Бүлүү куоратыгар ыытыллыбыт маҥнайгы Норуоттар икки ардыларынааҕы тимир уустарын бэстибээлигэр Үөһээ Бүлүү улууһун тимир уустара икки көрүҥҥэ бастакы миэстэни ыллылар!
Үөһээ Бүлүү улууһуттан күөн күрэхтэһиигэ 5 тимир ууһа: Хоро нэһилиэгиттэн - Тыымпы Ньургун Догдо уола, Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн Чаный Сырдыын Боло уола, Кэнтик нэһилиэгиттэн Афанасьев Анатолий Федорович, Тамалакаан нэһилиэгиттэн Стручков Станислав Спартакович, ону кытта Кэнтик нэһилиэгиттэн хамаанда салайааччыта Тумусов Егор Сысоевич кытыннылар.
3 күннээх күрэхтэһии түмүгэр уустарбыт 4 көрүҥтэн икки көрүҥҥэ кыайыылааҕынан таҕыстылар. "Чап Уустара" Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандата "Хоһуун уус" элбэх көрүҥнээх тимир оҥоһук, ону тэҥэ тимири уһаары номинацияларга бастакы миэстэни ылан хас биирдии кыайбыт көрүҥнэригэр 150.000 тыһ. солкуобай уу харчыннан наҕараадаланнылар.
Чап уустара өссө төгүл Саха Сиригэр, Дойду үрдүнэн бастыҥ тимир уустара буолалларын биллэрдилэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандатын, чулуу тимир уустарбытын үрдүк кыайыыгытынан эҕэрдэлиибин! Дьоҕургут өссө сайдан, оҥоһуктаргыт өссө тупсан истиннэр.
#ЧапУустара
#КузнечноеДело
#Кузнецы
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev

Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр - Максимовтарга атырдьах ыйын 6 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев ыалдьыттаабыта.
Ыал ийэтэ Вилена бэйэтин кыһалҕатын, кыһыны кыстыырыгар көрсүбүт ыарахаттарын, ититии систиэмэтэ саҥардыллыан наадатын туһунан үллэстибитэ.
Ил Дархан кыстыкка киириигэ дылы Максимовтарга ититии систиэмэтин саҥардарга сорудахтаабыта.
Айсен Сергеевич сорудаҕын толорон Максимовтар котельнайдарыгар ититии систематын саҥардыыга, газ оһох турбатын уларытыыга, итиини эргитэр насоһу уонна ууну ититэр бойлеры уларытыыга үлэ түмүктэннэ.
"Отопление үлэтин үс күн иһигэр оҥорон бүгүн бүтэрдилэр. Улахан барҕа махтал. Саамай улахан кыһалҕам быһаарыллынна, баҕа санаам толору туолла", - диэн махталын ыал ийэтэ Вилена Максимова үллэһиннэ.
Максимовтар дьиэ кэргэҥҥэ баҕарабыт бары үтүөнү, алаһа дьиэҕит сылаас буоллун уонна саамай сүрүнэ Аҕаҕыт, байыаспыт кыайыы кынаттаах этэҥҥэ эргиллэн дойдутугар, дьиэтигэр кэллин.
#СВОихНеБросаем
#ВерхневилюйскийУлус

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын үпкэ уонна экономикаҕа солбуйааччы Саргылаана Васильевна Алексеева уонна улуус култууратын департаменын салайааччыта Айталина Михайловна Мойтохонова Намнааҕы М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһын көрдүлэр, үлэтин-хамнаһын билистилэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун делегациятын Нам улууһун култуура салалтатын салайааччытын солбуйааччы Гоголев Андрей Прокопьевич көрсөн дьэрэкээн дьүһүннээх, аныгыы тутуулаах култуура дыбарыаһын дьиэтин көрдөрдө, тутуу ымпыгын-чымпыгын кэпсээтэ.
5000 тахса квадратнай миэтэрэ иэннээх, 3 этээстээх дьиэҕэ улуустааҕы загс, киин библиотека, норуот айымньытын дьиэтэ, оҕо модельнай библиотеката, галерея, история уонна этнография түмэлэ, 400 миэстэлээх кэнсиэртиир зал түмүллэн таһаарыылаахтык үлэлииллэр.
Култуура дыбарыаһын Алроса акционернай хампаанньыйа өйөбүлүнэн Кэлэр көлүөнэ пуондата 2022 сыллаахха тутан үлэҕэ киллэрбитэ.
Үөһээ Бүлүү улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Николаев сорудаҕынан Култуура Дыбарыаһын концепциятын оҥорууга Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска министиэристибэтин кытта кэккэ үлэ бара турар.
#ДворецКультуры

