көхтөөхтүк кытыннылар.

Быыбар иннинээҥҥи агитация көрсүһүүтүгэр киирбит ыйытыылар иһилиннилэр. Ол курдук, нэһилиэккэ заправка суоҕун кыһалҕатын, уот кыамтатын мөлтөҕүн, ититии ситимигэр холбонооһуну, тыа хаһаайыстыбатын кыһалҕаларын, мелиорация үлэтин, фермердары өйөөһүн туһунан ыйытыылары, этиилэри көтөхтүлэр.

Ону таһынан, тутулла турар саҥа оскуола хаһан үлэтэ түмүктэнэн үлэҕэ киирэрин кэтэһэллэрин биллэрдилэр.

Сүрүн тыын кыһалҕалара гааз киирээһинэ. Бэлиэтээн этэр буоллахха, өрүс уҥуоргу нэһилиэктэр газтанааһыннарыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата улахан болҕомто уурар. Бу хайысхаҕа бүгүн улахан хардыылар оҥоһулуннулар.


#ИннибитХотуБарыБииргэ
#Боотулуу

t.iss.one/ValeriNikolaev
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Ил Дархан Айсен Сергеевич Саха Сирин хас биирдии олохтооҕо олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар сыаллаан оҥорбут АО "Сахатранснефтегаз" акционернай уопсастыба сайдыытын Стратегиятыгар газ хостооһунун сайыннаран, нэһилиэктэри газтааһыҥҥа сүрүн соруктары туруорбута. Ол соруктар чэрчилэринэн Орто түҥнээҕи газоконденсаты хостуур сири сайыннарыы туһунан АО "Сахатранснефтегаз" ПАО "Газпрому" кытта бүгүн мунньах ыыттылар. Мунньах түмүгэр экспертнай бөлөх чэлиэттэрэ технико-экономическай обоснованияны үрдүктүк сыаналаан биһирээтилэр.

Бу ситиһии АО "Сахатранснефтегаз" коллективын, ПАО "Газпром" исписэлиистэрин уонна ыҥырыылаах экспертар сылтан ордук сыралаах үлэлэрин түмүгэ буолар.

Газ хостооһунугар, нэһилиэктэри газтааһыҥҥа улахан инникигэ хардыы оҥоһулунна диэтэхпитинэ сыыспаппыт. Саҥа газопроводтары тутан, Бүлүү өрүс нөҥүө сытар нэһилиэктэри газтыыр кыахтанныбыт.

Бэлиэтиир буоллахха, 2022 сылтан 2023 сылга диэри Үөһээ Бүлүү улууһугар 212 дьиэҕэ социальнай газтааһын чэрчитинэн гааһынан ититии киирбитэ. Онтон 2024 сылга өссө эбии 24 ыал дьиэтэ газтанара былааннанар.

АО "Сахатранснефтегаз" уонна ПАО "Газпром" коллективтарыгар Саха Сирэ сайдыытыгар, нэһилиэктэр газтаналларыгар улахан болҕомто уураргытыгар махталбын тиэрдэбин.

Чуолаан биир дойдулаахпытыгар СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэсэдээтэлин бастакы солбуйааччытыгар Джулустан Анатольевич Борисовка, АО "Сахатранснефтегаз" генеральнай дириэктэригэр Алексей Засимович Колодезниковка өйөбүлгүт көмөҕүт иһин истиҥник махтанабыт.

#ГазификацияЛевогоБерега
#ИннибитХотуБарыБииргэ
#Газпром
#Сахатранснефтегаз

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүҥҥү үлэ көрсүһүүлэрэ Маҥаас нэһилиэгиттэн саҕаланнылар.

#ИннибитХотуБарыБииргэ
#Маҥаас

t.iss.one/ValeriNikolaev
Өр сылларга быһаарыллыбакка сылдьыбыт Чечня сэриитин бэтэрээннэрин бырааптарын чөлүгэр түһэрэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын отчуотугар туруорсан, бүгүн СӨ тутууга министиэрстибэтиттэн үөрүүлээх сонуну туттубут.

