Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.49K photos
264 videos
1 file
792 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Туобуйа, Быракаан, Өргүөт нэһилиэктэригэр олохтоох нэһилиэнньэни кытта көрүстүбүт.

Нэһилиэктэр аайы элбэх дьон - сэргэ кэлэн, көхтөөхтүк кытыннылар. Улууска бара турар үлэ - хамнас туһунан сэргээн иһиттилэр, улуус инники сайдыытыгар, үлэҕэ хамнаска сыһыаннаах хайысхаларга элбэх ыйытыылар киирдилэр. Туруорсуу бэрээдэгинэн санааларын этиннилэр.

2024 сыл Түмсүү сылынан биллэриллибитэ. Онон үлэҕэ - хамнаска түмсэн, буолаары турар, дьон - сэргэ олоҕор олус суолталаах Арассыыйа Президиэнин талар быыбарга көхтөөхтүк кыттын диэн ыҥырдым.

Нэһиликтэр буолаары турар быыбарга Путин Владимир Владимирович кандидатуратын  өйүүллэрин биллэрдилэр.

#РабочиеПоездки
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үлэ көрсүһүүлэригэр бастатан туран, олохтоохтор кыһалҕаларын миэстэтигэр көрөн, билэн болҕомтоҕо ылабыт. Маннык түгэннэргэ, нэһилиэк олохтоохторун кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэр, истэр, хайдах үлэ бара турарын дьон-норуот иннигэр сиһилии сырдатар улуус салалтата уонна нэһилиэнньэ чугастык алтыһарыгар көмө буолар.

Ол курдук бүгүн:
Дойду Президиэнин Владимир Путин Саха Сиригэр итэҕэллээх сирэйэ, "Сахафильм" генеральнай дириэктэрэ Егоров Алексей Алексеевич;
Улуус Баһылыгын социальнай хайысхаҕа солбуйааччыта Уларова Анна Михайловна;
Улуус мунньаҕын бэрэсэдээтэлэ Николаев Николай Николаевич кыттыылаах Харбалаах, Тамалакаан нэһилиэктэригэр үлэ көрсүһүүлэрин тэрийдибит.

Улуус депутаттарын сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Николаев Н.Н. буолаары турар быыбарга биир санааннан Дойду Президиэнин тула бу балысханнаах кэмҥэ түмсүөххэ диэн ыҥырда.

Улуус Баһылыгын солбуйааччы Анна Михайловна социальнай эйгэҕэ баар тыын боппуруостары сырдатта, үлэтин былаанын билиһиннэрдэ.

Олохтоохтор оскуолаҕа учууталлар тиийбэттэрин, кадр боппуруоһун, саҥа кэлии исписэлиистэри толору усулуобуйалаах дьиэннэн хааччыйары туруорустулар. Итиэннэ Дойду Президиэнэ биллэрбит "Кадры" диэн национальнай бырайыак чэрчитинэн бу кыһалҕалары быһаарарга үлэлэһэргэ сыаллаахпытын этиннибит. 

Алексей Егоров бэйэтин иһитиннэриитигэр Владимир Путин чахчы Дойду сайдарыгар туһалаах бырагырааммалары, бырайыактары үлэлэтэрин уонна Президиэммит салайан олорор кэмигэр дойдубутугар төһө улахан сайдыы барбытын бэлиэтээтэ. Буолаары турар быыбарга Үөһээ Бүлүүлэр түмсүүлээхтик Владимир Путиҥҥа үрдүк көрдөрүүлээх куолаһы биэрэрбитигэр ыҥырда!

Үлэ көрсүһүүлэрэ салҕаналлар.

#РабочиеПоездки
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev
Олоҥхо дьиэтигэр култуура эйгэтин үлэһиттэрин кытта көрүстүбүт.

Култуура үлэһиттэрэ бэйэлэрин үөлээннээхтэрин Дойду Президиэнин Владимир Путин итэҕэллээх киһитин, "Сахафильм" дириэктэрин, СӨ култууратыгар биллэр-көстөр сулуһу Алексей Егоровы үөрэ көрүстүлэр, ыҥырыытын болҕойон иһиттилэр.

Дойду Президиэнэ Владимир Путинныын Москва куоракка итэҕэллээх дьон көрсүһүүтүгэр тиийэ сылдьан бэйэтин этиилэрин Президиэҥҥэ киллэрбитин туһунан кэпсээтэ. Ол курдук, Алексей Егоров туруорсубут этиитэ "Пушкин картатын" туһаныыга уларыйыылары, кэҥэтииини олоххо киллэрэри Владимир Путин болҕомтоҕо ылан Совет Федерации иннигэр туһаайан этиитигэр бэлиэтээбитин туһунан кэпсээтэ. Уонна чахчы Владимир Путин бары хайысхаҕа киирбит этиилэргэ бэйэтин болҕомтотун уурарын бэлиэтээтэ.

Ону таһынан араас омук биир санаанан салайтаран олохсуйан олорор дойдулаахпыт быһыытынан национальнай култуураны, омуктар төрүт тылларын харааннааһыҥҥа этии киллэрбит.

Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарыгар солбуйааччынан анаммыт Анна Михайловна Уларова эппиэтинэстээх кэмҥэ чугас дьоммут, оҕолорбут, сиэннэрбит инникилэрин санаан туран, дойдубут туһугар сөптөөх быһаарыныы ылынан, быыбарга көхтөөх кыттыыны ылыахха диэн ыҥырда.

Улуус Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев улууска күүскэ ыытыллыбыт үлэлэри санатан туран, "баһылыкпыт тула сомоҕолоһон үлэлээтэхпитинэ эбии үбүлээһин ылан сайдыахпыт, буолаары турар быыбарга мустаммыт, биир өйгө-санааҕа киирэн, Ил Дархан Айсен Николаевы өйүүрбүтүн биллэрэн, үрдүк көрдөрүүнү биэриэххэ", - диэн ыҥырда.

#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ВместеСПрезидентом

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүҥҥү үлэ күнүн олох-дьаһах, коммульнай хаһаайыстыба тэрилтэтин үлэһиттэрин кытта көрсүһүүттэн саҕалаатыбыт.

Тэрилтэ салайааччыта Гаврильев Альберт Константинович уонна тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта Гаврильев Кирилл Васильевич буолан улууска бара турар үлэлэри, инники былааннары сырдаттыбыт.

Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба тэрилтэтэ улууска элбэх тыын кыһалҕалары быһаарар, дьиэлэрбит сылааһын хааччыйар, элбэх эппиэтинэстээх, сыралаах үлэҕэ үлэлиир.

Кэпсэтии кэмигэр, үлэһиттэри кытта күннээҕи кыһалҕалары, үлэ боппуруостарын ырыттыбыт.

Түмүккэ, Үөһээ Бүлүү улууһун олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба тэрилтэтин бары үлэһиттэрэ буолаары турар быыбарга Дойду Президиэнин Владимир Путины биир санааннан, түмсүүлээхтик өйүүллэрин биллэрдилэр.

#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ЖКХрся

t.iss.one/ValeriNikolaev
Егоров Михаил Михайлович назначен на должность заместителя Главы по управлению делами и персоналом администрации муниципального района "Верхневилюйский улус (район)" Республикиа Саха (Якутия).

t.iss.one/ValeriNikolaev
Егоров Михаил Михайлович родился в с. Намцы Верхневилюйского района ЯАССР. в 2006 г. окончил Якутский колледж культуры и искусств, в 2012 г. Арктический государственный институт искусств и культуры.

2006-2006 гг. — методист Верхоянского центра традиционно национальной культуры

2006-2008 гг. — режиссер Майинского народного театра им. Д.Ф. Ходулова

2008-2013 гг. — старший администратор АУ РС (Я) «Саха академический театр им. П.А. Ойунского»

2015-2024 гг. — заместитель директора по зрителям АУ РС (Я) «Саха академический театр им. П.А. Ойунского»

t.iss.one/ValeriNikolaev
Уларова Анна Михайловна назначена на должность заместителя Главы по социальным вопросам и семейной политике муниципального района "Верхневилюйский улус (район)" Республикиа Саха (Якутия).

t.iss.one/ValeriNikolaev