Кыргызтан өрөспүүбүлүкэтигэр Бишкек куоракка бастакы Аан дойдутааҕы Хапсаҕай чемпионатыгар Үөһээ Бүлүү бөҕөстөрө чемпионнаатылар!
57 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа финалга Үөһээ Бүлүүттэн Пантелеймон Николаев Өрөспүүбүлүкэ хапсаҕайга чемпионун Егор Находкины кыайан Аан дойду чемпионун үрдүк аатын ылла.
75 кииэлэҕэ диэри ыйааһыҥҥа финалга Үөһээ Бүлүүттэн Тимур Николаев Саха Сирин бөҕөһүн Иван Семенову кыайан Аан дойду хапсаҕайга чемпиона буолла.
Уолаттарбытын үрдүк кыайыыгытынан эҕэрдэлиибит! Үөһээ Бүлүү хапсаҕай дойдута буоларын Аан дойду көбүөрүгэр көрдөрөн кыайыыны ситиспиккитинэн киэн туттабыт!
#Хапсаҕай

Состояние лесных пожаров в Верхневилюйском улусе на 26 августа:
На сегодняшний день на территории Верхневилюйского улуса действует 4 лесных пожара с общей площадью 99.902 га. Для тушения лесных пожаров задействованы 247 человек, в том числе 52 из местного населения.
⭕️ В местности Сыгыннахтах на расстоянии 4,5 км от с. Оргет действует пожар с площадью 27 га.
❎️ Лесной пожар на территории Сургулуксого наслега в местности Түҥ с площадью 61.700 га ЛОКАЛИЗОВАН
⭕️ В местности Ньыкагы урэгэ Харбалахского наслега действует лесной пожар с площадью 38.065 га.
❎️ Лесной пожар в местности Сэбэки на расстоянии 14,5 км от с. Куду с площадью 22 га ЛОКАЛИЗОВАН.
#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары

64 харахтаах дуобакка Аан дойду чемпионатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн 9 спортсмен кыттыыны ылыахтара. Саха Сирин сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар Үөһээ Бүлүү улууһуттан Дайаана Кондратьева чемпионатка кыттыыны ылыаҕа.
Дайаана Кондратьева – дуобакка спорт маастара, Европа чемпионатын призера, Россия, Европа, Аан Дойду бастыыр иһин күрэхтэһиилэрин кыайыылааҕа уонна призера.
Дайаана дуобатынан 4-с кылаастан дьарыктанар. Дуобакка Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо спорт оскуолатыгар тренер Сардаана Терентьеваҕа дьарыктанан саҕалаабыта. Онтон кэлин Дьокуускай куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү тренерыгар 5-с нүөмэрдээх оҕо спорт оскуолатыгар Иван Павловка дьарыктанар.
Аан дойду дуобакка чемпионатыгар Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх дуобатчыт Саха Сирин, бүтүн Россия чиэһин көмүскүүрүттэн киэн туттабыт уонна Дайаанаҕа үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
#Шашки
#ЧемпионатМираПоШашка
#ДайаанаКондратьева

Быйыл Далыр оскуолатыгар "Земский учитель" федеральнай бырагыраамма конкурсугар кыайан Тыва өрөспүүбүлүкэтиттэн үрдүк категорялаах математика учуутала Донгак Шончалай Хажыт-ооловна үлэлии кэлэрэ күүтүллэр.
"Земский учитель" бырагыраамманнан улууспутугар Боотулуу, Сургуулук оскуолаларыгар - математика, Туобуйа оскуолатыгар - биология уонна химия учууталлара ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Улуус оскуолаларыгар уопсайа 54 учуутал миэстэтэ аһаҕас.
Улуус үрдүнэн 24 оскуола, 15 оҕо уһуйаана, 6 эбии үөрэхтээһин дьиэлэрэ оҕолору көрсөргө бэлэмнэрин туһунан үөрэҕэрии салалтатын салайааччыта Юрий Васильевич Кынатов иһитиннэрдэ.
Аҕыйах хонугунан бары оскуолаларга маҥнайгы чуораан чугдаарыа. Быйылгы үөрэх сылыгар Үөһээ Бүлүү улууһугар 320 оҕо бастакы кылааска үөрэнэ киирээри маҥнайгы чуорааны долгуйа кэтэһэллэр.
#УчебныйГод
#Образование

Forwarded from ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
Үөһээ Бүлүүгэ аан маҥнайгытын Билии күнүн көрсө оҕолорго, төрөппүттэргэ анаан «Дьоҕургун таба тайан» улуус эбии үөрэхтээhин тэрилтэлэрин дьаарбаҥката балаҕан ыйын 2-с күнүгэр ыытыллар.
Дьаарбаҥканы тэрийэр үлэ хамыыһыйата атырдьах ыйын 26 күнүгэр улуус баһылыгын Валерий Валерьевич Николаев сорудаҕынан сүбэ мунньаҕы ыыттылар. Мунньахха эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин салайааччыларын кытта Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Уларова Анна Михайловна дьаарбаҥканы тэрийиигэ кэпсэтиини ыыттылар.
Дьаарбаҥкаҕа кэлэн эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр ханнык куруһуоктар, секциялар үлэлииллэрин билсиэххитин уонна суруйтарыаххытын сөп.
Тэрээһин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Сиригэр Оҕо, Үөһээ Бүлүүгэ Түмсүү сылларын чэрчитинэн ыытыллыаҕа.
Дьаарбаҥкаҕа кыттыыны ылыахтара: “Тускул” оҕо киинэ, “Оҕо технопарката”, “К.С.Чиряев аатынан норуот педагогикатын түмэлэ”, “Бокс оскуолата”, “Оҕо спортивнай оскуолата”, “Н.И. Бойлохов аатынан оҕо искусствотын оскуолата”, “Оҕо библиотеката”, “Үөһээ Бүлүүтээҕи история уонна этнография түмэлэ” уонна да атын тэрилтэлэр.
Маны таhынан эһигини күүтэллэр - үрдүк таһымнаах педагогтар маастар-кылаастара, оҕолор "Мин бастакы бизнеһым" атыылара-эргиэннэрэ, ону тэҥэ мини-футболга курэхтэhии.
Күндү Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэнээччилэрин, төрөппүттэрин балаҕан ыйын 2-с күнүгэр күнүс 14:00 чаастан "Үс хоһуун" стадиоҥҥа «Дьоҕургун таба тайан» дьаармаркаҕа ыҥырабыт!
#Ярмарка
#ДеньЗнаний
#ВерхневилюйскийУлус
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата

Дьокуускай куоракка 21-с нүөмэрдээх суһал медицинскэй көмө бригадатыгар анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын, Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгиттэн төрүттээх фельдшер Сидоров Федор Александрович аата иҥэрилиннэ.
Биир дойдулаах байыаспыт, Аҕа дойдуну көмүскээччи анал байыаннай дьайыы хонуутугар геройдуу сырдык тыынын толук уурбут Федор Сидоров сырдык аатын үйэтитэргэ анаан тустаах бирикээһи Саха Өрөспүүбүлүкэтин бюджеттаах тэрилтэтэ "Суһал медицискэй көмө ыстаансыйатын" сүрүн бырааһа Андросов Т.А. бүгүн атырдьах ыйын 27 күнүгэр таһаарда.
Үйэлэргэ умнуллубатын хорсун буойун аата!
#ВечнаяПамять

Состояние лесных пожаров в Верхневилюйском улусе на 28 августа:
На сегодняшний день на территории Верхневилюйского улуса действует 3 лесных пожара с общей площадью 38.202 га. Для тушения лесных пожаров задействованы 198 человек, в том числе 36 из местного населения.
⭕️ В местности Сыгыннахтах на расстоянии 4,5 км от с. Оргет действует пожар с площадью 27 га.
⭕️ В местности Ньыкагы урэгэ Харбалахского наслега действует лесной пожар с площадью 38.065 га.
❎️ Лесной пожар в местности Сэбэки на расстоянии 14,5 км от с. Куду с площадью 22 га ЛОКАЛИЗОВАН.
#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары
t.iss.one/ValeriNikolaev
На сегодняшний день на территории Верхневилюйского улуса действует 3 лесных пожара с общей площадью 38.202 га. Для тушения лесных пожаров задействованы 198 человек, в том числе 36 из местного населения.
⭕️ В местности Сыгыннахтах на расстоянии 4,5 км от с. Оргет действует пожар с площадью 27 га.
⭕️ В местности Ньыкагы урэгэ Харбалахского наслега действует лесной пожар с площадью 38.065 га.
❎️ Лесной пожар в местности Сэбэки на расстоянии 14,5 км от с. Куду с площадью 22 га ЛОКАЛИЗОВАН.
#ВерхневилюйскийУлус
#ЛесныеПожары
t.iss.one/ValeriNikolaev
Это твой шанс, действуй сейчас 🙌
✅ Подайте заявку на сайте якутиявперед.рф уже сегодня и присоединяйтесь к открытому отбору
Это ваша возможность:
⚡️ Проявить себя и показать свои таланты
⚡️ Прокачать навыки и получить новый опыт
⚡️ Войти в резерв управленческих кадров республики
Заяви о себе и раскрой свой потенциал!