Бырабыыталыстыба хамыыһыйатын мунньаҕын түмүгэр, Далыр нэһилиэгиттэн төрүттээх икки хорсун буойун ини биилэр Осипов Михаил Михайлович, Осипов Егор Михайлович уонна Мэйик нэһилиэгиттэн төрүттээх Иванов Дмитрий Михайлович сокуон быһыытынан, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ буолалларын туоһулаан, бырааптарын туруорсан, "Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин дьиэннэн хааччыйыы" бырагыраамма чэрчитинэн дьиэ ылалларын ситистибит.

Бу ситиһиибит Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын кытта түмсүүлээх үлэбит түмүгэ буолар. Махтанабыт, биһиги уолаттарбыт кыһалҕаларыгар болҕомтоҕутун ууран, кырдьыктааҕы ситиһэн, буойуттар бырааптарын чөлүгэр түһэрэргэ төһүү күүс буолбуккутугар.

Уолаттарбытыгар саҥа дьиэ ылары ситиспиккитинэн истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин!

#восстановлениеПравВетеранаБоевыхДействий
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev
🌹Үөһээ Бүлүү улууһун Кэрэ куолара, Далбар Хотуттара!🌹

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын аатыттан сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан, Аан дойду дьахталларын күннүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Орто дойдуга кэлэр олоҕу бэлэхтиир, дьиэ кэргэн тутулун, алаһа дьиэ сылааһын харыстыыр, дьолу түстүүр аналлаах аанньал тэҥэ дьоммутугар, бу сааскы сылаас күн эһиэхэ эрэ ананар, үрүҥ күммүт эһиэхэ эрэ тыгар.

Эбээлэргэ, ийэлэргэ, кэргэннэргэ, эдьиийдэргэ, балыстарга, кыргыттарга күн аайы бу орто дойдуга сылааһы, сырдыгы, кэрэни бэлэхтииргитигэр истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

Саха сирин дьахталлара алаһа дьиэ далбар хотуттара эрэ буолбакка, бүгүҥҥү күҥҥэ дойду сайдарыгар быһаччы уонна көхтөөхтүк кытталлар.

Үөһээ Бүлүү улууһун кэрэ аҥаардара бэйэлэрин уһулуччу кыахтарынан, күүстээх дьулуурдарынан, көхтөрүнэн бары эйгэҕэ, хайысхаҕа элбэҕи ситиһэллэринэн киэн туттабыт.

Баҕарабын эһиэхэ алаһа дьиэ сылааһын, бары саҕалааһыннаргытыгар ситиһиилэри, чугас уонна күндү дьоҥҥут истиҥ сыһыанын, дьолу-соргуну! Таптаан уонна тапталлаах буолун!

Үөһээ Бүлүү улууһун Баһылыга Николаев Валерий Валерьевич.

t.iss.one/ValeriNikolaev
Нэдиэлэ үлэтин Балаҕаннаах, Ороһу, Нам нэһилиэктэригэр олохтоохтору кытта көрсүһүүттэн саҕалаатыбыт.

Көрсүһүүгэ улуус сайдыытыгар үлэм саҕаланыаҕыттан туох хардыылар оҥоһуллубуттарын, инники былааннарбытын билиһиннэрдибит.

Ол курдук, хаарбах оскуолаларга экспертиза оҥоһуллар үлэтин, суол тутууларыгар, өрөмүөннээһиҥҥэ үп көрүллүбүтүн, спорт, култуура дьиэлэрэ тутууларыгар проектнай үлэлэр ситиһиилээхтик оҥоһулла туралларын кэпсээтибит.
Билигин Дойдубут Президиэнэ Владимир Путин биллэрбит национальнай бырайыактара үлэҕэ киирдэхтэринэ сайдыыга өссө элбэх кыахтанабыт.

Көрсүһүүгэ нэһилиэнньэттэн араас хайысхаҕа ыйытыылар киирдилэр, олохтоохтор бэйэлэрин этиилэрин туруорустулар. Киирбит этиилэри болҕомтоҕо ылан сайдыы туһугар үлэ бара турар.

Үлэ көрсүһүүлэрэ салҕаналлар.

#РабочиеПоездки
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev